Салгыы
Глобальнай сылыйыы. Куттал дуу, туһа дуу?

Глобальнай сылыйыы. Куттал дуу, туһа дуу?

Ааптар:
04.10.2022, 18:21
Бөлөххө киир:

Аан дойду кэнники кэм устата сылыйа турарын ким даҕаны мэлдьэһэр кыаҕа суох. 1901 сылтан 2012 сылга диэри олорор планетабыт ортотунан 0,89±0,20 °C сылыйбыта биллэр. «Баара суоҕа 1 кыраадыс эрэ дуо?” диир сыыһа – аан дойду туруга сылаас уонна тымныы бэрт чопчу балаансатыгар тайанар. Бу сылыйыы мээнэҕэ «глобальнай» диэн ааттаммат – килиимэт уларыйыыта үгүс сир-дойду айылҕатын олоччу уларытар кыахтаах. Ол эрэн, бу балаһыанньаҕа биир түгэни умнумуох тустаахпыт – аан дойду биир кэлимсэ сылыйбат. Ханна эрэ бу дьайыы суоҕун кэриэтэ, ханна эрэ сылыйыы тэтимэ ордук сыыдам. Холобур, биһиэхэ, Саха сиригэр.

Кураан – сылыйыы аргыһа

Арассыыйа тымныы дойдуларга киирэр, онон биһиэхэ сылы­йыы тэтимэ аан дойдуну кытта тэҥнээтэххэ ортотунан үс төгүл үрдүк, бу чахчыны Росгидромет чинчийээччилэрэ бигэргэтэллэр. 1990-с сыллартан 2020 сылларга диэри салгын сылааһа кыһын 4°С кыраадыс, сайынын 2,5°С сылыйбыта көстөр. ВШЭ, РАНХиГС уонна РАН исписэлиистэрэ 2022 сыл бэлэмнэммит дакылааттарыгар дойду экэниэмикэтигэр, дьон олоҕор,  экологияҕа глобальнай сылыйыы дьайыыта икки хайысхаҕа арахсар:

Бастаан көрдөххө, Хоту, соҕуруу Сибиир уонна Уһук Илин эрэгийиэннэригэр сылыйыы сүрүннээн үтүө дьайыылаах – дьон олоҕо тупсар, оттук кэмэ кыччыыр.

Иккис өттүттэн көрдөххө, Арассыыйа соҕуруу эрэгийиэннэригэр, Поволжьеҕа, истиэп та­­йаан сытар сирдэригэр кураан күннэр элбииллэр, үүнүү мөлтүүр.

Бу сабаҕалааһын буолбатах, кэнники сылларга хомуллубут статистика чахчылара. 2021 сыл Арассыыйа киин эрэгийиэннэригэр сөҥүү нуорматыттан 76% эрэ түспүт, Приволжьеҕа онтон тутах – сөҥүү 71% эрэ түспүт. Бу дойдубут сүрүн бурдугу үүннэрэр, стратегическай суолталаах үрдүк үүнүү үүнэр сирдэрэ. Өскөтүн ааспыт курааны күн-дьыл туругар соҥнуохха сөп эбит буоллаҕына, 10 сыллаах кээмэйдээһин көрдөрүүтэ туох да саарбаҕа суох килиимэт уларыйыытыгар киирсэр. Росгидромет уон сыл­лаах кэтээһиннэрин көрдөрүүлэрэ үгүс уобаластарга сөҥүү ахсаана 4–5% кыччаабытын көрдөрөр. Оттон Арассыыйа арҕаа-хотугулуу эрэгийиэннэригэр сөҥүү ахсаана 2,5% төгүл үрдээбит.

Хоту сылыйар

Дакылаат ааптардара сылы­йыы аҕалар муҥутуур кутталлара Арктика оройуоннарын кытта сибээстээҕин этэллэр. Биллэрин курдук, Арктикаҕа сылыйыы тэтимэ аан дойдуну кытта тэҥнээтэххэ 3-4 төгүл түргэнник бара турар. 2005 сыллаахха полюс таһынааҕы сир  2°С сылыйбыт этэ, оттон 2018 сылга ити көрдөрүү  4°С тэҥнэспит. Онон Парижтааҕы килиимэтиичэскэй сөбүлэҥ саамай санаа түһүүлээх чахчытын бигэргэппитэ.

Илиҥҥи Арктика муораларын уонна Карскай муора анныгар аан дойду уу аннынааҕы ирбэт тоҥун 80% сытар. Чинчийээччилэр этэллэринэн бу мууска сүүнэ кээмэйдээх углеводород саппааһа иҥэн сытар. Ити ирбэт тоҥ түргэнник энчириир түгэнигэр салгыҥҥа олус элбэх метан гаас быраҕыллар кутталлаах. Мин ыстатыйаларбын кэтээн ааҕар сурутааччыларбыт билэллэр – метан углекислай гаастааҕар (салгыы СО2) күн сылааһын тутар кыаҕа хас да төгүл  үрдүк. Онон эмискэ атмосфера бу гааһынан “байдаҕына” сылыйыы тэтимэ кымньыыламмыт курдук өрө көтөрө сабаҕаланар. Бу парниковай дьайыыны күүһүрдүү Арассыыйаҕа эрэ буол­бакка, аан дойдуга суоһуур кутталлаах.

Оттон бэтэрээнэн, бэйэбит дойдубут арктикатааҕы сирдэригэр туох куһаҕаны күүтүөххэ сөбүй? Муус уулуннаҕына байҕал таһыма үрдүүр, ол аата муора таһынааҕы олохтоохтор сирдэрэ былдьанар, төрүт бултуур уку­лааттара айгырыыр. Аныгы тутуулар, таас дьиэлэр акылааттара хамсыыр, урусхалланар. Ирбэт тоҥу чинчийэр учуонайдар бил­гэлэринэн 2050 сылга диэри ирии содула Арктикаҕа 5-7 триллион солкуобай ночооту аҕалыан сөп.

Оттон туох барыһы күүтүөхпүтүн сөбүй? Судургутук санаан көрдөххө Арктика муус­тара суох буоллахтарына Хотугу Муустаах байҕалынан быстыбат муора навигацията олохтонуон сөп, ол бу эрэгийиэн экэниэмикэтигэр сүүнэ улахан үтүө дьайыыны аҕалыан сөп. Ону өйдөөн, Арктика таһынааҕы дойдулар бэлиэр бырааптарын биллэрии­лэрэ, үллэстиилэрэ күүһүрэн турар. Ол түмүгэр, Арктика эрэгийиэнигэр Арассыыйа бүддьүөтүттэн хаһан да буолбатах элбэх үп салаллан эрэрин билигин да көрүөхпүтүн сөп.

Соҕуруу сут сыл үксүүр

Арассыыйа соҕурууҥҥу уобаластара билигин дойдуну аһынан-үөлүнэн хааччы­йар сүрүн сирдэринэн буолаллар. Краснодар кыраайа, Ростов уобалаһа бурдугунан дойдуну хааччыйаллар, тас дойдуларга атыылыыллар. Өскөтүн сылы­йыы тэтимэ уларыйбатаҕына ку­­раан күүһүрэн, сүрүн дьарыктара айгырыан сөп. Ону кытта сылаас муора кытылыгар  сынньалаҥы тэрийии эмиэ мөлтүүр туруктаах – өҥүрүк ку­­йаас сайыҥҥы үчүгэй күннэри аҕыйатар. Ол кэмҥэ Арассыыйа киин, хотугулуу арҕаа сирдэригэр килиимэт сым­наан, сөҥүү түһүүтэ элбээн, тупсан барыаҕа. Ол эрэн, бурдугу үүннэрии саҥа сылаас сирдэргэ толору көһөрө саарбах – Краснодар чернозем сирин арҕааҥҥы подзо­листай почвалара сатаан солбуйар кыахтара суох. Бу туһунан дакылаат ааптардарыттан биир­дэстэрэ, ВШЭ  география уонна геоинформа­ционнай технологиялар факультеттарын декана Николай Куричев суруйар.

Ордук куһаҕан балаһыанньаҕа сайдыы тэтимэ хаалбыт – улахан үп хамсаабат, аныгы технологиялар тиийэллэрэ уустук эрэгийиэннэр киирэллэр. Холобур, соҕурууҥҥу истиэп­тэр Астраханскай уобаластан Алтайга диэри кураан сыллар биллэрдик элбээбиттэр, оттон бу диэки  бурдугу үүннэрииттэн, сүөһү иитии­титтэн атын экэниэмикэ ха­­йысхалара олус мөлтөх сайдыы­лаахтар. Ордук уустук балаһыанньа Калмыкияҕа үөскээбит – сыл аайы сут кураан ахсаана элбээн иһэр, мэччирэҥ сирдэрэ кырыытыттан кумах куйаарга кубулу­йар. 2020 сылга 2,8 млн га оттонор ходуһалар уонна мэччирэҥ сирдэр баһаарга былдьаммыттар – бу туһанар сирдэрин аҥаара.

Глобальнай сылыйыы кэлэр  “улуу көһүү” төрүөтэ?

Урукку норуоттар “улуу көһүүлэрэ” килиимэт уларыйыытын кытта сибээстээҕин аныгы устуоруктар үгүстэрэ бигэргэтэллэр. Биир сиргэ кураан, сут бүрүүкээтэҕинэ, атын сиргэ ардах, быйаҥ аллан турдаҕына, биллэн турар, аччык сирдэртэн көһүү үөскүүрэ. Билигин онно майгынныыр хамсааһыннар үөскүөхтэрин сөп.

Сибиир, Уһук Илин диэки эрдэ кураанах турбут сирдэр өҥүрүк куйаастан куотан кэлэр дьонунан туһаҕа тахсыахтарын сөп. Эко бородууксуйаны оҥорор тыа хаһаайыстыбата, туризм сайдарыгар килиимэт сөптөөхтүк сылыйара күүтүллэр. Соҕурууҥҥу эрэги­йиэннэртэн Уһук Илин сирдэригэр дьону көһөрөр туһунан ­ыраахтааҕы кэмиттэн Арассыыйа бэлиитикэтин ыра санаата этэ. Глобальнай сылыйыы туох даҕаны эбии көҕүлээһинэ суох бу туол­батах былааны миэстэтиттэн сыҕарытыах курдук.

Уопсай сыанабыл көрдө­рөрүнэн килиимэт тупсуута Уралга, Арҕаа Сибиир соҕурууҥҥу өттүгэр уонна Уһук Илин эрэги­йиэннэригэр күүтүллэр – барыта 19 Арассыыйа эрэгийиэнэ. Килиимэт мөлтөөһүнэ Арассыыйа Европа өттүнээҕи уонна Поволжье эрэгийиэннэрин хаарыйара сабаҕаланар – уопсайа 15 эрэгийиэн.  Балык дириҥи былдьаһар, көтөр үрдүгү талаһар. Киһи-аймах даҕаны үчүгэй сир диэки талаһар, онон, көһүү процеһа саҕаланарыгар саарбах­тааһын суоҕун кэриэтэ.

Хайдах дьаһанабыт?

Дакылааты бэлэмнээбит чинчийээччилэр түмүктэрэ судургу – кэлэр уларыйыыларга эрдэттэн бэлэмнэниэх тустаахпыт. Оччоҕуна глобальнай сылы­йыыны кыһалҕа төрүөтэ эрэ курдук буолбакка, саҥа тоҕоостор үөскүүр кэмнэрин курдук ылыныахха сөп. Саҥа технологиялары туһаныы, “күөх энергетиканы” сайыннарааһын, дьону экологическай олоххо көҕүлээһин кэлэр уларыйыылары көрсөргө бэлэмниэн сөп.

Хаартыска РБК.ру саайтан ылылынна. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: