Бу киин ааспыт сылга былаанын толорбут. 2022 сыл тутаах түмүктэрин Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Чернышенко ыыппыт Сэбиэтин мунньаҕар көрдүлэр.
«Хоту дойду» тирэхтээх сайдыы сирэ-уота» наука-үөрэх киинин (НОЦ) үлэтин бырагырааматын олоххо киллэриини Саха сирин Ил Дархана, кэтээн көрөр сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Айсен Николаев билиһиннэрдэ.
«Тустаах киин үлэтэ Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи биэс эрэгийиэнин сайдыытын тумус тутуллар наадалаах технологиялары оҥорууга уонна туһаныыга туһуланна. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Камчатка кыраайа, Магадан, Сахалин уобаластара уонна Чукотка автономнай уокуруга. 2022 сылга үчүгэйдик үлэлээтибит. Салгыы бииргэ үлэлиэхпит«,- диэтэ Айсен Николаев.
НОЦ бырагырааматын хайысхаларынан наукаҕа айан таһаарыылары бүддьүөтү тас өттүнэн үбүлээһин 3 млрд тахса солк. тэҥнэстэ.
Айсен Николаев технологическай бырайыактары олоххо ситиһиилээхтик киллэриини аҕынна.
Ол курдук, Илиҥҥи водороднай кластер бырагыраамата торумнаммыт, паар конверсиятынан метантан водороду ылыыга боруобалааһын түмүктэннэ. Сахалин уобалаһыгар водороднай полигону харайыы инфраструктуратын бэлэмнээтилэр.
РНА СС Саха сиринээҕи научнай киинин ньиэп уонна гаас институтун учуонайдара уонна Газспассервис хампаанньа лабораторияҕа +4 кыраадыстан намыһахха биллэр нефтедеструктор-бактериялары айан таһаардылар. Маны Булуҥ оройуонугар «Днепр» суудунаны ыраастыырга туһаныллыаҕа.
Ону тэҥэ -60 кыраадыска диэри температураҕа эластичноһын сүтэрбэт тымныыны тулуйар эрэһиинэ-тэхиньиичэскэй оҥоһугун Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет хамаандата оҥорбут.
«Машинный фонд языков и культуры коренных народов Якутии» элбэх өҥөнү оҥорор сыыппара бородууктатын баазата тэрилиннэ.
Санаттахха, бу киин 22 научнай тэрилтэни, 9 федеральнай университеты, 20 хампаанньаны түмэр.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…