Олимпийскай чөмпүйүөн Ксения Дудкина саха кыргыттарын «Азия оҕолоругар» бэлэмниэҕэ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран гимнастикаҕа федерациятын бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева Арассыыйа уус-уран гимнастикаҕа федерациятын кытта кэпсэтиитин түмүгэр Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата Новогорскайга олимпийскай бэлэмнэнии киинигэр дьарыктаныаҕа. Кыргыттары эһиилги «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууга олимпийскай чөмпүйүөн, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын старшай тириэньэрэ Ксения Дудкина бэлэмниэҕэ.
Бу туһунан кулун тутарга Ксения Дудкина «Муус устар» ыччат бэстибээлигэр кэлэ сырыттаҕына кэпсэтии буолбута. Новогорскайга биһиги оҕолорбут дойду олимпийскай сүүмэрдэммит хамаандатын кытта тэҥҥэ, биир саалаҕа эрчиллиэхтэрэ.
Бу күннэргэ Ксения Дудкина Дьокуускайга кэлэ сылдьан гимнастиканан дьарыктанар кулууптартан, спортивнай оскуолалартан талыллыбыт гимнасткалары сүүмэрдээтэ. Людмила Николаева этэринэн, оҕолор үрдүкү олимпийскай мастарыстыба, дойду саамай бастыҥ гимнасткалара дьарыктанар, аан дойду уһулуччу уһуйааччылара үлэлиир эйгэлэригэр алтыһан, дьаныардаахтык, күүрүүлээхтик эрчиллэн элбэх билиини ылыахтара, спортивнай сатабылы иҥэриниэхтэрэ. Ксения Дудкина курдук үрдүк таһымнаах спортсмен, уһуйааччы Саха сирин хамаандатын ыларга сөбүлэспитэ — улахан табыллыы.
«Олимпийскай бэлэмнэнии киинин кытта сөбүлэһии биһиги хамаандабытыгар улахан эппиэтинэһи сүктэрэр. Маннык кыах көстүбүтүгэр Ксения Дудкинаҕа, Арассыыйа уус-уран гимнастикаҕа федерациятыгар, кини бэрэсидьиэнигэр Ирина Винерга улахан махталбытын тиэрдэбит», — диэн Людмила Николаева эттэ.
Ксения Дудкина талбыт оҕолоро ыам ыйыттан Новогорскайга олимпийскай баазаҕа олорон дьарыктарын саҕалыахтара.
СӨ уус-уран гимнастикаҕа федерациятын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: