Хоту улуустарга быраастар үлэлииллэр

Share
Кулун тутарга Саха сиригэр мобильнай быраастар уопсайа 1892 киһини көрдүлэр. Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, хоту оройуоннарга мэдиссиинэ өҥөтүн оҥорууга «мобильнай быраастар» биригээдэлэрэ үлэлэрин салгыыллар.

Кулун тутар бүтүөр диэри биэс маннык биригээдэ Муома, Эдьигээн, Дьааҥы, Аллайыаха улуустарыгар үлэлииллэр. Быраастар номнуо ыраах сытар уустук сырыылаах бу оройуоннар 12 нэһилиэктэригэр тиийбиттэр. Сорох нэһилиэктэр оройуон кииниттэн 500 км тэйиччи сыталлар, онон сорохторго бөртөлүөтүнэн эрэ тиийэр кыаллар диэн иһитиннэрбиттэр мобильнай биригээдэ быраастара.

«Дьааҥы оройуонугар икки мобильнай биригээдэ үлэлиир.  Сайдыы, Чэримчэ, Үҥкүр, Барылас, Сыһыы Мэйиитэ нэһилиэктэргэ уопсайа 425 киһини хабан көрдүлэр. Үгүс дьоҥҥо сүрэх, тымыр, уҥуох, эндокриннай, куртах, оһоҕос ыарыылаахтарын бэлиэтээтилэр. Балартан түөрт киһи искэн ыарыыга уорбаланан Дьокуускайга эмтэнэ кэлиэхтэрэ», — диэн бөлөх салайааччыта Сардаана Владимирова иһитиннэрдэ.

 Кулун тутар 9-14 күннэригэр мобильнай быраастар 1892  киһини көрдүлэр. Кинилэр Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллайыаха оройуоннарыгар сырыттылар. Балартан 1225-һэ  улахан киһи, 667-тэ оҕо.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхолооһун уонна олоҥхоһут

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо института биэс туомнаах Олоҥхо энциклопедиятын бэлэмнээн таһаарыыга үлэтин саҕалаата. Маҥнайгы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Амма оҕолоро 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар

Амматааҕы коррекционнай оскуола үөрэнээччилэрэ "Амма айылҕатын харыстыыбыт" аахсыйа иитинэн 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар диэн "Экология…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Түмэллэргэ Дьоруойдар тустарынан

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттарын сүгэр түмэллэр Томпо улууһугар Кириэс Халдьаайыга уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Баатараҕа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбаҕа минньигэс дьөрбөнү үүннэрэр кыыс

Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаахтарга социальнай хантараак өҥөтө баар. Бу өҥөнөн туһанан улуустарга, куораттарга дьон бэйэ…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

ВИДЕО: Таатта байыаһа Новокалиновоны штурмалааһын туһунан кэпсээтэ

"Лавина" батальон байыаһа "Якут" диэн позывнойдаах саха уола Новокалиновоны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Кини бу туһунан Семен…

5 часов ago
  • Сонуннар

Наталия Захарова: “Оҕолорбутунан киэн туттар түгэммит үгүс…”

Ил Дархан Айсен Николаев Этиитигэр оҕо дьиэ кэргэн тапталын билэ улаатарын туһугар оҕо ииттэ ылар…

6 часов ago