Донбасска — 20 күн (үһүс чааһа)

Донбасска — 20 күн (үһүс чааһа)

Ааптар:
28.01.2023, 20:00
Бөлөххө киир:

(Бүтүүтэ. Иннин хаһыат манна ааҕыҥ: бастакы чааһа, иккис чааһа)

Доруобуйаҕын көрүн

Волновахаттан түүн төннөн иһэбит. Мариупольга киирии­гэ күлүүкэлээх шахтер статуя­тын аттынан ааһан баазабытыгар кэллибит. Куолубутунан ибили сылайан, күөмэйи сайҕа­наат, утуйар аакка бардыбыт. Азов муора таһа олус сииктээх килии­мэттээх, онно эбии уонна дьиэ­лэр оттуллубаттар, сииктээхтэр. Ол иһин сарсыарда-­киэһэ күөмэй­гин хайаан да сайҕана сылдьыахтааххын, инньэ гымматахха, тута күөмэй ириҥэрэр. Хас да уолбут төбөлөрө, күөмэйдэрэ ыалдьыталаан, “стройтан тахсыталыы” сылдьыбыттара. Уопсайынан, Донбасска волонтердуу барарга олоххун уонна доруобуйаҕын страховкалыыгын. “Ассоциация волонтерской работы” дуогабар түһэрсэҕин. Өрүү буоларын курдук, “Барытыгар бэйэм эппиэтинэһи сүгэбин” диэн илии баттаталлар.

Волонтер аһылыга

Сарсыарда 06.00 чааска туран чэйдиибит. Аһылыкпытын “Бурый” диэн позывнойдаах саха уола наар астыыр. Киниэхэ хара үлэтигэр көмөҕө күн аайы икки дьуһуурунай уол сыһыарыллар. Аспыт буолунай – кэн­­сиэрбэ араа­­һа ыскылаакка кыстанан турар, ол гынан баран, барыта биир, хал гыннарар – тушенка, килька, рис, макарон. Ыксаан ырыынактан бэйэбит үппүтүнэн кыттыһан тууһаммыт сыа (киилэтэ 500 солк.), сибиэһэй ынах этэ (350 солк.) атыылаһан сиибит, астанабыт.

Экскурсия

Ити күн сорохпут балыыһаҕа үлэлии (лиип суох буолан, ыарыһахтары наһыылканан балыыһаҕа кирилиэһинэн үөһэ-таҥнары таһабыт) барда, сорохпут (сотору симиэнэтэ бүтэн дьиэлиэхтээх өттө) Мариуполь бэлиэ сирдэринэн экскур­сияҕа бардыбыт. Хамандыырбыт Василий Попов сүрүннээн Саха сириттэн сылдьар волонтердары талыталаата. Олорор куораттарын көрбөттөр эбит дуу, диэххит баҕар. Чахчы оннук. Байыаннай дьайыылар субу түмүктэммит куораттара – эйэлээх куораттан чыҥха атын сир. Түүнүн комендантскай чаас, күнүс патруль тохтотон докумуоннаргын бэрэ­биэркэлиэн сөп. Кистэл буолбатах, босхоломмут куораттарга диверсант, үспүйүөн кыйма курдук. Олору утары көстүбэтинэн анал сулууспалар үлэ бөҕөтүн ыыталлар. Ол үрдүнэн массыына эстиитэ, ытыалааһын курдук террористическай дьайыылар син биир тахсыталыыллар. Украина Сэбилэниилээх Күүстэрэ чугуйалларыгар миинэ бөҕөтүн ииппиттэрэ билигин да 100 бырыһыан ыраастана иликтэр. Оттон уонна үлэбит – күнү быһа волонтердуур үлэҕиттэн соло буолбаккын. Көҥүллэтиитэ суох харыс хам­саабаккын. Онон, ити экскурсияҕа диэри куораты олох кэрийбэккэ сылдьабыт. Биһиги уазикпыт “курутуой” диэн киэн туттабыт – “Гуманитарный центр” диэн суруктаах буолан тохтоппоттор, блокпостары (бу тугун ааспыкка суруйан турабын) курдары сылдьабыт, сороҕор “пробканы” кытта быһа көтүтэбит. Уазикпытыгар олорон маҥнай Азов муора кытылыгар тиийдибит, онно баар олохтоох чебуречнайтан ип-итии минньигэс, сүрдээх чэпчэки сыаналаах астарын ылан сиэтибит. Салгыы Мариупольга киирии стелаҕа, сэбиэскэй бастакы истребитель өйдөбүнньүгэр сылдьыта­лаан баран, саамай кэтэспит сирбитигэр, аан дойдуну аймаабыт “Азовсталь” супер-собуот сиригэр-уотугар тиийдибит.

“Азовсталь”

Уруккута тимири уһаарар, билигин 11 квадратнай килэмиэтиргэ тиийэр аарыма иэннээх тимир уонна бетон былаастаах урусхалламмыт сиргэ тиийдибит. Олоҥхоҕо кэпсэнэр аллараа дойдуну бу “Азовсталь” билиҥҥи көрүҥүнэн ойуулуохха сөп буолуо.

“Азовсталь” туһунан үһүйээн онно элбэх. “Азов” националистическай батальон (Арассыыйаҕа бобуулаах) 3 000 байыаһа ыам ыйыгар манна бэриммиттэрин өйдүүргүт буолуо. Билигин даҕаны манна саһан сытар бүтүн взводтар баалларын кэпсииллэр. Тоҕо наһаа уһуннук, үс ыйы быһа, штурмалаабыттарай диир буоллахха, сир анныгар 41 сыах, 80 киэҥ помещение баар. Туннелларын уопсай уһуна 24 килэмиэтир. Туннеллар собуот аттынан устар Кальмиус өрүс аннынан кытары хаһыллыбыттар, олорунан куорат ортотугар тахсан кэлиэххэ сөп. Собуот хаһаа­йына миллиардер Ринат Ахметов сэрии­гэ эрдэттэн бэлэмнээбит. Кини спонсордаан “азовтары” собуот харабыла гына наймыласпыт. Олунньуттан сэрии тиэхиньикэтэ, боеприпас, бородуукта таһыллыбыт. Собуокка 12 000 киһи биир симиэнэҕэ үлэлиир кыахтаах. Бу нацбат кэккэтигэр собуот 400 үлэһитэ сэрииһитинэн киирбит. Абааһы бэйэтэ мунар катакомбаларыгар, туннелларыгар бу сэрииһит буолбут металлурдар ыйан-кэрдэн биэрэн, анарааҥҥылар көмүскэнэллэригэр табыгастаммыт. Маны таһынан, эйэлээх олохтоохтору хахха оҥос­тубут буоланнар, Арассыыйа байыаннайдара “осада” ньыматын туттарга күһэллибиттэрэ, үс ыйынан бэриннэрбиттэрэ.

Үөһээ эппит үһүйээммиттэн биирдэстэрэ: алтынньыга сүүсчэ байыас сир аннынааҕы туннеллартан, байыаннайдыы эттэххэ, соһуччу “вылазка” оҥорон кыргыллыбыттар, билиэн түбэспиттэр дииллэр. Ол иһин билигин да бу эбийиэк кыраҕы харабыл­лааһыҥҥа турар. Кими да киллэрбэттэр да, таһаарбаттар да.

Мариуполы босхолоон баран, куораты кытта тэҥҥэ, бу эби­йиэк таһын ыраастаабыттар. Кэп­сииллэринэн, собуот сиригэр-­уотугар иһигэр да, таһыгар да, сүүһүнэн урусхалламмыт тааҥка, БТР, БМП уо.д.а. тиэхиньикэ сыппыта үһү. Барытын суох гына соһуталаабыттар. Арай биир умайбыт БТР-ры “кэриэс-хому­руос” гына хаалларбыттар быһыылаах – умайан баран дьэбин тардыбыт сэрии тиэхиньикэтэ ол ынырыктаах кыргыһыы туоһута буолан билигин да турар…

Кальмиус муостата

“Азовсталь” собуот таһынан Кальмиус диэн өрүс устар. Бу эмиэ туспа ынырык өйдөбүнньүк. Чуолкайдаан эттэххэ, Кальмиус муостата Мариуполь илин өттүгэр, ол аата, Арассыыйа хайысхатыгар, турар. Байыаннай дьайыылар кэмнэригэр Арассыыйа диэки бэйэлэрин тиэхиньикэлэринэн куота сатаабыт эйэлээх олохтоохтору ыытымаары, өстөөхтөрүн киллэримээри, бу муостаны нацбаттар буомбалаабыттар. Урусхалламмыт муоста үрдүгэр билигин да уонунан массыына, араас тиэхиньикэ түҥ-таҥ түһэн турар. Арассыыйа куораты нацбаттартан босхолоон баран, эргэ муостаны чөлүгэр түһэрэ сатаабакка, аттынан сабыс-саҥа муос­таны тутан кэбиспит.

Түмүк оннугар

Донбасска сырыыбын сырдатыыбар туочука туруорарбар, волонтер үлэтэ соччо көстүбэтэр да, улахан суолталааҕын бэлиэтиибин. Манна урусхалламмыт сиргэ үлэһит илии, хара үлэни босхо толорор киһи олус наада. Бииринэн, үлэһит илии сип-сибилигин наада. Иккиһинэн, маннык сирдэргэ киһи мээнэ таласпата өйдөнөр. Олох бэрээдэктэнэн бардаҕын ахсын манна волонтердары хамнастаах, үлэ дуогабарын туппутунан баста­йааннай кэмҥэ үлэлии кэлбит дьон сыыйа солбуйаллар. Олоххо туох да, хаһан да түргэнник буолбат. Сыыйа тутааччылар, олох араас эйгэтин сулууспалара элбээн, куорат тупсан, уларыйан иһэр. Мариуполы таһынан, Кировскай, Мелитополь куораттарга чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ бара тураллар. Бу байыаннай эпэрээссийэ кыа­йыынан түмүктэнэ охсон, эйэлээх олох кэлэрин бары баҕарабыт. Оччотугар билигин буомбалана турар Донецкай, Северодонецкай уо.д.а. куораттарга байыаннайдары тутааччылар солбуйан, эйэлээх олох эбийиэктэрин тутан барыа этилэр.

Прокопий БУБЯКИН,
Амма улууһун Эмис нэһилиэгин баһылыга,
“Саха сирэ” хаһыат
2017-2018 сс. кылаабынай эрэдээктэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: