Дьокуускай куораттааҕы Мэдиссиинэ киинэ хаачыстыба сэртипикээтин ылла

Дьокуускай куораттааҕы Мэдиссиинэ киинэ хаачыстыба сэртипикээтин ылла

02.04.2023, 11:15
Хаартыска Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтинпресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куораттааҕы Мэдиссиинэ киинэ 2022 сыл ахсынньытыгар мэдиссиинискэй көмө хаачыстыбатын уонна куттала суох буолуутун ирдэбиллэригэр сөп түбэһэргэ аудиты ааспыта.

Урут маннык хаачыстыба сэртипикээтин Мэдиссиинэ национальнай киинэ ылбыта. Сэртипикээт Росздравнадзор ыйыыларын 80-тан итэҕэһэ суох бырыһыанын толорбут мэдиссиинискэй тэрилтэҕэ бэриллэр.
Хаачыстыба сэртипикээтин кулун тутар 31 күнүгэр СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бастакы коллегиятыгар туттардылар. Росздравнадзор Хаачыстыбаҕа национальнай институтун эспиэрдэрэ Дьокуускай куораттааҕы Мэдиссиинэ киинин үлэтин 15 хайысханан сыаналаатылар.
Манна даҕатан эттэххэ, Дьокуускай куораттааҕы Мэдиссиинэ киинэ быйыл 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Онон, Росздравнадзор сэртипикээтэ балыыһа үлэһит уонна түмсүүлээх кэлэктиибигэр дьоһуннаах бэлэҕинэн буолла.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 6°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: