Дьокуускайга матаһыыкылынан икки суол саахала таҕыста
Дьокуускайга бэҕэһээ киэһэ, от ыйын 8 күнүгэр, матаһыыкыл массыынаны кытта харсыһыы түмүгэр икки суол быһылаана таҕыста. Матаһыыкыл суоппардара тиэхиньикэ ыытар дастабырыанньалара суоҕа билиннэ. Суоппардары балыыһаҕа киллэрдилэр.
Бу туһунан Саха сиринээҕи Гоставтоинспекция пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Барыллаан силиэстийэ быһаарытынан, «Ниссан Альмера» массыына 1962 с.т. суоппара дьиэ аттынааҕы территориятыттан Покровскайдааҕы тракка тахсан иһэн «Suzuki GSX-R600» матаһыыкылы аһардыбакка харсыста.
Кэлин арыый хойут матаһыыкыл массыынаны кытта харсыста.Барыллаан силиэстийэ быһаарыытынан, 1997 с.т. суоппара «Сузуки Гранд Витара» масыынанан Поярков-Пушкин уулуссалар быһа охсуһуутугар 1993 с.т. суоппар матаһыыкылын аһардыбакка харсыста. Матаһыыкыл суоппардара тиэхиньикэ ыытар дастабырыанньалара суохтара уонна шлемнаах айаннаан испиттэрэ быһаарылынна.
Госавтоинспекцияҕа матаһыыкылы туһааннаах дастабырыанньата суох ыытыы иһин 5000-тан 15000 солк. диэри суумалаах административнай ыстараап уонна тырааныспары анал стоянкаҕа илдьэн туруоруу көрүллэрин санаттылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: