Дьокуускай саҥа оскуолатыгар уус-уран гимнастика саалата аһылынна
Дьокуускай куорат саамай улахан оскуолатыгар, 39-с №-дээх оскуолатыгар уус-уран гимнастиканан дьарыктанарга аналлаах саҥа саала аһылынна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран гимнастикаҕа федерациятын бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева саалаҕа эрчиллии хайдах барарын көрдө, эдэр гимнасткалары, тириэньэрдэри, оскуола салалтатын кытта көрүстэ.
Саҥа саала аһыллыыта успуорт бу көрүҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ сайдарыгар саҥа үктэл буолар. Манна дьарыктанарга анаммыт көбүөрдэр, помуостар бааллар. Түргэнник таҥыллар уонна хомуллар былаһааккаҕа Евгения Павлова дьарыктыыр «Бриллианты Туймаады» спортивнай кулуубун кыргыттара эрчиллиэхтэрэ.
Людмила Николаева «Бриллианты Туймаады» кыргыттара бу саалаҕа бастакы дьарыктарын көрдө, саҥа оскуола баазатыгар успуорт эстетическэй көрүҥнэрин сайыннарар туһунан дириэктэр Мария Прокопьеваны кытта кэпсэттэ. Людмила Валерьевна уус-уран гимнастиканан дьарыктанар оҕо ахсаанын элбэтэргэ федерация инники былааннарын үллэһиннэ. Ол туһуттан тустаах федерация оскуолалары уонна оскуола иннинээҕи тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээн саҕалаабыт. Оҕо бу көрүҥнэргэ ситиһиилээх буоларын туһуттан 3-4 сааһыттан саҕалаан дьарыктаныахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: