Дьокуускайга үөрэх тиһигин үлэһиттэрин үгэс буолбут сүбэ мунньаҕа ыытыллыаҕа
Киин куоракка атырдьах ыйын 21-23 күннэригэр үөрэх тиһигин үлэһиттэрин үгэс буолбут сүбэ мунньаҕа ыытыллыаҕа.
Быйыл атырдьах ыйынааҕы мунньах ««Воспитание личности в едином образовательном пространстве» диэн тиэмэҕэ буолар. Аныгы олоххо үөрэх эйгэтэ саҥа ньыманы туһаныыны ирдиир уонна бу тиэмэни дьүүллэһии саҥа стратегиялары оҥорорго көмөлөһүөҕэ. «Үөрэх тиһигин сүрүн соруга — оҕолору киэҥ билиилээх-көрүүлээх, наадалаах компетенциялардаах, көхтөөх уонна гражданскай позициялаах иитэн таһаарыы буолар. Ону таһынан билигин үөрэх хаачыстыбата БКЭ эрэ кээмэйдэммэт. Сүрүн ирдэбилинэн оскуолаҕа эдэтинэ иитэн, үөрэтэн выпускниктары үлэ ырыыныгар бэлэмнээн таһаарыы буолуохтаах», — диэн эрдэ Айсен Николаев бэлиэтээбитэ.
Атырдьах ыйынааҕы мунньах үөрэх уонна иитии хаачыстыбатын тупсарыыга өрөспүүбүлүкэ профессионалларын түмэр.Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр бэлиэтииллэринэн, пуорумҥа учууталлар, үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, төрөппүттэр уонна уопсастыбьаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ санааларын атастаһаллар. Кыттааччылар үөрэх эйгэтигэр ситиһиилээхтик туттуллар уопуттарын уонна саҥа идиэйэлэрин кытта үллэстэллэр. Бу Саха сирин үрдүнэн туһалаах быраактыканы уонна мэхэньииһимнэри арыйарга көмөлүөҕэ. Сүбэ мунньах кэмигэр кэлэр үөрэх дьылыгар үөрэх хаамыытын тупсарыыга туһуламмыт тутаах идиэйэлэр уонна бырайыактар оҥоһуллуохтара.
«Атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньах быйыл ураты суолталаах — 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, оттон Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. Оҕолору үөрэтии уонна иитии — бу дойду судаарыстыбаннай бэлиитикэтин тутаах хайысхата», — диэн бэлиэтээтэ Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова. Пуорум чэрчитинэн төгүрүк остуоллар, сэминээрдэр, стратегическай сиэссийэлэр, о.д.а. тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Оттон Саха сирин үөрэҕин тиһигин үлэһиттэрин пленарнай мунньаҕа Ил Дархан Айсен Николаев кыттыылаах атырдьах ыйын 21 күнүгэр Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар ыытыллыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: