Салгыы
Дмитрий Песков Владимир Путин Саха сиригэр кэлэрин туһунан иһитиннэрдэ

Дмитрий Песков Владимир Путин Саха сиригэр кэлэрин туһунан иһитиннэрдэ

Ааптар:
25.04.2024, 20:41
Хаартыска: Арассыыйа бэрэсидьиэнин дьаһалтатыттан
Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сиригэр кэлэрэ былааннаммыт, хаһан кэлэрин Кириэмил иһитиннэриэҕэ.

Бу туһунан  пресс-сэкиритээр Дмитрий Песков суруналыыстарга иһитиннэрбитин туһунан ТАСС суруйар.  «Былааҥҥа турар. Болдьоҕо биллибэт, ол туһунан иһитиннэриэхпит», — диэн Песков эппит.

Санатар буоллахха,  Владимир Путин Уһук Илиҥҥэ сылдьар кэмигэр быйыл тохсунньуга Саха сиригэр кэлэрин былааннаабыта. Ол эрээри, күн-дьыл туругуттан сылтаан кэлбэтэҕэ. Кини хайаан да Саха сиригэр кэлиэм диэбитэ.  Кулун тутарга Владимир Путин СӨ Ил Дархана Айсен Николаевтыын көрсүбүтэ.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 мая
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 69% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: