Хаҥалас трассатыгар суоппар кыыһы быыһаатылар

Хаҥалас трассатыгар суоппар кыыһы быыһаатылар

Ааптар:
06.01.2025, 11:00
Хаартыска: ИДьМ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан иһэн умуллубут уонна собуоттамматах.

Тохсунньу 4 күнүгэр киэһэ Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектора Михаил Чириков уонна полиция старшай лейтенана Павел Рыбин Покровскай куоракка диэри айан суолунан куттала суох буолууну хааччыйыыга дьуһуурустубаҕа тахсыбыттар. Патруль кэмигэр Honda Fit массыына суол ортотугар аварийнай сигналлаах турарын булбуттар. Суоппар кыыс трассаҕа массыыната тымныыга тоҥон аа-дьуо үлэлиирэ бытаарбыт, кэлин умуллан собуоттамматбуолбутун туһунан кэпсээбит. Суолга харгыстары үөскэппэт сыалтан массыынаны суол кытыытыгар үтэн туораппыттар, оттон суоппар кыыһы сылаас патруль массыынаҕа олордубуттар. Томороон тымныыларга массыына иккиһин собуоттамматах, оччотугар полициялар суоппар кыыс массыынатын сылаас гарааһыгар диэри соһон илдьэн биэрбиттэр. Госавтоинспекция үлэһиттэригэр суоппар кыыс социальнай ситимнэринэн махтал тылларын анаата. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.

+1
31
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 января
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: