Хаҥалас кырачаан гимнасткалара чөмпүйүөннэри сөхтөрдүлэр
Бу СИА хаартыскаҕа түһэрээччитэ Мария Васильева түһэрбит хаартыскатыгар Арассыыйа саамай күүстээх гимнастката, юниордарга аан дойду үс төгүллээх, улахан дьоҥҥо Европа чөмпүйүөнэ, Арассыыйа Гран-притын кыайыылааҕа Лала Крамаренконы уонна олимпийскай чөмпүйүөн Ксения Дудкинаны тулалаабыт кырачаан кыргыттар Хаҥалас спортивнай оскуолатын үөрэнээччилэринэн буолаллар.
Покровскай куоракка 2019 сыллаахха бастаан «Туймаада бриллианнара» кулууп үлэтин саҕалаабыта. Онтон 2021 сыллаахха оҕо-ыччат спортивнай оскуолатыгар уус-уран гимнастика салаата арыллыбыта. Онно кыргыттардаах эдэр ийэлэр ымсыыран, Покровскайтан эрэ буолбакка Ой, Уулаах Аан, Аллараа Бэстээх, Өктөм, Мохсоҕоллоох, бэл уҥуор I уонна II Дьөппөн нэһилиэктэриттэн оҕолорун тиһигин быспакка дьарыкка сырытыннараллар. Дьаныар, баҕа санаа баар буоллаҕына, табыллар эбит. Оҕолор республикаҕа, Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр буолар араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кытталлар, ситиһиилэнэллэр.
Айыллаана Очиржапова таптыыр гимнастикатынан дьарыктанаары өрүһү нэдиэлэҕэ үстэ туоруур. Кини сэттэ саастаах, II Дьөппөн нэһилиэгэр олорор, маҥнайгы кылааска үөрэнэр. Гимнастиканан үс сааһыттан дьарыктанар, элбэх ситиһиилээх, күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кыттыны ылар, дьарыгын наһаа сөбүлүүр. Даша Тарасова тоҕус саастаах, Мохсоҕоллоохтон сылдьан эрчиллэр, иккис сменаҕа үөрэнэр буолан, Покровскайга сарсыардаттан айанныыр, улахан күрэхтэһии иннигэр күн аайы, ардыгар күҥҥэ иккитэ да кырыныан сөп. Тириэньэрдэрэ Тамара Борисова этэринэн, кыргыттар дьарыктанарга улахан баҕалаахтар, дьаныардаахтар, дьонноро наһаа өйүүллэр, көмөлөһөллөр, успуорт туһуттан тугу барытын умнан туран сүүрэллэр-көтөллөр.
Надежда Очиржапова, Айыллаана ийэтэ: «Оҕом кыра эрдэҕиттэн гимнастикаҕа наһаа баҕалаах этэ. Дьарыктаныахпын баҕарабын диэн бэйэтэ туруорсан манна сылдьыбыта. Лала Крамаренконы тиһигин быспакка көрөр, наһаа сөбүлүүр, кэрэхсиир, кини курдук буолуон баҕарар. Ол иһин кини кэлэрин билэн, наһаа долгуйбута, оҥостубута. Тириэньэрбит биһигини наһаа өйдүүр, өйүүр. Кыһын массыынанан сылдьабыт, үчүгэй. Сайын, күһүн өрүһүнэн сырыы, биллэн турар, уустугурар, мотуорканы сороҕор иккилии чаас күүтэн кытылга олоруохпутун сөп. Онтон хаайтарыы буоллаҕына дьиэбититтэн онлайн дьарыктанабыт».
Алена Тарасова, Даша ийэтэ: «Кыыспыт ыра оҥостубут санаата туолбутуттан биһиги наһаа үөрэбит. Оҕолор Лала Крамаренко уонна Ксения Дудкина курдук улахан таһымнаах гимнасткалары, Арассыыйа успуордун сулустарын илэ көрөн, ону ааһан кинилэртэн дьарык ылан дьоллоннулар. Бу маннык түгэн тосхойбутугар тириэньэрбитигэр, уус-уран гимнастика федерациятыгар, «Муус устар» бэстибээли тэрийээччилэргэ махталбыт муҥура суох. Кыргыттар бэстибээл кэнниттэн наһаа үөрдүлэр, кынаттаннылар, инникитин дьарыктанарга улахан төһүүнү ыллылар, күүһү-уоҕу эбиннилэр».
Ксения Дудкина, уус-уран гимнастикаҕа олимпийскай чөмпүйүөн: “Бу оҕолор бэйэлэрин ис киирбэхтэринэн, аһаҕас, үөрүнньэҥ майгыларынан биһигин сөхтөрдүлэр. Кэнсиэр саҕаланыан иннинэ трибунаҕа олордохпутуна бэйэлэрэ тиийэн кэлэн наһаа үчүгэйдик кэпсэппиттэрэ, ыйыталаспыттара. Лалаттан: «Лала, дорообо, эҕэрдэ! Биһиги эйигин наһаа сөбүлүүбүт, кэрэхсиибит! Эн билигин композицияны көрдөрөҕүн дуо? Хайдаххыный?» диэн ыйытыласпыттара. Сүрдээх истиҥ,маладьыас кыргыттар!».
Людмила Николаева, СӨ уус-уран гимнастикаҕа федерациятын бэрэсидьиэнэ: «Гимнастикаҕа спортсменнар биир ыал оҕолорун кэриэтэ буолаллар. Олох кырачаан, саҥа саҕалаан эрэр оҕо да, уһулуччу ситиһиилээх, үрдүкү титуллаах да чөмпүйүөн буоллун, син биир кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр тэҥ сыһыаннаахтар, түмсүүлээхтэр, хаһан баҕар биир сомоҕо буолаллар. Бу кырачаан кыргыттар бэйэлэрин аһаҕастарынан, истиҥнэринэн ыалдьыттарбыт сүрэхтэрин сүүйдүлэр, кинилэри үөртүлэр».
Түмүктээн суруйдахха, бу маннык бэстибээллэр туһалара, көдьүүстэрэ сүрдээх күүстээх. Ыалдьыттар оҕолорго кэрэҕэ, үтүө быһыыга, дьаныардаах үлэҕэ үтүө холобуру көрдөрөллөр, көҕүлүүр күүһү, дьулууру биэрэллэр.
Елена Николаева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: