Хаандыгаҕа 98 кыбартыыралаах дьиэ тутулунна
Томпо оройуонун Хаандыга бөһүөлэгэр 98 кыбартыыралаах дьиэ «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагыраама чэрчитинэн тутуллан бүттэ. Онон олохтоохтор бу сыл бүтүүтэ дьиэлэригэр киириэхтэрэ.
Бу 5 этээстээх дьиэ уопсай иэнэ — 5,4 тыһыынча кв.м. Барыта 98 кыбартыыра баар. Дьиэни тутууга «Жилье и городская среда» диэн национальнай бырайыак иһинэн үлэлиир бырагыраама чэрчитинэн 498,5 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт.
Маны тэҥэ, бу бырагырааманан Хаандыгаҕа өссө икки дьиэ тутулла турар: Кудрявай уулуссаҕа 88 кыбартыыралаах дьиэ уонна Лесная уулуссаҕа 81 кыбартыыралаах дьиэ, уопсай иэннэрэ — 55,6 тыһ.кв.м.
Томпо оройуонугар национальнай бырайыагынан 2840 киһи 155 хаарбах дьиэттэн көһүөхтээх.
«Жилье и городская среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Саха сиригэр Арассыыйаҕа саамай элбэх хаарбах дьиэ көһөрүллэр. Дьиэ 2017 сылга диэри хаарбах туруктааҕынан ааҕыллыбыт буолуохтаах. Бу бырагырааманан өрөспүүбүлүкэҕэ 134 дьиэ тутулла турар. Бу бырайыак үлэлиэҕиттэн, 28,5 тыһыынча киһи олорор усулуобуйатын тупсарда.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: