Салгыы
Дьокуускайга эр киһи комиссионнай маҕаһыынтан перфоратор уорбут

Дьокуускайга эр киһи комиссионнай маҕаһыынтан перфоратор уорбут

Ааптар:
12.12.2024, 17:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах табаары уорбуттарын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.

Буруйу оҥорууга Амурскай уобаластан төрүттээх, эрдэ сууттана сылдьыбыт 46 саастаах киһи уорбаланар.

Быһаарыллыбытынан, уорбаланааччы маҕаһыыҥҥа атыылаһааччы быһыытынан киирбит. Атыыһыт атын атыылаһааччыны кытта турарын көрөн, стеллажтан перфораторы ылан кууркатын иһигэр кистээбит уонна тахсан барбыт. Уорбут малын атын дьоҥҥо атыылаабыт.

Уоруунан холуобунай дьыала тэрилиннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: