Хабаровскайга эр киһиэхэ бэйдиэ сылдьар ыттар саба түстүлэр
Бүгүн, олунньу 14 күнүгэр, Хабаровскайга сарсыарда сэттэ чаас саҕана Комсомольскай уулуссатыгар үлэтигэр баран эрэр эр киһиэхэ үөр ыт саба түспүт.
Эр киһи үөр ыттан сатаан быыһанар кыаҕа суох буолан: «Көмөлөһүҥ!» — диэн хаһыытаабыт. Хаһыыны истэн, эр киһи күрүөнү ойон көмөҕө кэлбит. Ыттары үүртэлээн баран таҥаһа-саба тырыта тыытыллыбыт, үнтү ытырыллыбыт эр киһини көрбүт. Эр киһиэхэ суһал мэдиссиинэ көмөтүн ыҥырбыттар уонна сылаас таҥаһынан бүрүйэн өрүһүйбүттэр.
Билиҥҥи туругунан, быһылаан тахсыбыт сиригэр полициялар үлэлииллэр диэн «Сводка Хабаровск» телеграм-ханаал иһитиннэрэр.
Бэлиэтээн суруйдахха, бу кыһын тохсунньуга Хабаровскайга бэйдиэ сылдьар ыттартан сылтаан эр киһи суорума суолламмыта. Ханныгын да иһин, киһи олоҕо инники күөҥҥэ туруохтаах. Бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата биһиэхэ, Саха сиригэр эмиэ сытыытык турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: