Хирургия мобильнай биригээдэтин 3 ыйдаах үлэтэ туох түмүктэрдээҕий?

Хирургия мобильнай биригээдэтин 3 ыйдаах үлэтэ туох түмүктэрдээҕий?

14.03.2024, 16:15
Хаартыска: РБ 2
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһа  хирургияҕа мобильнай киинин биригээдэтэ 2024 сыл бастакы үс ыйыгар Нерюнгри, Алдан уонна Ленскэй улуустарыгар тиийэн, барыта 3 сырыыны оҥордо.

Манна барытыгар мобильнай биригээдэлэргэ  25 быраас уонна мэдиссиинэ орто сүһүөх 12 исписэлииһэ үлэлээтэ.

Сырыылар кэмнэригэр 1203 киһи доруобуйатын бэрэбиэркэлээтилэр,  517 эндоскопия, ультразвуковой, 10 үрдүк технологиялаах рентген-эндоваскулярнай чинчийии, 72 суһал орооһуу оҥоһулунна.

Нерюнгрига оройуоннааҕы киин балыыһаҕа эндоваскулярнай рентген-хирург 6  дистальнай уонна көнө ангиографияны оҥоруута өрөспүүбүлүкэ оройуоннааҕы балыыһаларын устуоруйатыгар бастакынан киллэрилиннэ.

Өрөспүүбүлүкэ доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар бастакынан травматолог-ортопедтар  иэччэх сүһүөҕэр  тотальнай эндопротезированиеҕа 15 эпэрээссийэни ситиһиилээхтик оҥордулар.

Ыытыллыбыт чинчийиилэр түмүктэринэн   араак 3  көрүҥүн кэлиҥҥи түһүмэҕэр буллулар (2 – куртах, 1 – оһоҕос араактара), биопсиялары ыллылар, кинилэри Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар ыыттылар.

Хирургияҕа 75 суһал орооһуу түмүгэр 62 ыарыһах олоҕун хаачыстыбатын биллэ тупсарда.

Өссө уон эпэрээссийэ түмүгэ “быыһаммыт олох” араҥаҕа киллэрилиннэ.

Хирургия мобильнай биригээдэтэ сотору Мииринэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар үлэлии барыаҕа.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: