Салгыы
Римма Жиркова: «Ийэ тылбыт туһугар — бары биир сүбэнэн»

Римма Жиркова: «Ийэ тылбыт туһугар — бары биир сүбэнэн»

13.02.2023, 14:00
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.
Бөлөххө киир:

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн иитинэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатыгар тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр управление салайааччыта, тыл билимин хандьыдаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Римма Жиркова ыалдьыттыыр.

2018 СЫЛТАН ҮЛЭЛИИР УПРАВЛЕНИЕ

– Римма Романовна, управление тэриллиитин, үлэтин-хамнаһын туһунан ааҕаач­чыларбытыгар кылгас­тык билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.

– 2018 сыллаахха СӨ Ил Дарханын уонна Быра­быыталыстыбатын дьаһалтатыгар тыллар сайдыыларын боппуруостарын сүрүннүүр управление тэриллибитэ. Управлениебытыгар биэс үлэһиттээхпит: салайааччы, икки старшай референт, икки кылаабынай исписэлиис. Итинтэн үһэ – тылбаасчыт. Сыалбыт-сорукпут киэҥ. Өрөспүүбүлүкэҕэ баар икки судаарыстыбаннай, биэс официальнай тылы харыс­тыырга, сайыннарарга үлэлэһэбит. СӨ Төрүт Сокуона, “СӨ Тылларын тустарынан”, “СӨ Хотугу төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах норуоттарын тылларын анал туругун туһунан” сокуоннарыгар, СӨ Бырабыыталыстыбата 2015 сыллаахха “Сахалыы таба суру­йуу уонна сурук бэлиэлэрин быраабылаларын туһунан” таһаарбыт уурааҕар олоҕуран үлэлиибит. “СӨ 2020-2024 сс. судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары чөл хаалларыы уонна сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир. Ааспыт сылларга 56,5 мөл. солк. тыырыллыбыт эбит буоллаҕына, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев тус өйөбүлүнэн бу сылга 100 мөл. көрүлүннэ.

ИККИ ТЫЛЫ ТЭҤИНЭН ТУТТУУ

– Сокуоҥҥа икки тыл тэҥинэн туттуллуох­таах диэн этиллэр. Ити олоххо төһө тутуһуллар?

– Болҕомтобутун икки судаа­рыстыбаннай, биэс официальнай тыллар сайдыыларыгар уурабыт. Тыл сокуонун 40 ыстаты­йатыттан балай да элбэх ыстатыйа икки тылы тэҥинэн туттууну ирдиир. 2023 сылтан Сокуоннар Бырабыыталыстыбаттан Саха Өрөс­пүүбүлүкэтин Судаа­рыс­тыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) икки тылынан бэлэмнэниллэн киирэр буоллулар. Ол эбэтэр, министиэристибэлэр Сокуону икки тылынан бэлэмнээн киллэ­рэллэр. Ил Дархан дьаһалтатыгар икки тылынан киирбит Сокуоннар биһиги управлениеҕа сөбүлэ­һиини ааһан сахалыы тылбааһа бигэргэтиллэр.

2019 сылтан СӨ Ил Дарханын таһымыгар уопсастыбаннай Тыл сүбэтэ үлэлиир. Маннык сүбэлэр өрөспүүбүлүкэбит бары улуустарыгар, оройуоннарыгар, куораттарыгар, улуус, оройуон баһылыктарын, куорат баһылыктарын таһымыгар тэриллибиттэрэ. Бу үлэни биһиги управлениебыт сүрүннүүр.

Тыл бэлиитикэтин олоххо толору киллэрэр инниттэн хас даҕаны хайысханан үлэлиибит. Бастатан туран, уулуссалар ааттарын икки тылынан сөпкө суру­йуу үлэтэ ыытыллыахтаах. Холобур, Дьокуускай куорат киин уулуссаларын ааттарын икки тылынан суруйуу саҕалааһына баар эрээри, ситэриллэ илик. Мээрийэ иһинэн тэриллибит хамыыһыйа хамсааһыны таһаарыа диэн эрэнэбин.

Иккиһинэн, оҥоһуллар та­­баар этикиэккэлэрэ икки тылынан суруллуохтаахтар. Бу дьаһаллар Тыл Сокуонун 36-с ыстатыйатыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҥоһуллубут табаар этикиэккэтин тиэкиһэ уонна бу табаар туһунан иһитиннэрии нууччалыы, ону тэҥэ, табаары оҥорон та­­һаарааччы быһаарыытынан сахалыы уонна (эбэтэр) олохтоох дьиҥ таһымнаах тылынан суруллар диэн ыйыллар. Итини ырытан көрбүппүт, Дьокуускай куорат түөрт эргиэн туочукатыгар атыыга туруоруллубут өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллубут 33 табаартан (ас-үөл бородууктата) икки табаары оҥорон таһаарааччы эрэ табаардарын этикиэккэлэрэ уонна иһитиннэриилэрэ икки тылынан суруллубут. Холобур, “Больше меньше” дискаунтер хампаанньа ынах этиттэн оҥоһуллубут эт кэнсиэрбэтин үчүгэйдик тылбаастаабыт: “Говядина тушеная. Высший сорт” диэни “Симэһинигэр буспут ынах этэ. Бастыҥ суорт”. Дьокуускай үүт аһын оҥорор “Молочный дождик” собуотун оҥоһуктара эмиэ иккилии тылынан суруллаллар. Аны “Суорат”, “Быырпах”, “Ок-сиэ”, “Сардаана”, “Ньургун” диэн ааттаах табаардар ааттара эрэ сахалыы, атына барыта нууччалыы суруллубут.

Үсүһүнэн, ити Тылбыт Сокуонугар сурулларынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-­уотугар, айан суолугар уонна да атын ыйынньыктарга сир-дойду аата судаарыстыбаннай тылларынан суруллар диэн быһаарыллыбыт. Билэргит курдук, сир-дойду аата географическай хаарталарга суруллар. Итини тэҥэ, Сокуоннарга, Бырабыыталыстыба нуормалыыр быраап аакталарыгар, дьиҥ таһымнаах докумуоннарга, судаарыстыбаннай салалта уорганнарын матырыйаалларыгар, бэчээккэ, араадьыйаҕа уонна тэлэбиидэнньэҕэ туттуллар. Сир-дойду аатын күннээҕи олоххо эмиэ туттабыт.

Өрөспүүбүлүкэ дьаһалтатын, сирин-уотун тутулун, тэриллиитин Саха Өрөспүүбүлүкэтин административнай-территориятааҕы тутулун уонна географическай ааттарын боппуруостарын Бырабыыталыстыба баста­йааннай хамыыһыйата сүрүннүүр. Ол курдук, 1999 уонна 2009 сыллардаахха СӨ Административнай-территориятааҕы тутулун ыйынньыктара тахсыбыттара. Бу икки ыйынньыгы тэҥнээн, ырытан көрбүтүм түмүгэр 38 араас­таһыыны, 133 аат сахалыы таба суруйуу быраабылатыгар сөп түбэспэтин булбутум. Холобур, уһун аһаҕас дор­ҕоону кылгатыы үгүстүк көстөр. Нэһилиэктэр, улуус ааттара нууччалыы сыыһа суруллара хомолтолоох. Холобур, Быраҥатталаах – Быраҥаатталаах, Дьарыла– Дьаарыла, Кытыл Дьураа – Кытыл Дьуураа о.д.а. саха тылыгар уһун аһаҕас оннугар кылгас аһаҕас дорҕоону туттуу тыл суол­татын төрдүттэн уларытар уратылаах. Сылгы Ыытар нууччалыы Сылгы Ытар диэн суруллара олох сыыһа. Онон, биһиги маннык көстүү тахсыбатын туһугар бу хайысхаҕа киэҥ хабааннаах үлэни ыытан, түмүгэр сир-дойду сахалыы аатын каталогун оҥорон таһаарар былааннаахпыт.

– Тылы сыыһа туттууга ылыллар миэрэлэр бааллар дуо?

– “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан” СӨ Сокуонун ирдэбиллэрин тутуспат буолуу иһин административнай эп­­пиэтинэс дьаһаллара бааллар. Ол курдук, Административнай сокуону кэһии туһунан СӨ Кодексыгар Тыл сокуонун ирдэбиллэрин тутус­пат түгэҥҥэ ыстараап көрүллэр: гражданнарга – 1 тыһыынчаттан 2 тыһыынчаҕа диэри солкуобай, дуоһунастаах сирэйгэ – 2 тыһыынчаттан 3 тыһыынчаҕа диэри солкуобай, юридическай сирэйгэ – 3 тыһыынчаттан 4 тыһыынчаҕа диэри солкуобай.
Биһиги управлениебыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын административнай хамыыһыйаларыгар анаан Административнай Сокуону кэһии туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Административнай Кодексатын 13.4 ыстатыйатын таба туһанарга Методическай сүбэни ырытан оҥорбуппут уонна бары муниципальнай тэрил­лиилэргэ ыыппыппыт. Онон “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан” СӨ Сокуонун 32-с, 34-с, 35-с ыстатыйаларын ирдэбиллэрин тутуһууну олоххо киллэрэргэ чопчу суол арылынна диэхпитин сөп.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.

ТИЭРМИН БӨЛӨҔӨ

– Римма Романовна, тиэрмиҥҥэ анал бөлөх тэриллэр диэн иһиллибитэ.

– Бырабыыталыстыба бэ­рэс­сэдээтэлин солбу­йааччы Сергей Васильевич Местни­ков­тан, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр диэри Бырабыы­талыстыбаҕа тиэрмин хамыыһы­йатын тэрийэргэ сорудах­таах олоробут. Салгыы хайысхаларынан исписэлиистэри кытта киэҥник туттуллар сахатыйа илик тыллары эридьиэс­тиэхтээхпит. Ааспыт нэдиэлэҕэ Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Владимирович Тарасенко ити боппуруоһунан улахан мунньаҕы ыыппыта. Министиэристибэлэр үлэлэрин хайысхатынан тиэрминнэри сахалыы суруйан киллэрэллэригэр сорудаҕы биэрэн боротокуол толорон ыытта. Хамыыһыйа тиэрминнэри бэрээдэктиэхтээх, сахатытыахтаах, ол айыллыбыт, толкуйдаммыт тыллары сүбэлэһэн, Бырабыыталыстыба бигэргэтиэхтээх. Онон өрөспүүбүлүкэ салалтата тыл сайдыытыгар, чөл хааларыгар болҕомтотун уурар, ирдиир, көмөлөһөр.

СУДААРЫСТЫБАННАЙ БЫРАГЫРААМА

– Өрөспүүбүлүкэҕэ баар тыллары сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама ылыллыбыта. Туох ситиһилиннэ?

– 1992 сыллаахха ылыныллыбыт “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан” Сокуону олоххо киллэрэргэ, тыллар чөл туруктаах сайдыыларын хааччыйар аналлаах хас да төгүл анал судаарыстыбаннай таһымнаах бырагыраамалар ылыллан үлэлээбиттэрэ. Кэнники кэмҥэ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллар оруолларын үрдэтэр, судаарыстыбаннай тылларынан үөрэнии кэлим тиһигин, судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары үөрэтиини сайыннарар, тыллары киэҥник тарҕатар уонна туһаныллар эйгэлэрин кэҥэтэр инниттэн “2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары чөл хаалларыы уонна сайыннарыы” бырагыраама бигэргэммитэ.

Бу бырагыраама үс хос бырагыраамалаах:

СӨ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллар оруолларын үрдэтии;
СӨ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларынан үөрэҕи сайыннаарыы;
СӨ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллара туһаныллар эйгэлэрин кэҥэтии;

Бу хос бырагыраамалар чэрчилэринэн араас хайысхалаах үлэлэр ыытылыннылар. Холобур, 15 туомнаах “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын” электроннай барыйаанын таһаардыбыт. “Саха” НКИХ Арассыыйаҕа бастыҥ анимационнай “Riki.team” бөлөҕү кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, “Фиксиктэр”, (“Фиксики”) 157, “Кырачааннар” (“Малышарики”) 112 сиэрийэлэрин сахалыы саҥартылар. “Түннүк Саха кидс” ханаалы сүрэхтээн, күннэтэ кырачааннарга сахалыы ойуулуктары көрдөрөллөр.

«Улуусмедиа» иһинэн 2019 сылтан норуоттар икки ардыларынааҕы “Илкэн” портал үлэлиир. Бу порталы быйылгыттан атаҕар туруорар былааннаахпыт. СӨ дьиҥ таһымнаах (биэс аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан) хаһыаттар, үөрэх кинигэлэрэ, тылдьыттар түмүллэр улахан порталлара буолар.

Саха Национальнай бибилэтиэкэтигэр 2022 сыллаахха СӨ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларга виртуальнай түмэли тэрийдибит. Бу быра­йыак идеолога буоларым быһыытынан, миигин өйөөбүт тыл наукатын учуонайдарыгар, биир идэлээхтэрбэр ис сүрэхпиттэн махтанабын уонна бу үлэбит дириҥ ис хоһооннонуо диэн эрэнэбин.

Ити курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар тыл бэлиитикэтэ бары тыллары биир тэҥник тутан сайыннарыыга тирэҕирэрин быһыытынан, былааннаах уонна ситимнээх үлэ ыытылларын бэлиэтээн туран, Үөрэх, Наука, Култуура, Инновация уонна си­­бээс, Тырааныспар министиэрис­тибэлэрин үлэтин-хамнаһын сорох өрүттэрин билиһиннэриэх­пин баҕарабын.

Элбэх омуктаах өрөс­пүүбүлүкэҕэ тылы уонна култуураны чөл хаалларыы сүрүн мэктиэтинэн үөрэх эйгэтэ буолар. Бу эйгэҕэ өрөспүүбүлүкэ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ (миниистир Ирина Павловна Любимова) ситимнээх үлэни ыытар. Биир үтүө холобурунан саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култуура учууталларын сийиэһэ үрдүк таһымнаахтык барбытын бэлиэтиибин. 652 уопсай үөрэх тэрилтэлэтэ баарыттан 280 оскуола алын сүһүөх, сүрүн уонна орто (толору) уопсай үөрэх бырагыраамаларын нуучча тылынан ыытар. Ити оскуола уопсай ахсаанын 42,9 бырыһыанын ылар. 368 оскуолаҕа үөрэтии саха тылынан барар. Ити оскуола уопсай ахсаанын 56,4 бырыһыаныгар тэҥнэһэр. Алын сүһүөх уопсай, сүрүн уопсай, орто уопсай үөрэх судаарыстыбаннай аккредитациятын ааспыт бырагыраамаларынан үөрэтэргэ туттуллар учебниктар федеральнай кэрискэлэригэр саха тылыгар 1-9 кылаастарга барыллаан бырагыраамалар, саха литэрэтиирэтигэр 1-11 кылаас­тарга барыллаан бырагыраамалар, 1-9 кылаастарга үөрэх федеральнай ыстан­даартыгар эппиэттиир саха тылын уонна литэрэ­тиирэтин түмүктэммит учебниктара киирдилэр. Саха тылын үөрэтэр бары үөрэх тэрилтэлэрэ учууталларынан, учебниктарынан уонна үөрэтэр босуобуйаларынан толору хааччыллыбыттара.

Сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр култуураҕа, дойдуга, тапталы иҥэ­риигэ, омуктары, норуоту сомоҕолуурга сүрүн кылааты киллэрэллэр. Бу үлэни өрөспүүбүлүкэбитигэр Инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэ (миниистир Семенов Анатолий Аскалонович) иилээн-саҕалаан ыытар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин информационнай уопсастыбаны сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама көмөтүнэн 48 судаа­рыстыбаннай хаһыат, олортон 27 саха тылынан, 5 сурунаал олортон 3 саха тылынан бэчээттэнэр. Араадьыйа биир ханаа­ла уонна ситим биир таһаа­рыыта хааччыллар. “Саха” НКИХ тэлэ­биисэринэн биэриитин 67 бырыһыана, араадьыйанан биэрии­тин 87,5 бырыһыана сахалыы тахсар. “Якутия 24” сахалыы биэриитэ 14 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр.

Анаабыр, Эдьигээн, Аллараа Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытан­тай уулустарыгар хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын тылларынан хаһыат­тар бэчээттэнэллэр. “Илкэн” долган, чукча, дьүкээгир, эбээн, эбэҥки тылларынан тахсар өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыат 510 тираһынан бэчээттэнэр.

Сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр ураты аудио­-визуальнай эйгэни үөскэтэллэр, Саха сирин норуоттарын тылларынан ханна да суох контены оҥорон таһаараллар. “Саха сирэ.ру”, “Кыым”, “Улуусмедиа” сахалыы тыллаах саайтар тэриллэн олоххо киирдилэр, бэйэлэрин ааҕааччыларын буллулар.

С.А.Новгородов аатынан “Айар” национальнай кинигэ кыһата (генеральнай дириэктэр Август Васильевич Егоров) ханнык баҕарар мобильнай тэрил көмөтүнэн “Сыыппара бибилэтиэкэтэ”, “Саха халандаара”, “Букубаар” учебник, “Саха тыла” учебник сыһыарыыларын сахалыы ааҕар кыахтанныбыт, ону сэргэ саха ос­­туоруйаларыгар олоҕурбут оонньуулары оҥорон таһаарбыта дьон кэрэхсэбилин, сэҥээриитин ылла. “Төрөөбүт тыл уонна култуура” хайысхатынан хоту дойду төрүт олох­тоох аҕыйах ахсаан­наах омуктарын тылларынан уруоктары оҥорорго Грант үбэ көрүллүбүтэ. Ол уруоктар ютуб-ханаалга таҕыстылар. Ити курдук, кинигэттэн саҕалаан киинэҕэ тиийэ төрөөбүт тылбыт, сахабыт тыла сайдарын туһугар үлэ утумнаахтык ыытыллар. Ол үтүө холобурунан өрөспүүбүлүкэҕэ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин көҕүлээһининэн саха киинэтин устууну сайыннарар уонна чиҥэтэр инниттэн сахалыы киинэлэри оҥорон таһаарыыга былааннаах үлэ ыытыллар. Саха киинэтин ситиһиилэрэ, киинэ саҥа саалаларын арыйарга туһаа­йыллыбыт көхтөөх үлэ көрөөччү интэриэһин сөргүттэ. Сылтан сыл ахсын саха киинэтигэр сылдьыы ахсаана элбээн уонна саҥа кии­нэлэри устар таһымнара үрдээн, ис хоһоонноро дириҥээн иһэллэрэ сүргэни көтөҕөр.

Түмүктээн эттэххэ, Саха Өрөс­пүүбүлүкэтин сиригэр-­уотугар олорор норуоттар тылларын баайа, эгэлгэтэ, дэгэтэ омуктар икки ардыларыгар иллээх-эйэлээх сыһыаны, бигэ туругу олохтуурга, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы стратегичес­кай соруктарын быһаарарга көмөлөһөр. Онон бары биир сүбэнэн үлэлээтэхпитинэ, өрөспүүбүлүкэбит судаарыс­тыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын чөл хаалларыахпыт, сайыннарыахпыт диэн бигэ эрэл­лээхпин.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: