Хаамыы — саамай тоҕоостоох эрчиллии

Хаамыы — саамай тоҕоостоох эрчиллии

Ааптар:
08.07.2023, 19:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Хаамыы киһини киһи оҥорууга сүдү оруоллааҕын туһунан учуонайдар да, миэдиктэр да этэллэр. Ол эрэн, киһи-аймах маны бэрт аҕыйахтык туттар буолан эрэр. Олоруохтааҕар хаампыт тоҕо ордугун ырытан көрүөҕүҥ.

Кимиэхэ баҕарар туһалаах

Дьарык көрүҥнэрэ үксэ ханнык эрэ бөлөх дьоҥҥо туһата суох, эбэтэр төттөрүтүн, буортулаах буолуохтарын сөп. Быраастар уонна фитнес-тириэньэрдэр дьоҥҥо барыларыгар кэриэтэ сөп түбэһэр эрчиллиинэн сибиэһэй салгыҥҥа хаамыыны ааттыыллар.

Хаамыы киһи улаханнык илистэр дьарыга буолбатах эрээри, элбэх былчыҥ үлэтин эрэйэр. Холкутук хааман иһэр киһи өттүгэ, буута, сотото, тараһата үлэлииллэр, көҕүс, моой былчыҥнара хамсаналлар, оннооҕор илии былчыҥнара кытта үлэлииллэр.

Хаамыы туһата үгүс. Сүһүөхтэри эрчийэр, тыҥаҕа туһалаах, хаан эргиирин, сүрэх, тымыр үлэлэрин сөптөөх турукка киллэрэр. Хаамыы мэйии үлэтин дьаарыстыырын учуонайдар да бигэргэтэллэр, дьарыктанар дьон да бэркэ билэллэр. Уонна, биллэн турар, хаамыы бастатан туран, атах уонна сис туругун тупсарар. Атах сүһүөхтэрэ, сис тоноҕоһун тутар былчыҥнар сөптөөх эрчиллиини ылар буоллахтарына, кырдьыы сүрүн кыһалҕаларын тумнуохха сөп. Соторутааҥҥы чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн күн аайы хаамар дьон атахха варикоз үөскүүр кутталын лаппа аччаталлар эбит.

Хаамыы көдьүүһэ күн аайы тиһиги быспакка дьарыктаннахха биллэр. Бастаан кылгас кэмнээх, бытаан тэтимнээх дьаарбайыыттан саҕалаан баран, улам хаамар сири
ыраатыннаран, тэтими түргэтэтэн истэххэ, бэрт кыра кэм иһигэр эт-хаан уһуктан, уопсай турук тупсан улахан туһаны ылан барыллар.

Хаамыы дуу, сүүрүү дуу?

Сорох дьон “хаамардааҕар сүүрүү быдан көдьүүстээх” дии саныыллар. Кырдьык, сүрэх, тыҥа үлэтин сайыннарарга, эбии ыйааһыны түһэрэргэ сүүрүү ордук туһалаах. Ол эрэн, сүүрүү элбэҕи эрэйэр.

Бастатан туран, бэйэни күһэйэн, күн аайы сүүрүүнэн дьарыктанар, этэргэ эрэ кэбэҕэс. Бэрт күүстээхтик сананан саҕалаан баран, биир нэдиэлэнэн сүрэххэ астарбыт дьон элбэх. Иккиһинэн, сүүрүү сатабылы ирдиир, сыыһа сүүрдэххэ сүһүөхтэри эчэтиэххэ сөп. Онон дьиҥнээхтик сүүрүүнэн дьарыктаныан баҕарар киһи бастаан тириэньэр наймылаһан үөрэниэх тустаах. Үсүһүнэн, Сахабыт сиригэр таһырдьа сүүрүүнэн дьарыктанарга сылга аҕыйах ый эрэ баар. Ол кэнниттэн сабыылаах стадион булан, абонемент атыылаһан салгыыргар тиийэҕин. Оттон хаамыы үгүс үбү эрэйбэт.

Ыйааһын быраҕыыга бастыҥ дьарык

Аныгы уопсастыба кыайтарбат “өстөөҕүнэн” уойуу уонна уойууттан үөскүүр ыарыылар буоллулар. Чэпчэки сыаналаах, элбэх калорийдаах ас-үөл барыбытын абырыыр, онтон сылтаан дьон-сэргэ нуорматтан тахсар ыйааһыннанар. Уойууну утары дьарык арааһын сүбэлииллэр. Ыараханы көтөҕүү, сүүрүү, эрчиллии араас көрүҥнэрэ. Этиллибитин курдук, сүүрүү улахан ыйааһыннаах киһи сүһүөхтэригэр буортулаах буолуон сөп, атын “сыаны уматар” эрчиллиилэр эмиэ туох эрэ хааччахтаах буолуохтарын сөп.

“Биир чаас хаамыыга төһө калорий умайарый?” диэн ыйытыыга судургу хоруй суох, киһи ыйааһыныттан, хаамар тэтимиттэн тутулуктаах. Хаамыы сүрүн соруга ыйааһын быраҕыы буоллаҕына, көлөһүн аллар. Тыынары түргэтэтэр тэтими ситиһэн хаамар ордук көдьүүстээх. “Сыаны уматыыга” саамай туһалаах ньыма — интервальнай хаамыы. Бу эмиэ туох да үөрэҕи эрэйбэт, судургу эрчиллии. Биир мүнүүтэ кыах баарынан хаамаҕыт, онтон холкутук хааман икки мүнүүтэ кэриҥэ сынньанаҕыт, онтон эмиэ мүнүүтэ кэриҥэ саамай сыыдам хаамыыны хатылыыгыт, аҕылыахха диэри эрчимнээх хамсаныы буолуохтаах. Бу эрчиллиини күн аайы чаас аҥаара курдук оҥорор буоллахха, туһатын аҕыйах нэдиэлэнэн көрүөххүтүн сөп.

Сыыйа саҕалаа, тиһигин быһыма

Хаамыы араастаах. Сатаан хаамар эрээри, күнү быһа сытан тахсар киһи суох. Ол эрэн, арыый ыраах баар сиргэ хааман барартан бары да тэйдибит. Куорат олохтоохторо биир тохтобулу хаамыахтарын кэрэйэн оптуобус иһигэр киирэллэр, тыа сирин дьоно чугас сытар алааска тиийээри матасыыкыл үрдүгэр түһэллэр. Дьиҥэр, хаамыыны эрчиллии курдук санаабакка, күннээҕи олох эрэйэр сыҕарыйыы киэбинэн хаамыахха сөп ээ. Үлэҕэ барарга сарсыардааҥҥы оптуобуска симиллиэх оннугар чаас иһинэн эрчимнээхтик хааман тиийбит быдан көдьүүстээх, доруобуйаҕа туһалаах буолуо этэ.

Хаамыы туһата тиһигин быспакка дьарыктаннахха эрэ көстөр. Бу дьыалаҕа саамай уустуга сөпкө саҕалааһын. Сорохтор бастакы күннэригэр уонча биэрэстэни дайбаан кэбиһэн баран, сүрэххэ астаран бу дьарыгы быраҕан кэбиһэллэр. Сыыйа саҕалыыр ордук. Бастакы нэдиэлэҕэ соруйан, дьиҥнээх сылайыы саҕалана илигинэ дьиэҕэ төннөр ордук. Улам тиийэр сиргин ыраатыннаран истэххинэ, биир дьаарбайыыга кэлэ-бара биэс килэмиэтири дуоһуйа хаамар буолбуккун билбэккэ да хаалаҕын.

“Мээнэ хаамыталыырга солом суох” диэн сылтахтанар дьон элбэхтэр. Дьиҥэр, бу сылтах оруна суох — күҥҥэ биир чаас сынньанар кэми аттарыммат киһи иэдээҥҥэ түбэс-
пит киһинэн ааҕыахха сөп. Хаамыыны сынньалаҥ курдук ылыныах тустааххын, “биир дьарыгы атын дьарыгынан солбуйуу сынньалаҥ көрүҥэ” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Биир тэтиминэн хааман иһэн күннээҕи түбүктэри төбөҕө дьаарыстыыр олуһун табыллар. Эбэтэр төттөрүтүн, түбүктэри умнан чөмчөкөҕүн сынньатар ордук көдьүүстээх буолуон сөп. Сорохтор хааман иһэн ырыа истэллэрин сөбүлүүллэр, сорохтор подкаст истэн сонуннары, ырытыылары истэри ордороллор. Чуумпуну ордорооччулар да аҕыйаҕа суохтар.

Ханна хаамыахха сөбүй?

Тустаах исписэлиистэр этэллэринэн, хаамарга бастыҥ сиринэн-уотунан айылҕа буолар. Дьон олорор сириттэн тэйэн, пааркаҕа дуу, ойуурга дуу күн аайы тахсар кыах баар буоллаҕына, бу тоҕооһу мүлчү тутумаҥ. Күн аайы айылҕаҕа тахсар дьон ньиэрбэ ыарыыларыттан көмүскэнэллэрэ дакаастаммыт чахчы. Онон сайыннары, кыһыннары скандинавскай хаамыынан дьарыктанар бөлөхтөргө кыттыстахха, эти-сиини кытта, өй-мэйии өттүн кытта тупсарыныахха сөп.

Айылҕаҕа тахсар кыах суох буоллаҕына, чугастыы күөл тула, массыына сырыыта аҕыйах сиринэн хаамар ордук туһалаах. Туһата суох хаамыыны кыккыраччы утарар буоллаххына, үрүксээк сүгэн кууһунан атыылыыр маҕаһыыннарга сылдьыыны үгэскэ кубулут.

Атаҕы, тыҥаны эрчийэргэ кирилиэһинэн хаамар туһалаах. Элбэх этээстээх дьиэҕэ лииби туһаммакка хаамарга үөрэннэххэ, доруобуйаҕын чахчы тупсарыаххын сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: