Ийэ хапытаалын суумата төһөнүй?

Share

Элбэх оҕолоох ыаллар оҕо төрөөтөҕүнэ, судаарыстыбаттан көмө ылар бырааптаахтар. Бу маннык хас да хапытаал баар. 2022 сылга Ийэ хапытаалларын суумалара төһөнүй?

Федеральнай Ийэ хапытаала – бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ (2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн) — 524 527,90 солкуобай;

— иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (бастакы оҕоҕо хапытаалы ылбыт буоллахтарына) —  168 616,20 солкуобай;

— иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (бастакы оҕоҕо хапытаалы ылбатах буоллахтарына) — 693 144,10 солкуобай.

Эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) биэрэллэр. Бу хапытаал суумата федеральнай Ийэ хапытаалын  сууматын 30%-гар тэҥнэһэр:

— 157 358,40 солкуобай (оҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн иннинэ төрөөбүт буоллаҕына);

— 207 943,23 солкуобай (оҕо 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт буоллаҕына).

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо бэриллэр:

-144 467,00 солкуобай.

“100 сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал:

— 100 000,00  солкуобай (оҕо 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөтөҕүнэ).

Ааҕан көрдөххө, холобур, быйыл иккис оҕолоро төрөөбүт ыал урут федеральнай Ийэ хапытаалын ыла илик буоллахтарына, бары хапытааллартан (үһүс оҕоҕо бэриллэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаалтан ураты) лоп курдук 1 001 087 (1 мөлүйүөн) солкуобайы олордон ылар эбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Оскуолалары тутуу саҕаланна

Үс оскуоланы тутуохтара. Бу үөрүүлээх түгэни Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр сөп түбэһиннэрэн ыыттылар. Муусука үрдүкү оскуолатын кампуһун…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Аммаҕа субуотунньук бэртээхэйэ тэрилиннэ

Аммалар Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр анаан субуотунньук тэрийбиттэр. Уһун күөл тулатын ыраастаабыттар.  Субуотунньукка сүүсчэкэ үөрэнээччи кыттыыны ылбыт. Бүтүн…

38 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Өрөгөй ырыатын биһирэмэ Суоттуга буолла

Суоттуга сэргэх тэрээһин буолла. Өрөгөй ырыатын биһирэмигэр нэһилиэк олохтоохторо муһуннулар. Бу күн «Мичээр» сынньалаҥ киинигэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уһуйаан үлэһиттэригэр туһалаах куурус тэрилиннэ

Дьокуускайга уһуйаан үлэһиттэригэр аналлаах "Моделирование образовательного процесса по патриотическому воспитанию в ДОО" диэн куурус ыытылынна.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эрэгийиэннэр үбүлээһиннэрэ үрдүөҕэ

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин муус устар 28 күнүгэр бырабыыталыстыбаны кытары экэниэмикэ боппуруостарыгар мунньах ыытта. Владимир…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: муус устар 29 күнэ

Муус устар бүтүүтэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы гидрометеорологическай сулууспа тугу иһитиннэрэрий?  Дьокуускайга уларыйа сылдьар былыттаах,…

3 часа ago