Салгыы
Иитиллибити боруостаан…

Иитиллибити боруостаан…

Ааптар:
13.10.2024, 18:00
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:

Баһылай үс оҕолоох, огдообо, эдэрчи дьахтары сөбүлээн, таптал кутаа уотугар куустаран, түөрт уу кырбас оҕотун ийэлэрин кытта хаалларан баран ыаллыы сытар нэһилиэккэ күтүөттүү баран иһэр.

Өрүс тоҥмута ырааппыт, онно сир аһатта, табахтаата, тиэрмэһиттэн буруолуу сылдьар итии чэйин куттан истэ, арааһа, тиийиэхтээх сирин аны балтараа, икки чааһынан булара буолуо. Өр гыммата, тиийдэ.

Кини бүгүрү буолан, дьахтар дьонугар уонна олохтоохторго тута сөбүлэппитэ. Тугу сатаабатаҕа баарай, мас тыыны, кирпииччэ оһоҕу, араас ыскааптары, этэргэ дылы, харахтарын саба баанан да баран оҥорор кыахтаах дэгиттэр уус этэ. Сыл – хонук дииллэринии, огдообо дьахтар оҕолоро улаатан, оскуоланы бүтэрэн, үөрэхтэнэн, сирдээҕи аналларын көрсөн ыал буолбуттара, сиэннэр кэлитэлээн барбыттара. Тоҕо эбитэ буолла, ити сыллар тухары кинилэр эбии оҕоломмотохторо. Иэйэхсит Айыы түөрт оҕону быраҕан барбытын иһин оҕону биэрбэтэҕэ буолуо диэн кэлин дьон тойоннууллара.

Быраҕан барбыт түөрт оҕото аймахтарын көмөлөрүнэн син киһи хара буолбуттара, эмиэ оҕолонон-урууланан ыал ийэлэрэ, ыал аҕалара буолан, туспа бур-буруо таһаарбыттара. Бу тухары Баһылай оҕолорун кытта биирдэ да сибээстэс­пэтэҕэ, эгэ көмөлөһөн ону-маны ыытыа баара дуо. Үс сылга биирдэ дойдутугар бара сырыттаҕына эрэ киирэн тахсааччы. Оҕолоро улаатан баран, ийэлэриттэн туох-ханнык буолбутун билбит буолан, аҕаларыгар оннук айылаах ымманыйбат, сыстыбат этилэрэ. Баар эрэ, суох эрэ, олох кыһаллыбат буол­буттара.

Олох огдолуйуута

Баһылай сааһыран истэҕин аайы аһыы утахха убанан испитэ, 60-чатын ааһыыта адьас ылларбыта. Этэргэ дылы, түүн кытта кыбынан сытар  «чугас доҕоро» буолбута.  Биллэн турар, кэргэнин кытта сыһыана тосту уларыйбыта. Таах сибиэ манна кэлэн дэтэлиир буолбута. Түөрт си кырбас  оҕолорун хааллартаан кэлбитин саныыра элбээбитэ. Онтон кыйыттан-тэбиэһирэн кытта кырдьыбытын араастаан үөҕэр-таныйар, өссө дьиэтиттэн үүрээри илиитинэн түһэр буолбута. Онуоха эмээхсинэ ол айылаах өһүөнү тулуйарыттан ааһан, хайдах да олор диэн баран, кииҥҥэ олорор улахан оҕолоругар көһөн хаалбыта.

Дойдутугар көһүү

Баһылай иччитэх дьиэҕэ соҕотоҕун олоро сатаабыта да саастаах киһиэхэ ыарахан этэ. Кэргэнин оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн убаммыт буолан, сыһыаннара үчүгэйэ. Уолаттар маһын, мууһун киллэрэн биэ­рэллэрэ. Ол эрээри, аһыы утахха убаммыта бэрдиттэн өйө бааллан дуу,  анараа оҕолоругар атын нэһилиэккэ көһөр буолбута.  Төрөппүт улахан уола тоҕо эрэ ый курдугунан кэлэн ылыах буолбута. Баһылай дьэ онно бэлэмнэнэн барбыта. Былыргы Иж-3 матассыыкылын, буранын эҥин илдьэ барарга соруммута. Ити диэн өссө кыра буолбута. Дьиэ иһигэр баар иһити-хомуо­һу эргэ баалынайыгар, уһаатыгар тиийэ биир сиргэ чохчо­лообута. Оннооҕор аан иэччэхтэрин, тутаахтарын кытта туурталаан ылбыта. Хата, түннүктэри ылбатаҕар махтал этэ.

Дьэ уола биир күн Бөлөрүүһүнэн тиийэн кэлбитэ. Муспут таһаҕаһа сыарҕаҕа нэһиилэ баппыта. Оҕонньор аһыы утаҕын кыбыммытынан сыарҕаҕа олорон сааскы ылаа­ҥы сарсыарда төрөөбүт  дойдутун диэки айаннаабыта. Били күтүөттүү кэлэн иһэн тохтоон ааспыт  өрүс үрдүк мырааныгар эмиэ  тохтоон ылбыттара, сири-уоту аһаппыттара. Тоҕо эрэ хара суор мөҕөр курдук куһаҕан баҕайытык хааҕынаат, атын сир диэки сэниэлээхтик дайбанан көтө турбута.

Өр буолуохтара дуо, дойдутугар тиийбиттэрэ. Урут олорбут дьиэтэ ыраахтан соҥуоран көрсүбүтэ. Урукку кэргэнэ барахсан бу орто олохтон ба­­раахтаабыт этэ. Улахан уола урукку уһаайбаларыгар саҥа дьиэ туттан, хас да оҕолонон, сүөһү, сылгы ииттэн быр-­бааччы олороро. Кийиит да, сиэннэр да үөрэ-көтө көрсүбэтэхтэрэ. Кийиит кыыс өссө хайдах эрэ сиргэммит курдук туттубута. Аны сайын ити эргэ дьиэтин-уотун сөргүтэн онно олоруохтааҕын туһунан муос-таас курдук соруйардыы эппитин соһуйа истибитэ.  Уруккута мас-сал ууруллар  ыт уйатын саҕа хоһу босхолообуттарыгар, кыра хомуллар орону биэрбиттэрэ. Күүһүнэн тастан киирбиккэ, итинник сыһыаннаһаллара чуолкай буол­лаҕа. Баһылай туохха-туох­ха түбэспитин дьэ өйдөөбүтэ. Анараа кэргэнин сылааһыгар уонна иитиспит оҕолорун көрүүлэригэр-истиилэригэр хайдахтаах курдук үчүгэйдик олорбутун санаан ылбыта. Биллэн турар, барытыгар бэйэтэ буруйдаах…

Баһылай уолугар сайыҥҥа диэри олорон баран, кийиитин ыххайыытынан урут бур-бур буруо таһаарыммыт дьиэтигэр көһөөхтөөбүтэ. Уола аах үрдүнэн-аннынан өрөмүөннээн биэрбиттэрэ да, эргэ дьиэ аата эргэ буоллаҕа.  Урукку кэргэнэ суох буолуоҕуттан иччитэх турбут дьиэ хайдаҕа биллэр буол­лаҕа, лаппа айгыраахтаабыт этэ. Ардах уһуннук түстэҕинэ, тэстэрэ. Илдьэ кэлбит эргэ баалынайын тоһу­йан биэрэн өрүһүнэр. Маннык ­дьиэ-уот аны кыыдаан­наах кыһын хайдах буолара тута биллибитэ. Этэргэ дылы, оһоҕо да бэрдэ суоҕа чуолкай. Онон улахан тымныыларга олорбутунан токуччу тоҥууһубун диэн Баһылай улаханнык хараа­һынна. Аны туран, бу дьиэҕэ киириэҕиттэн кийиитэ дьахтар биир да быкпата, биирдэ эмит уолунан эбэтэр улахан сиэнинэн ас оҕото ыыппыта буолар уонна онон бүттүбүт. Хата, бииргэ үөскээбит үөлээннээҕэ Кирилэтэ киирэн ону-маны кэпсиир-ипсиир, уола балык­таабытыттан бэриһиннэрэн аҕалан амсатаахтыыр. Киниттэн ураты ким даҕаны киһи олорор диэн өҥөйөн көрбөт.

Соһуччу уларыйыы

Биир сарсыарда Баһылай улаханнык дьаҥнаан турда. Аны сөтөл киирииһи быһыылаах. Итинник мучумааннана олордоҕуна, Кирилэтэ киирдэ уонна ыалдьыбытын көрөн:

– Таах сибиэ кэлээхтээбиккин быһыылаах. Анараа дьоҥҥор олороохтообутуҥ буол­лар. Маннык олордоххуна, сотору халдьаайыга тахсыыһык­кын быһыы­лаах ээ. Онон анараа дьоҥҥун булууһуккун түргэнник. Ииппит уонна өр алтыспыт оҕолоруҥ син көрүөхтэрэ дии саныыбын, – диэн сүбэлээччи буолла. Баһылай онуоха  тугу да хардарбата, киэр хайыһан кэбистэ. Кирилэ сапсыйан баран, ааны былдьаста.

Кирилэ улахан кыыһа Ылдьаана Баһылай иккис кэргэнин улахан кыыһын кытта училищеҕа бииргэ үөрэммит буолан, билигин да сибээстэһэ олороллор. Онон Ылдьаана туох буолбутун, аҕалара ыалдьарын ааһан адьас муор-­туор олохтонон эрэрин туһунан барытын  кэпсээн биэрбитэ.

Иккис кэргэнин оҕолоро ииппит аҕаларын олус аһыйбыттара. Хайдаҕын да иһин, кинилэр киһи хара буолалларыгар үтүөтэ элбэх буоллаҕа. Онуоха ийэлэрэ кэлэйбитэ бэрт буолан, кинини кытта бииргэ олорбоппун диэн батынан кэбиспитигэр, улахан кыыс, куоракка миэхэ олоруоҕа диэн кытаанахтык эппитэ. Ийэлэрэ утарылаһа барбатаҕа, бэйэҕит быһаарыныыгыт, көрөр буоллаххытына, көрүҥ. Мин атын оҕолорбунан да сылдьыам диэбитэ. Оҕолор хайдах эмит гынан иккиэннэрин көрөр инибит диэн быһаарбыттара.

Төннүү

Улахан кыыс биир  күһүөрү сарсыарда ааттаах эрдэ күтүөтүн кытта аҕаларын Баһылайы сылгылыы диэн туруммуттара. Тиийбиттэрэ аҕалара барахсан токуллан баран оронугар сытаахтыыра. Дьон кэлбитигэр өндөйөн көрбүтэ, улахан кыыһа кэлэн турарыттан олус диэн соһуйбута. Кыыһа кэлэн аҕатын төбөтүттэн имэрэйбитэ уонна “дьоно-сэргэтэ суохха дылы маннык дьаабыланан олороҕун” диэн мөҥүттүбүтэ. Олох барсаҕын, биһиэхэ олоруоҥ диэн мас-таас курдук эппитигэр, Баһылай барахсан көмүскэтиттэн хараҕын уута тохтообокко сүүрбүтэ. Дьэ бу түгэҥҥэ кини тугу сыыспытын үчүгэйдик өйдөөбүтэ. Кыыһа аҕалбыт өйүөтүттэн амсайаат, улахан туох да малы-салы ылбакка,  таһынааҕы оҕолоругар бардым да, кэллим да диэбэккэ, массыына диэки былдьаспыта.

Түмүк оннугар

Баһылай улахан кыыһыгар дьэ ньир-бааччы олорбута. Атын оҕолор кэлэ-бара сылдьаллара. Аны туран, көрөн улаатыннартаабыт сиэннэрэ эмиэ эһээбит диэн кэлэн кэпсэтэн-ипсэтэн бараллара. Кэргэнэ кэлэйбитэ бэрт буолан, олох чугаһаабатаҕа, атын оҕолорунан кэлэ-бара сылдьыбыта. Арай улахан кыыһыгар кэлээри гыннаҕына, Баһылайы атын оҕоҕо аҕыйах хонукка илдьэл­лэрэ. Дьэ маннык быһыылаахтык лаппа 80-рын ааһыахтарыгар диэри олорбуттара.  Баһылай үтүө оҕолору иитэн, кырдьар  сааһыгар үчүгэйдик көрүллэн бэркэ олорон, анараа дойдуга бараахтаабыта. Киһи олоҕо диэн араас буолар. Сороххо кытаанах, тыйыс буолар. Ол эрээри, онно үксүгэр киһи бэйэтэ буруйдаах буолар быһыылаах.

Иннокентий Александров.

+1
25
+1
1
+1
2
+1
0
+1
3
+1
4
+1
8
Бары сонуннар
Салгыы
14 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: