Салгыы
Хайыһардьыт Семен Черноградскай көр­дөрүүлэрэ күн бүгүнүгэр диэ­ри хатылана иликтэр

Хайыһардьыт Семен Черноградскай көр­дөрүүлэрэ күн бүгүнүгэр диэ­ри хатылана иликтэр

Ааптар:
01.10.2022, 18:00
Бөлөххө киир:

Үс Хатыҥҥа Улуу Туймаада уйгу тунах ыһыаҕын күннэрэ. Биһиги албан аатырбыт хайыһардьыт, олоҥхоһут, алгысчыт, уус алданнар эрэ буолбакка, бүтүн Саха сирэ бүттүүнэ киэн туттар киһитэ Семен Черноградскайдыын сэргэстэһэ олороммут айаннаан иһэбит. Уонча сыллааҕыта эмиэ бииргэ айаннаабыппыт. Онно Сэмэн Ылдьыыс сэһэнэ-сэппэнэ уҕараабатаҕа. Ол кэпсэтиибит түмүгүнэн “Дьылҕа диэн баар эбит” диэн ыстатыйа суруллан тахсыбыта. Оччолорго успуорт туһунан кэпсэппиппит. Бу сырыыга кэпсэтиибит Олоҥхо тула барда.

Алгысчыт, олоҥхоһут

Семен Ильич Черноградскай успуорка да, ырыаҕа-тойукка да айылҕа хатаҕалаабыт, күүс-сэниэ, өй-санаа, тыл-өс да мааны киһитэ. Ол дьоҕура оҕо эрдэҕиттэн баара биллибитэ. Өнөр нэһилиэгин оскуолатыттан үс биэрэс­тэлээх Дьаҥсы диэн сиргэ буор муосталаах, көмүлүөк оһохтоох, соҕотох турар балаҕаҥҥа 1948 сыл балаҕан ыйын 20 күнүгэр уон ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа бүтүннүүтэ ол улуу сиргэ ааспыта. Кыра кылаастарга саас ичигэскэ сатыы сылдьара. Үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан, биирдэ, суол кытыытыгар кинигэ төбөтө быга сытарын туура тэбэн таһаарбыт. Ылан көрбүтэ Дмитрий Говоров “Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө” диэн олоҥхото буолан хаалбыта. Ойуута үчүгэйин иһин, үгүһү-элбэҕи санаабакка, ботуоҥкатыгар ылан уктан кэбиспитэ. Дьоно сүөһү көрөннөр дэриэ­бинэттэн сэттэ биэрэстэ тэйиччи сиргэ кыстаан олороллоро. Субуота уонна баскыһыанньа киэһэлэргэ латыынныы суруллубут кинигэни Бэрииһэбэ Мааппа диэн кыра үөрэхтээх дьахтар чүмэчи уотугар ол олоҥхону ааҕарын истэллэрэ.

Онтон 50 сыл буолан баран, 2009 сыллаахха, Уус Алдаҥҥа Олоҥхо ыһыаҕар Дмитрий Говоров оруолун Олоҥхо ыһыаҕа аһыллыытыгар толор диэннэр Семен Ильичкэ сорудах биэрбиттэр. Барыта үөһэттэн ыйыллыбытын курдук буолан иһэр. Ол оруо­лу толорбутун СИА кэрэспэдьиэ­нэ хаартыскаҕа түһэрбит. Робин Харрис диэн Эмиэрикэ учуонайа киинэҕэ устубут. Ол хаартыска акыйаан нөҥүө Эмиэрикэҕэ тиийэн хаалбыт. Эбиитин, “Сибиир олоҥхолоро” диэн ол Робин Харрис монографиятыгар киирбит. Онон “дьылҕа диэн баарын” Семен Ильич бэйэтэ билинэр.

Ити курдук, 60 сааһын туолан баран, кини Олоҥхо диэҥҥэ дьэ, тардыллан, олоҥхоһут уонна олоҥхону суруйааччы буолан сылдьар. Билигин икки олоҥхолоох. Биир оҕо уһуйааныгар анаан суруйбут олоҥхотун толорбут оҕо “Талааннары көрдүүбүт” диэн өрөспүүбүлүкэ куонкурсугар бастаан, Крымҥа барар путевканан наҕараадаламмыта. Оттон “Хапталдьын Баатыр” диэн орто саастаах оҕолорго анаан суруйбут олоҥхотун английскайдыы тылбаас­татан, Эмиэрикэҕэ олорор-үлэлиир бэрэпиэссэр Робин Харрис үөрэх систиэмэтигэр туттуллар босуобуйа быһыытынан оҥорбут.

Билигин Семен Ильич норуок­ка олоҥхону толорооччу уонна олоҥхону суруйааччы быһыытынан биллэр.

Оһуокайдьыт

Семен Ильич идэтийэн туран Оһуокайы таһаарар буол­бута ыраатта. 2011 сыллаахха «Оһуокай» уопсастыба бэрэссэдээтэлин срлбуйааччынан талыллыбыта. 2011-2018 сс. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар 17 фи­лиал аһыллан, “Оһуокай” уопсас­тыба өрөспүүбүлүкэ та­һым­наммыта. Туймаада ыһыаҕар 2012 с. өрөспүүбүлүкэ Оһуо­кайдьыттарын куонкурсугар Семен Черноградскай Инно­кен­тий Чириковтыын ик­­киэн бастаан­нар, “Дархан этээччи” аатын сүкпүттэрэ. Уопсастыба 25 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕар уон түөрт Дархан этээччи күрэҕэр иккис миэстэлэммитэ. Быйыл, 2022 сыл сайыныгар, “Оһуокай” уопсастыба 35 сылыгар Семен Ильич “Бастыҥ Оһуокайдьыт” аатын ылары ситистэ. «Аар Дархан этээччи» статуһун ылла.

Ырыа, хоһоон айааччы, суруйааччы

Бэйэтин үөлээннээҕин, чугас доҕорун-атаһын, хайыһарга ССРС успуордун маастара, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Атос Кулаковскай туһунан хоһоон суруйан үйэтиттэ. Ол хоһоонун Сербияҕа, Новый Сад куораттан Белградка диэри айаннаан иһэн наһаа долгутуулаахтык ааҕан оптуобус аҥаарын ытатан турар. Ити хоһоонугар 2018 с. матыып айыллан ырыа буолбута. 50 сыл устата уу тэстибэт доҕорун ытыктаан, Атос сүрэхтээбит аатын «Чуорунай» диэн аатын псевдоним оҥостуммута.

Семен Ильич билигин 10 кинигэлээх, онтон иккитэ – олоҥхо, үһэ – ырыаларын, хоһооннорун, тойуктарын, алгыстарын, Оһуокайдарын хомуурунньуктара. «Бастыҥнардыын алтыспыт дьылҕам» диэн сахалыы-нууччалыы кинигэтэ английскайдыы, французстуу, кытайдыы, дьоппуон­нуу тыбаастанан 16 дойдуга тиийдэ.

Уус

“Талааннаах киһи барытыгар талааннаах” диэн этии Семен Ильичкэ олус сөп түбэһэр. Ону дьиэтигэр баар мас оҥоһуктарын көрөҥҥүн итэҕэйэҕин. “Маһынан куруһуба баайбыт киһи” диэн ыра санаатын олоххо кыралаан да буоллар толорон иһэриттэн бэйэтэ да астынар. Олоппоһу, остуолу, ыскаабы тулуппат. Түннүктэрин, ааннарын ыстаабыннарын киэргэтэр. Сололооҕо буоллар, биир идэтэ уһаныыга сытарыттан эмиэ сөҕөҕүн эрэ. Кини сиэдэрэй оҥоһуулаах балаҕан туттар баҕалаах. Ол биир мүччүрүйбэт ыра санаата. Санаммытын булгуччу толорон тэйэр дьулуура бэйэтин киэнэ.

Учуутал

Семен Ильич 36 сааһыгар Саха университетын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэн устуоруйа учууталын идэтин ылан, сүүр­­бэ сыл Мүрү орто оскуо­латыгар учууталынан үлэлээбитэ.

Үөрэнээччилэриттэн наука икки дуоктара, алта Саха Өрөс­пүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ, юристар, байыаннайдар, дьокутааттар, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ уо.д.а. норуот хаһаайыстыбатын араас салааларын үлэһиттэрэ уһуйуллан тахсыбыттара.

Тириэньэр

Суруйуум дьоруойа оскуоланы бүтэрээт, биир сыл Уус Алдаҥҥа саҥа аһыллыбыт спортивнай оскуолаҕа хайыһар тириэньэринэн үлэлээбитэ. Балачча тохтобул кэнниттэн, бу кэлин алта сыл кэриҥэ эмиэ тириэньэрдии сылдьар. Киниттэн «Урожай» элбэх чөмпүйүөннэрэ, өрөспүүбүлүкэ призердара иитилиннилэр. Олор истэригэр, Надежда Алексеева Саха государственнай университетын хамаандатыгар киирэн өрөспүүбүлүкэ таһыгар күрэхтэс­питэ. 1979 с. Новосибирскайга Бүтүн Сойуустааҕы Урал, Сибиир, Уһук Илин, Казахстан, Узбекистан Универсиадаларын 4х5 км эстафетатын чөмпүйүөҥкэтинэн буолбута. Семен Черноградскай уоп­састыбаннай тириэньэр бы­­һыытынан улууһун хамаандатын өр сылларга салайбыта, ССРС тоҕус маастарга хандьыдаатын үүннэртээбитэ.

Успуорт салайааччыта

1976-1979 сылларга тө­­рөөбүт-үөскээбит улууһун успуордун салайбыта. Ити үлэлээбит кэмигэр 1977 с. эр дьоҥҥо «БАМ – Дьокуускай», дьахталларга «Бүлүү – Хохочой — Дьокуускай» хайыһар бохуоттарын көҕүлээбитэ. Онно кыттыбыт бары хайыһардьыттар ССРС успуордун хандьыдааттарынан буолбуттара. Уус Алдан успуорка кэмитиэтэ тэрийэр-салайар үлэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан, икки төгүл Кыһыл Знамяны ылар чиэскэ тиксибитэ. Семен Черноградскай бэйэтэ XXII Олимпийскай оонньууларга путевканан наҕараадаламмыта.

Иннокентий Петрович Ушницкай, Татьяна Афанасьевна Корнилова курдук физкултуурунай-спортивнай үлэҕэ улахан уопуттаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх сала­йааччылары кытта бииргэ үлэлээбитэ салайар үлэтигэр төһүүнэн буолбута.

Спортсмен

Семен Черноградскай бар дьоҥҥо, бастатан туран, успуорка чаҕылхай ситиһиилэринэн биллэр. Сыратын-сылбатын бараабыт чулуу хайыһардьыт. Соҕуруунан-арҕаанан күрэхтэспитэ бэрт үгүс. Дойдутугар “өттүк хара­лаах, илии тутуурдаах” кэлитэлиирэ эмиэ үгүс буолара. Саха сирин спортивнай чиэһин 14 сыл көмүскээбитэ, ол иһигэр икки сыл Арассыыйа хамаандатын састаа­быгар. Арассыыйа V кыһыҥҥы Универсиадатын 15 км уонна 30 км муҥутуур чөмпүйүөнэ буолары ситиспитэ.

ССРС успуордун маастарын нуорматын хайыһарга 18 сааһыгар толорбута. Ити кэнниттэн үс сыл утуу-субуу ССРС успуордун маастарын толортообута: 1966, 1967, 1968 сыллардаахха. 1968 с. Камчаткаҕа тиийэн Олимпийскай призердары кытта мүнүүтэнэн, сөкүүндэнэн быысаһан тэҥҥэ күрэхтэспитэ. Холобур, ССРС сүүмэрдэммит хамаандатын ха­­йыһардьыта Владимир Долганов икки сыл иһигэр Саха сиригэр кэлбитэ даҕаны иккиэннэригэр кыайтаран барбыта. Аан дойду 13, Олимпийскай оонньуулар 4 төгүллээх чөмпүйүөнэ Александр Тихонов кэлэн 10 сөкүүндэнэн кыайбыта. Олимпийскай оонньуулар үс төгүллээх призера Федор Симашов 9 сөкүүндэнэн кыайбыта. Ол туһунан Иван Кычкин 1973 с. “Эдэр коммунист” хаһыакка суруйбута баар. Ити көрдөрүүлэрэ 50 сыл турдулар.

Камчаткаҕа олимпиецтары кытта бииргэ сүүрбүт боротокуолун көрөн бараннар, Москваттан Сэбиэскэй Сойуус чөмпүйэнээтигэр кыттарга ыҥырар тэлэгирээмэ кэлбитин остуол тардарыттан сайын буолбутун кэнниттэн булан ылбыттар. Инньэ гынан, улахан саастаах уолаттарга (юниор­дарга) бүтэһик сылыгар дойду улахан күрэхтэһиитигэр кыттыбатах хомолтолоох.

Семен Ильич успуорка көр­дөрүүлэрэ күн бүгүнүгэр диэ­ри хатылана иликтэр.

50 сыл бииргэ

Соторутааҕыта Семен Ильич олоҕун аргыһа Варвара Ива­новналыын лоп-курдук 50 сыл бииргэ олорбут кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр. Киһим «мас олортум, дьиэ тутуннум, үс оҕону төрөтөн сүһүөхтэригэр туруордубут, онон дьол­лоох киһибин» диир киһи буолан биэрдэ. Олох сөпкө этэр. Балаҕан ыйын 20 күнүгэр 74 сааһын ­туолла.

Иллээх ыал тапталлаах эһээлээх эбээтин – Черног­рад­скайдары кыһыл көмүс сыбаай­баларынан эҕэрдэлиибит! Эргиччи дэгиттэр дьоҕур­даах, Саха сирин аатырбыт ха­­йыһардьыта, ССРС успуордун маастара, өрөспүүбүлүкэ 26 төгүллээх чөмпүйүөнэ, саха уһулуччулаах хайыһардьыта, үрүҥ тунах ыһыахтар алгысчыта, то­­йуксута, бэртээхэй хомоҕой тыллаах олоҥхоһута Семен Ильич Черноградскай бар-дьонун аны да үөрдэ-көтүтэ, санааларын көтөҕө сылдьарыгар, айар-тутар олоҕор саҥаттан-саҥа үрдэллэри, чэгиэн-чэбдик туругу баҕарабыт!

Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: