Дьиэ тутуутугар албыннаппыттар бырааптарын көмүскээтилэр

Share

Дьокуускай куорат Кальвица уулуссатыгар турар элбэх кыбартыыралаах дьиэни кыһалҕалаах эбийиэктэр испииһэктэриттэн таһаардылар. Хаһаайын буолуохтаахтара табыллыбатах дьон толуйуу төлөбүрүн бары ыллылар диэн албыннаппыт дольщиктар бырааптарын көмүскүүр өрөспүбүлүкэтээҕи пуонда иһитиннэрэр.

Албыннаппыт дольщиктар бырааптарын «Фонд развития территорий» публичнай-правовой хампаанньа нөҥүө төнүннэрдилэр.

Санатан суруйдахха, «Строймонтаж-2002» ХЭУо тутууну 2018 сыл II кварталыгар бүтэриэх буолан баран, ылыммыт эбэһээтэлистибэтин толорботоҕо. 193 дольщик кыбартыыраларын ылбатахтара. Тутуу болдьоҕор кэһиилэр тахсан, эбийиэги кыһалҕалаах тутуулар испииһэктэригэр киллэрбиттэрэ. Ааспыт сыл от ыйыгар тутааччы Саха сирин арбитражнай суутунан эстибит тэрилтэнэн (банкрот) биллэриллибитэ.

Быйыл от ыйыгар СӨ арбитражнай суутун быһаарыытынан «Строймонтаж-2002» ХЭУо сиргэ учаастагын онно баар ситэрбэтэх эбийиэгин кытта быраабын биэрэр туһунан «Фонд развития территорий» публичнай-правовой хампаанньа сайабылыанньатын бигэргэттэ. Балаҕан ыйын бүтүүтэ суут быһаарыыта олоххо киирдэ, бу, эбийиэги кыһалҕалаах эбийиэктэр испииһэктэриттэн таһаарарга төрүөт буолар.

Онон өрөспүүбүлүкэҕэ кыһалҕалаах эбийиэктэр ахсааннара алтаттан биэскэ диэри аҕыйаата, албыннаппыт дольщиктар ахсааннара 500-тэн 307 диэри көҕүрээтэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев гаас-мотуор уматыга тиийбэт балаһыанньата хатыламматыгар сорудахтаата

"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кэлэр сыллааҕы бүддьүөт уонна Арассыыйа ядернай бэлиитикэтэ

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

3 часа ago