Салгыы
Эн диэки кылап-халап көрүү элбиир  кэмэ…

Эн диэки кылап-халап көрүү элбиир  кэмэ…

Ааптар:
08.03.2024, 14:45
Бөлөххө киир:

Кэрэ аҥаардарбыт бырааһынньыктара чугаһаан, куорат иһэ оргуйан олорор быһыылаах. Оттон мин биирдэ эмэ тайах маспын кыбынан таһырдьа күүлэйдии түһэн дьоллонор киһи, ханна ыраатыамый? Ол да буоллар, кэргэммэр, кыргыттарбар, кийииттэрбэр, сиэннэрбэр бэлэхпин умнубат оҕонньорбун. Куруук даҕаны соһуччу бэлэхтэри оҥортуур буоламмын, бары да күүтэллэр.

Бу күннэргэ мин кинилэргэ  солкуобай  иэстээҕим курдук, үөннээх соҕустук кылап-халап көрөллөрө элбээбитин көрө-билэ сылдьабын.  Бассааппын* (*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России) кылатан көрдөхпүнэ, кэрэ аҥаардар эр дьонноругар наскы бэлэхтээн үөрдүөхтэрин  туһунан “сааналлара” элбэх этэ.  Миэхэ ким да наскы бэлэхтии илик (биэрбиттэрэ да буоллар, сириэм суох этэ). Оттон мин кинилэри махровай наскылаан харыс үрдээн сылдьыбыттааҕым. Ол хайдах этэй?

Былырыын бассаапка* наскы туһунан кэпсэтии, хаартыска  эмиэ  тарҕаммыта аҕай. Мин дьээбэм дэлэ дуо? Барыларыгар суол-суол күндү соҕус бэлэхтэри оҥорбутум. Бэлэхтээх бакыатым  түгэҕэр дьиибэ кылабачыгас хоруопкалар бааллара.  Бары бэлэхтэрин тутан остуол тула  үөрэ-көтө олорон, аны ол кылабачыгас хоруопканы арыйан баран күлэн быара суох сыталларын көрүөххэ үчүгэйэ сүрдээҕэ. Ол кылабачыгас хоруопкаларга хас биирдиилэригэр кэрэчээн ойуулаах наскылары укпутум эбээт! “Ну, деда дает!..” – дии-дии сиэннэрим, хата, хайҕал бөҕө этилэр. Аныгылыы этэллэринэн, креативнай бэлэҕи оҥорон “крутой деда” буолан турабын. Өссө онон эрэ бүппэтэҕэ. Кыргыттар уонна кийииттэр хантан эрэ былыргы түүппүлэлэрин  була охсон дуу, уларсыһан дуу, ол бэлэх наскыларын кэтэн, били инстаграм диэн тэриллэригэр “надо пойти куда-то танцевать” дии-дии видео устан ыытан,  лайк бөҕөтүн хомуйбуттар этэ. Киһи да күлэр ээ…

Онон, доҕоттор, киһиэхэ булгуччу күндү бэлэх эрэ буолбакка, сүрүнэ, ис дууһаттан уонна көрдөөх-күлүүлээх эрэ буолуон наада.

Оттон быйыл тугу толкуйдуурум буолла? Үөлээннээхтэрбиттэн ыйыталаһан  көрдөхпүнэ, барахсаттарым сорохтор: “Бэлэх ылар да, биэрэр да диэн тугун умнубуппут ыраатта, биэнсийэбитин харахпытыгар да көрбөппүт”, – диэн хомолтолорун этэн аһараллар. Ити сыыһа дии саныыбын. Бу тиэмэҕэ туспа куолулуохпун сөп этэ да, чэ, бырааһынньыктааҕы настарыанньаны алдьатымыым. Алы гыныҥ.

Үйэ сайдан, бырааһынньыгы да ыытарга араас өҥө элбээбит, дьиэҕэ олорон тугу баҕарар сакаастыахха сөп курдук. Бэл, сиэннэрим биһиэхэ кэллэхтэринэ даҕаны, биһиги уруккулуу куһуогунан буһарар мииммитин улахан аска холооботтор. Хантан эрэ сакаастаан хоруопка муҥунан пицца, сасылыык уонна дьиэни барытын тунуйар туох эрэ сытыы сыттааҕы аҕалтаран, онтуларын мотуйан тахсаллар. Итинник аһаабыт оҕолор төһө  чиҥ доруобуйалаах, дойдуну көмүскүүр кыахтаах дьон буола улааталлара буолла диэн аараттан ытырыктатан ылабын.

Ээ, мин сылтах көстүбүччэ, син биир чугас маҕаһыыннарбар тахсыам. Дьоммун үөрдэргэ аналлаах бэлэхтэрбин бэйэм илиибинэн тутан-хабан, сыттаан, имэрийэн-томоруйан ыларбын, атыылаһарбын ордоробун. Өссө үөрэрим диэн, сыл аайы дьахталлар бырааһынньыктарын биир хонук иннинэ сибэккилээх оптуобус түннүгүм анныгар бу күлтэйэн турар буолар ээ. Ама, онно тахсыбат оҕонньор буолуом дуо? Бээ, буораҕым билигин да баар. Буолаары буолан, кэрэ аҥаардар тустарыгар!

Биэтэс Билээхэп

(*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: