Дьокуускайга Туруктаах сайдыы V Хотугу пуорумун үлэтэ саҕаланна
Балаҕан ыйын 24-27 күннэригэр Дьокуускайга Туруктаах сайдыы V Хотугу пуорумун үлэтэ саҕаланна. Быйылгы пуорум сүрүн тиэмэтэ – Арктикаҕа олох дьулуура: эрэгийиэннэр, куораттар уонна холбоһуктар.
Аан дойду Арктикатааҕы уонна хотугу эрэгийиэннэрэ килиимэт уларыйыытын, айылҕа экосистиэмэтигэр кэһиллии тахсан, хамсыыр харамай, үүнээйи сорох көрүҥнэрэ сүтэн эрэллэрин, бырамыысыланнас өтөн киириитигэр хотугу норуоттар олохторун укулаатын чөл хаалларыы курдук сүҥкэн кыһалҕалары көрсөн эрэллэр.
Арктикаҕа уонна Хоту сиргэ олоххо дьулуур диэн, бастатан туран, бу кытаанах усулуобуйаҕа олорор киһи туһунан этиллэр, кини курдук төрөөбүт айылҕата намчытын, бэрт эрэйдээхтик оһорунарын билэр киһи суох.
Сайдыы ханнык суола баһылааһыны уонна чөл хаалларыыны тэҥҥэ тутан барыай? Тулалыыр эйгэҕэ таһаарар хоромньуну төһө кыалларынан аччатарга, ону тэҥэ олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ, олорорго үчүгэй усулуобуйаны тэрийиигэ хас биирдии киһи, эрэгийиэн туох оруоллаахтарый? Аан дойду үрдүнэн Арктикаҕа, Хоту сиргэ киллэриэххэ сөптөөх эйгэ баар дуо?
Дьэ бу боппуруостарынан Туруктаах сайдыы V Хотугу пуорумун пленарнай чааһа саҕаланна.
Пуорум кыттыылаахтарын Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ, хорутуулаах үлэни баҕарда.
“Биһиги Арктикаҕа олорор дьон харахпыт ортотугар уларыйыылар бара тураллар. Баатаҕайдааҕы котлован үөскээһинэ килиимэккэ, экосистиэмэҕэ олус улахан суолта бэриллиэхтээҕин эрэйэр. Манан сибээстээн арассыыйа-азиатскай консорциуму тэрийэри өйүүбүн, манна ХИФУ, Хотугу форум бары бииргэ үлэлэһиэхтэрэ. Саха сирин билим оскуолалара ыыппыт чинчийиилэрэ саҥа арктическай чинчийиилэргэ төрүт буолуохтара”.
Ил Дархан төһө да өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар сир баайын хостуур үлэлэр барбыттарын иһин, манна айылҕаны баһылааһын уонна чөл хаалларыы үлэтэ тэҥинэн барарын эттэ. Маны тэҥэ дойдуга атын ханна да суох этнологическай экспертиза, уопсастыбаннай экологическай хонтуруол баарын эттэ.
“Аҕыйах күнүнэн биһиги өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннас күнүн бэлиэтиэ. Хайа баҕарар кэм тулхадыйбат сыаннастары туруулаһыыга эппиэтинэһи бэйэлэригэр ылар лиидэрдэри таһаарар. Оннук дьонунан биһиги бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев уонна Арктика барыта өйдүүр киһитэ Артур Чилингаров буолаллар. Баҕарыам этэ, эһиги оҥорон таһаарыыларгыт, дьүүллэһиилэргит түмүктүүр докумуон буоланнар, эрэгийиэннэр ситэриилээх, сокуону оҥорор былаастарын уорганнарын үлэлэригэр, быраактыкаҕа туһаныллалларыгар.
Хайлун Сюэ, «Сюань Юань» норуоттар икки ардыларынааҕы корпорация толорооччу бэрэсидьиэнэ (Харбин, КНР):
“Манна талааннаах салайааччылар үлэлииллэр, кинилэр Саха сирин сайдыытын туһунан саныыллар. Биһиги эрэ корпорациябыт буолбатах, элбэх кытай тэрилтэтэ Арассыыйаны, Саха сирин кытта үлэлэһиэхтэрин баҕараллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ситиһиини, экэниэмикэҕит түргэнник сайдарыгар баҕарабыт.
Юрий Варакин, РФ Гидрометеорологическай билим-чинчийэр киинин дириэктэрин солбуйааччыта:
“Салгын температурата ханна баҕарар рекордары охсо турар. Холобур, быйыл балаҕан ыйыгар 150 сыл устатыгар Москваҕа хаһан да буолбатах сылаас күн-дьыл турар. Аны Саха сиригэр эрэ буолбакка атын арктическай да оройуоннарга тыал биэрэр ноҕорууската наһаа улаатта. Биһиэхэ Америкаҕа курдук торнадо түһэрин түспэт эрээри, күүстээх тыал ойуур баһаара турарыгар, о.д.а. кутталлаах. Кураанах этиҥ улам-улам хотугу кэтирээһин диэки көһөн иһэр, бу эмиэ ойуур баһаара турарын күөртүүр. Ити аата ханна эрэ уу аҕыйаан, ханна эрэ эбиллэн иһэрин көрдөрөр. Итини барытын эрдэттэн көрөн, дьаһал ылан иһиэххэ наада”.
Пуорум кыттыылаахтара аныгы билиини тэҥэ локальнай билиини туһанан, бары биир санаанан үлэлиэҕиҥ, быһаччы бырайыактары оҥоруоҕуҥ диэн санааҕа түмүстүлэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: