Дорообо, Сахам сирин кыыдааннаах кыһына! (Дьүһүйүү)
Биһиги, сахалар, дьоллоох дьоммут!
Тыйыс айылҕалаах, тоһуттар тымныылаах дойдуга олорор, үлэлиир, айар- тутар буоламмыт, тоҥтон толлубаппыт, ириэнэхтэн иҥнибэппит! Бургунас оҕус муоһа булгу барар тымныытыгар даҕаны саха хоһууна үлэтин-хамнаһын тохтоппот: мууһун — маһын бэлэмниир, сүөһүтүн — аһын көрөр, аар тайҕатыгар бултаан — алтаан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэр. Кини ханнык да күчүмэҕэй кэмҥэ уһун тыыннанар, киэҥ көҕүстэнэр!
Дьэ ол да иһин биһиги тымныыбытын таптыыбыт, кимиэхэ да биэрбэппит!
Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ урукку кэмнэргэ, араадьыйа, тэлэбиисэр суох эрдэҕинэ, саха ыалыгар остуол тула олорон, кыраһыын лаампатын сырдыгар саха литэрэтиирэтин чулуу айымньыларын дорҕооннноохтук ааҕар этилэр. Ол кэмнээҕи таабырын таайсыылаах, кинигэ ааҕыылаах дьоро киэһэлэри мин саастыылаахтарым өйдүүллэрэ буолуо. Мин биир бэйэм оннук кыһыҥҥы киэһэлэртэн саҕыллан, уран тыл умсулҕанын иҥэриммитим буолуо.
Биһиги оҕо эрдэхпитинэ, холкуостаахтар харчынан хамнас диэни билбэт этилэр. Ол оннугар көлөһүн күннэрин нотууранан , ол эбэтэр арыынан , куулунан хаппыыстанан, о. д. а. ылалларын өйдүүбүн. Аҕабыт, элбэх оҕотун киһи — хара оҥороору, үлэтин таһынан баай хара тыатыгар бултуура, сохсолоон — туһахтаан куобах бөҕөтүн уһаарара.
Куобаҕы бүтэйдии сүлэн таһырдьа этин тоҥорон баран, дьаарыстаан иһэллэрэ. Ийэбит түүн хойукка диэри олорон куобах тириитин имитэрэ. Ол тирииттэн үтүлүк, бэргэһэ, кээнчэ тигэрэ. Сороҕор, бэл, суорҕан аттарара.
Биһиэхэ, оҕолорго, саамай күүтүүлээх уонна үөрүүлээх кэм — аҕабыт сыарҕалаах атынан куоракка хас да бэрэмэдэй муҥунан куобах этэ атыылыы барыыта буолара!
Өйдүүбүн: дьыбардаах киэһэ, кулгаахпыт иһэлийиэр диэри, сыарҕа тыаһа сырылыырын истэрбитин.
Дьэ, куорат кэһиитэ диэн туох буоларай? Сыттык курдук быһыылаах кэмпиэт, таас курдук кытаанах куһуок саахар, быаҕа тиһиллибит токуккай / аныгылыынан сууска/; аҥара кыһыл , аҥара күөх дьүһүннээх эрэһиинэ мээчик! Ол, онно биһиги төһөлөөх үөрэр этибитий?! Биирдэ эмит гуттаперчевай мээчик кэллэҕинэ, олох улуу дьол буолара!
Хаар — хаар барахсан оҕо аймахха күндү да буолара! Иллэҥ эрэ буолларбыт, хаарга буккуллан тахсарбыт! Кыраһа хаарга тиҥилэх үктүүрбүт, сыа хаарынан хаар киһини оҥорорбут, сэриилэһэ оонньуурбут, салаасканан сыыртан сырылыырбыт; тоҥуу хаарга сурук суруйарбыт, ойуоккалаан оһуор уурарбыт. Көмүрүө хаары ытыһан ылан сиирбит, ысыһа оонньуурбут. Хомурах хаар устун хаамарбыт — сүүрэрбит: ким тобулу үктээбэт эбитий диэн куоталаһарбыт.
Мин куруук санаан ылабын учууталбын Аргунов Иннокентий Афанасьевиһы. Таһырдьа хаар түһэ турдаҕына, кылааска киирэн иһэн, наар хоһоон ааҕара: » Сыа хаар түһэн тэллэҥниир да тэллэҥниир, этэрбэһим эристиин бэллэҥниир да бэллэҥниир!», эбэтэр: » Туналҕаннаах хаардарым
тохтон — сууллан түстүлэр!» Онно кылаас оҕото бары күлэ — үөрэ, сэргэхсийэ түһэрбит!
Дьэ, онон кыһыммыт барахсан үчүгэйэ үгүс, ахтылҕана алыс!
Дорообо, Сахам сирин кыыдааннаах кыһына! Дорообо, Сахам сирин ахтылҕаннаах кыһына!
Елена Прокопьева.
Хаартыска Дмитрий Черкашин түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: