Евгений Григорьев: «Бэрэсидьиэн өйөбүлүнэн Саха сирэ сайдыы суолугар үктэннэ»
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев саныырынан, дойду Бэрэсидьиэнэ өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар уонна бүттүүн Саха сиригэр болҕомтотун ууруута дьон олоҕун биллэрдик үчүгэй өттүгэр уларытта.
«Дьокуускайга олорор хас биирдии киһи биһиги куораппыт хайдахтаах курдук тупсубутун, кыраһыабай буолбутун бэлиэтии көрөр буолла. Биһиги олорорго табыгастаах, тупсаҕай оҥоһуулаах саҥа дьиэлэри тутабыт, дьону хаарбах дьиэлэртэн көһөртүүбүт. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын уулуссалара уларыйдылар, Дьокуускайга саҥа сынньалаҥ сирдэр, бэртээхэй пааркалар баар буоллулар», – диэн Дьокуускай куорат баһылыга бэлиэтээтэ.
Евгений Григорьев этэринэн, өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар буолар сүҥкэн уларыйыылар Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта быһаччы сибээстээхтэр:
«Кини өйөбүлүнэн Дьокуускай куорат сайдыы саҥа көҕүлүүр күүһүн ылла. Дойду лиидэрэ киин куоракка уонна Саха сиригэр ураты болҕомтотун ууруута Дьокуускай олохтоохторун олохторун уларытта», — диэн мээр кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: