Өймөкөөн Төрүтүгэр Кирсан Атласов аан бастакытын куоластаата
Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин быыбардыыр учаастага сарсыарда 8 чааска аһыллаатын кытта, эрдэ быыбардыы үөрүйэх дьон бастакынан кэлэн куоластаатылар.
Төрүттээҕи быыбардыыр учаастак хамыыһыйатын салайааччыта Светлана Босикова быыбар хаамыытын бу курдук иһитиннэрдэ:
— 439-с быыбардыыр учаастакка 197 быыбардыыр киһи испииһэккэ киирбит. Эбиэт саҕанааҕы чахчынан, 104 киһи куоластаата. 23 киһи болдьоҕун иннинэ куоластаабыта. Бу сүрүннээн ыраах учаастактарга олорор дьон. Бастакынан тыыл бэтэрээнэ, 90 саастаах Афанасий Десяткин кэлэн куоластаата. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Ульяна Слепцова иккис киһинэн куолаһын биэрдэ.
75 үбүлүөйдээх сааһын туолбут көхтөөх быыбардааччы Николай Никитиҥҥэ Өймөкөөн улууһун территориальнай быыбардыыр хамыыһайата ыыппыт бэлэҕин туттардыбыт.
18 сааһын туолбут 11 кылаас үөрэнээччитэ, байыаннай дьайыы кыттыылааҕын оҕото Кирсан Атласов олоҕор аан бастакытын куоластаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: