Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрэр
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, массыына да уорбуттар, түөкүттэр киһини да албыннаабыттар.
Уус Алдан улууһугар Бороҕоҥҥо 1988 с.т. дьахтар өлүгэ көстүбүт. Дьокуускайга 1988 с.т. эр киһи доруобуйатыгар эмсэҕэлээһин оҥоһуллубут. Өрөспүүбүлүкэ киинигэр уонна Нерюнгри куоракка уоруулар бэлиэтэммиттэр, Дьокуускай куоракка 1964 с.т. дьахтартан 2,3 мөл. солк. сууматын сойбоппуттар («Центробанк» үлэһитэ буолбута буоланнар). Мииринэйгэ «BMW» массыынаны уоран илдьэ барбыттар.
Суукка устатыгар 9 баһаар умуруоруллубут. Өймөкөөн сэлиэнньэтигэр Центральнай уулуссаҕа баһаары умуруорбуттар, 1972 с.т. дьахтар өлүгүн булбуттар. Владимировкаҕа Центральнай уулуссаҕа чааһынай дьиэ баһаарыгар икки киһи өлбүт, кимнээҕин быһаараллар.
Киһи өлүүлээх суол-тырааныспар саахала бэлиэтэммэтэх.
Итирэн баран массыына ыыта сылдьар 7 киһи тутуллубут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: