Ийэ тылынан ааҕыы кистэлэҥнэрэ
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин «Ааҕыы бэстибээлэ» тэрээһинин чэрчитинэн, оҕо суруйааччыта, филологическай наука хандьытаата, СӨ Суруйааччыларын уонна Арассыыйа суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, бибилэтиэкэ чинчийэр-научнай институтун үрдүкү научнай үлэһитэ Ангелина Афанасьевна Кузьминаны-Үнүгэс сиэнин кытта көрсүһүү Оҕо ааҕар, сайдар киинигэр буолла.
Көрсүһүү кэмигэр ааптар «Мас тоҕо үүнэрий?» диэн оҕолорго аналлаах кинигэтин хайдах суруйбутун кэпсээтэ, иҥэринэн ааҕыы кистэлэҥин арыйар маастар-кылааһы ыытта. Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, олоҥхоһут, СӨ култууратын туйгуна Василина Баланова уонна Дьокуускай куорат С.Ф. Гоголев аатынан алын сүһүөх оскуола 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ айымньылартан уус-ураннык аахтылар.
Тэрээһиҥҥэ СӨ суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуодунай бэйиэт Иван Мигалкин, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Калитин, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Татьяна Винокурова-Сабыйа, Таатта Ытык Күөл «Кустук» оҕо көрдөрүүлээх драматическай тыйаатырын салайааччыта Татьяна Захарова кытыннылар.
Ангелина Афанасьевна айымньыларга киирбит тыллары толору өйдөөн, дириҥник ылынар дьоҕуру сайыннарарга «Саха тылын быһаарыылаах тылдьытын» туттарга, айымньыны оҕо хас сааһыттан уонна аахпыты өйгө тутарга хайдах үөрэниэн сөбүн үөрэттэ. Ааҕааччылар бу көрсүһүү уратытык ыытыллыбытын уонна оҕолорго төрөөбүт тылы үөрэтэргэ маннык ньыманы туһанан, суруйааччылар элбэхтик көрсүһүү ыыталларыгар баҕа санааларын эттилэр.
Ангелина Кузьмина инникитин ийэ тылынан ааҕыыны тарҕатыыга киинэ көмөтүн туһанан, бу кинигэтинэн оҕо киинэтин устар санаалаах. Билэрбит курдук, Саха сирэ бастыҥ киинэлээх эрэгийиэнэн буолар. Онон билиҥҥи кэмҥэ оҕо суруйааччыларын айымньыларын тиэрдэргэ бу төһүү күүс буолуон сөптөөҕүн ааптар биэлиэтээн эттэ.
Ийэ тылынан ааҕар кэнчээри ыччаппыт элбии, үүнэ-сайда турарыгар баҕарабыт!
Матрена ТАТАРИНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: