Хотугу муора кытыла дьон көмөтүн эрэйэр

Share

Хотугу Муустаах муора кытыла барыта хаарбах тимиринэн, уматык буочукаларынан, быраҕыллыбыт бөҕүнэн туола сытар диэн Арктика улуустарыгар олорор дьон харааста кэпсииллэрэ иһиллээччи.

Туох кэлэн ону ыраастыай диэн киһи санаата кыайбат дьыалатын, хата, “50 лет Победы” атомнай ледокол хапытаана Дмитрий Лобусов уонна РФ Үлэ Дьоруойа Геннадий Антохин көҕүлээһиннэринэн тэриллибит “Ыраас Арктика” федеральнай быра­йыак хамсатан эрэр.

Тиксииттэн саҕаламмыта мээнэҕэ буолбатах

Саха сирэ манна пилотнай эрэгийиэн быһыытынан киирбитэ. Төһө да пандемия бүрүүкээн турар кэмэ буоллар, 2021 сыл атырдьах ыйын 25 күнүгэр бырайыак Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгиттэн үлэтин саҕалаабыта. Араас эрэгийиэннэртэн кэлбит волонтердар, олохтоох нэһилиэнньэ, Арассыыйа Оборуонатын министиэристибэтин үлэһиттэрэ 300 туонна хаарбах тимири хомуйбуттара, 8 га сири ыраастаабыттара.

2022 сыллаахха Булуҥ уонна Усуйаана улуустарыгар 3 аахсыйа ыытыллыбыта. Тиксиигэ 100 туонна бөх-сыыс хомуллан, 20 га иэннээх сир ыраастаммыта.  2023 сыллаахха Тиксии (Булуҥ), Сааскылаах (Анаабыр), Эдьигээн бөһүөлэктэригэр эмиэ үс аахсыйа ыытыллыбыта.

Бу үс сыл иһигэр волонтердар 850-тан тахса туонна хаарбах тимири хомуйдулар, 33 га сири ыраастаатылар. Үлэни Арктика уонна Хоту сир норуот­тарын дьыалаларыгар министиэристибэ иилээн-саҕалаан ыытар.

СИА хаартыската.

Хомуйуу – үлэ сорҕото эрэ

Арктика сирин-уотун ыраас­тааһыҥҥа көхтөөх кыттыыны бырамыысыланнас тэрил­тэлэрэ – «Янолово» АУо, «Илин-Сибиирдээҕи хааччыйыы хампаанньата» ХЭУо, “Арктика суоллара” КП, “Арктикатааҕы атыы-логистика хампаанньата” АУо, «Саханефтегазсбыт» АУо, о.д.а. буолаллар. Манна даҕатан эттэххэ, хомуйуу диэн үлэ сорҕото эрэ буоллаҕа. Хомуллубут бөҕү мунньан эрэ кэбиспэккэ, салгыы туһаан­наах сиригэр тиэрдиэххэ эбэтэр суох оҥоруохха наада. Ол курдук, былырыын “Янолово” АУо Усуйаана улууһун Сайылык бөһүөлэгиттэн 40 туонна хаарбах тимири икки таһаҕас массыынатыгар тиэйэн, сороҕун суох оҥорорго, сороҕун саҥаттан туһаҕа таһаарарга анаан илдьэ барбыта.

Дьиҥэр, улахан наадата суох бөҕү онно-манна таспакка, үрдүттэн  улуустарга суох оҥорор собуоттар наадалар. “Ыраас Арктика” уопсастыбаннай экологическай бырайыак салайааччыта Андрей Нагибин этэринэн, Саха сирэ Арктика сирин-уотун ыраастыырга бастакылар кэккэлэригэр сылдьар. Федеральнай волонтердар кэлэллэрин кэтэспэккэ, олохтоохтор, төһө кыайалларынан, хомуйа сылдьаллар. Быйыл саас тиэйэн илдьии саҥа технологиятын боруобалаабыттар. Кыһыҥҥы суолунан урут хомуллубут 80 туонна хаарбах тимири тутар пууҥҥа илдьэн биэрбиттэр. Тиийбит мал уларытан оҥорууга ыытыллыбыт. Билигин бу технологияны атын Арктика эрэгийиэннэригэр тарҕатар сорук турар.

Төрдүс сезон

Быйылгы “Ыраас Арктика” бырайыак төрдүс сезона атырдьах ыйын 27 күнүгэр Тиксиигэ Ил Дархан Айсен Николаев,  “Ыраас Арктика” бырайыак салайааччыта Андрей Нагибин, Булуҥ улууһун баһылыга Афанасий Андросов ыйыыларынан саҕаламмыта.

Быйылгы сезон Саха сирин түөрт нэһилиэнньэлээх пуунун хабан үлэлиэҕэ: Депутатскай бөһүөлэгэр (Усуйаана), Сааскылаах сэл. (Анаабыр), Баатаҕай уонна Эһэ Хайа бөһүөлэктэригэр (Дьааҥы).

Быйыл да Тиксиигэ Москва к., Московскай, Новгородскай, Ярославскай уобаластартан, Хабаровскай кыраайтан волонтердар көтөн кэллилэр. Кинилэргэ Ил Дархан Айсен Николаев холбоһон, бу бэртээхэй дьыалаҕа бииргэ үлэлэстэ. Нэдиэлэ иһигэр бэйэлэрин баҕаларынан үлэлээччилэр 23,5 туонна хаарбах тимири, 25 туонна хомунаалынай бөҕү-сыыһы хомуйдулар, 4 гаттан улахан сири ыраастаатылар. Тиксиигэ киһи хомуйуох айылааҕа элбэх: хаарбах тимир, буочукалар, быраҕыллыбыт тиэхиньикэ арааһа, көтүрүллүбүт дьиэлэртэн хаалбыт мас.

Айсен Николаев этэринэн, Тиксии Саха сирин муоратын аана буолар, онон хотугу муора суола тэтимнээхтик сайдан истэҕин аайы, кини суолтата өссө улаатан иһиэ. “Ыраас Арктика” – бу экологическай-сырдатар аахсыйа эрэ буолбатах, бу биһиги айылҕабыт баайын чөл хаалларар үлэбит буолар”, – диэн кини куруук бэлиэтиир.

Быраҕыллыбыт “Днепр” аалга хаалбыт ньиэп бородуукталарын ыраастааһын

Бу суудунаны волонтердар биир эспэдииссийэлэрин кэмигэр булбуттара, кытылга аал үс гыммыт биирэ эрэ сытара, атына тимирбит этэ. Суудуна куорпуһун устатын тухары хайа ыстаммыт этэ, онтуката хас уу хамсааһынын аайы улаатан иһэрэ. Трюмугар ньиэп бородууктата ууну кытары мунньуллан сытара. Росприроднадзор исписэлиистэрэ кэлэн, трюм­тан боруобалары ылан, эспэр­тиисэҕэ ыыппыттара. Чинчийии көрдөрбүтүнэн, ньиэп бородууктата ууну киртиппитин, ол аата муораҕа уонна буорга түстэҕинэ, экологическай кутталы үөскэтэрэ биллибитэ.

Ил Дархан туһаан­наах биэдэмистибэлэри ньиэп бородууктатыттан суудунаны ыраас­тыылларыгар сорудах­таабыта. Ыраастыырга сөптөөх технологияны эрэгийиэннээҕи билим тэрилтэлэрэ, академическай институттара, бииси­нэс бэрэстэбиитэллэрэ уонна “РусГидро”  оҥорон таһаарбыттара. Билигин үлэлэр бара тураллар, тымныы түһүөн иннинэ бүтүөхтээхтэр.

“Сыл анараа өттүгэр быраҕыллыбыт “Днепр” аалы ыраастыыр соругу туруорбутум. Манна уонунан сыллар тухары ньиэп бородуукталара тоҕуллубуттар этэ. Бу улахан быра­йыакка кыттыыны ылбыт хамаанда көмөтүнэн ыраастыыр үлэлэр бара тураллар, сүрүнэ, экологическай куттал суоһаабат буолла”, – диир Айсен Николаев.

“Эрэгийиэн сүрдээх улахан үлэни оҥордо. Аалы ыраас­тааһын олус уустук, ылбычча кыайтарбат дьыала. Бары бииргэ ылсыбыппыт түмүгэр кыайтаран эрэр, онон атын быраҕыллыбыт ааллары кытта хайдах үлэлиири биллибит”, – диэн түмүктээтэ Нагибин.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

6 часов ago