Дьокуускайга оҕолор наркотигынан эргинэ сатаан сууттаныахтара
Дьокуускай борокуратуурата сааһын ситэ илик икки оҕо холуобунай дьыалатын түмүктээн суукка ыытта. Бу туһунан СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр.
Бу оҕолор РФ Холуобунай кодексын 3 ч. 30 ыст., п. «г» 4ч. 228.1 (покушение на незаконный сбыт наркотических средств, то есть умышленные действия лица, непосредственно направленные на незаконный сбыт наркотических средств, совершенные с использованием информационно-телекоммуникационных сетей (включая сеть “Интернет”), группой лиц по предварительному сговору, в крупном размере, если при этом преступление не было доведено до конца по независящим от этого лица обстоятельствам) буруйданаллар.
Силиэстийэ дааннайдарынан, буруйданааччыдар биллибэт киһини кытта интэриниэтинэн суруйан, наркотик кистэнэн сытар сирин билбиттэр. Онтон тиийэн салгыы эргинэр сыаллаах 44,403 гр «гашиштаах» 50 пакеты ылбыттар.
Ол кэнниттэн тута полицияларга тутуллубуттар.
Буруйданааччылар буруйдарын, бэйэлэригэр туһа таһаарынаары хамсаммыттарын билиммиттэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: