Салгыы
Горнайга волейболга күрэхтэстилэр

Горнайга волейболга күрэхтэстилэр

Ааптар:
08.03.2024, 17:30
Бөлөххө киир:

РФ успуорт маастарын кандидата, СӨ сүүмэрдиир хамаандатын чилиэнэ Конон Егорович Ноговицын сырдык аатын үйэтитэр  олорон эрэ волейболга күрэхтэһии Горнайга үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.

Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах икки күн устата ыытыллыбыт күрэскэ хамаандалар эрбии тииһин курдук эгил-тэгил кииристилэр. Күрэхтэһии түһүлгэтигэр Дьокууйскайтан, Горнайтан, Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Үөһээ Бүлүүттэн, Ньурбаттан хамаандалар ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кэлбиттэрэ билиннэ.  11 хамаанда спортсменнара үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр. Киирсии сытыы буолла.

Күрэс түмүгүнэн дьахталларга: 1 миэстэ — Үөһээ Бүлүү, 2 миэстэ — Чурапчы,3 миэстэ — Мэҥэ Хаҥалас.

Эр дьоҥҥо: 1 миэстэ — Мэҥэ Хаҥалас, 2 миэстэ — Конон бииргэ ооньообут хамаандата, 3 миэстэ — Дьокуускай.

Анал ааттар:

«Бастыҥ оонньооччу»: Лобанов Никита (Конон Ноговицын доҕоро) (15000 солк. бииргэ үөрэммиттэр бэлэхтэрэ). Дмитриева Анна, Үөһээ Бүлүү (иистэнэр массыына, олохтоох дьаһалта бэлэҕэ).

«Лучший нападающий»: Никитин Петр, Мэҥэ Хаҥалас (5000 солк., Ил Түмэн дьокутаата З.Н.Никитин туруорбут бэлэҕэ). Новгородова Сардаана, Чурапчы (5000 солк. Нарыйаана Куо бэлэҕэ).

«Лучший защитник»: Третьяков Александр, Дьокуускай (Лобзик, УФКиМС). Семенова Розалия, Үөһээ Бүлүү (иһит-хомуос нобуора, УФКиМС туруорбут бэлэҕэ).

«Полезный игрок»: Львов Эрсан (Лобзик, К.Ноговицын дьонун бэлэхтэрэ). Монастырева Ирина, Мэҥэ Хаҥалас (миксер, К.Ноговицын дьонун бэлэхтэрэ)

«Кэскиллээх оонньооччу»:  Акимов Семен, Горнай (бииргэ оонньообут доҕотторо бэлэх туттардылар).

Эр дьон уонна дьахталлар хамаандаларыгар муҥутуур кыайыылаахтарга СӨ инбэлииттэр түмсүүлэрэ шатер бирииһи туттарда.  Бэс-Күөлүттэн аймахтар ааттарыттан 12000 тыһ.харчынан бириэмийэ туттарылынна. Иккис миэстэни ылбыт кыайыылаах хамаандаҕа СӨ инбэлииттэр түмсүүлэрэ походнай остуоллары бириис быһыытынан туруорда уонна аймахтар ааттарыттан 5000 солк. харчынан бириэмийэ туттарылынна. Үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксибит хамаандаларга СӨ инбэлииттэрин түмсүүтэ казан туруорда уонна аймахтар ааттарыттан 5000 солк. харчынан бэлэх туттарылынна. Маны таһынан, Конон Ноговицын Бэрдьигэстээҕи табаарыстара Чурапчы хамаандатыгар биһирэбил быһыытынан 9500 солк. туттардылар. Оттон саамай ыраах сиртэн кэлэн кыттыыны ылбыт Ньурба улууһун хамаандатыгар 15000 солк. аймахтар ааттарыттан бириис быһыытынан бэрилиннэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи адаптивнай физкултуура уонна успуорт киинэ, СӨ инбэлииттэр түмсүүлэрэ уонна Горнайдааҕы физкултуура, маассабай успуорт управлениетын өйөбүллэринэн, сөбүлэҥнэринэн Конон Ноговицын аатын үйэтитэр соруктаах тэриллибит олорон эрэ волейболлааһын күрэхтэһиитэ үрдүк таһымнаахтык ааста, дьон-сэргэ астынна.

Тэрээһини Атамай нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата, култуура, успуорт киинэ иилээн-салайан тэрийэн ыыттылар.
Күрэскэ бирииһи олохтуурга кыттыспыт бар дьоммутугар, аймах-билэ дьоммутугар, уолбут Куонаан табаарыстарыгар, бииргэ үөрэммит доҕотторугар, тэрийсэн иилээн-салайан ыыппыт улууспут салалтатыгар, күрэхтэһиини кыраҕытык кэтээн көрбүт судьуйаларбытыгар, сүрүн судьуйаҕа, Конон Ноговицын тириэньэригэр Гаврильев Константин Дмитриевичка, дьаһалта, култуура, успуорт киинин бары үлэһиттэригэр, ыҥырыыбытын ылынан ыраахтан мустан кэлэн күрэхтэһиигэ көхтөөх кыттыыны ылбыт хамаандаларбытыгар Конон Ноговицын аймахтарын ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Үтүө санааҕыт сүүс төгүл үтүөнэн эргийдин. Тус олоххутугар чэгиэн доруобуйаны, үтүмэн үөрүүнү-көтүүнү, кыайыыны-хотууну, үрдүк ситиһиилэри, уһун дьоллоох уонна баай байылыат олоҕу баҕарабыт. Этэҥҥэ сылдьыҥ, дьоллоох буолуҥ!

Татьяна Алексеева, Валентина Яковлева

Хаартыскалар Татьяна Алексеева тиксэриилэрэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: