Ил Дархан Алдан куорат 100 сылыгар бэлэмнэниитин күүһүрдэргэ соруйда

Share

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев 2023  сылга 100 сылын туолар Алдан куоратыгар, бэлиэ даатаны көрсө бэлэмнэнии үлэнэн сүбэ мунньаҕы ыытта.

Туох үлэ толоруллубутун оройуон баһылыга Александр Шестопалов иһитиннэрдэ. Ил Дархан туох ханнык иннинэ, ОДьКХ уонна социальнай эйгэ боппуруостарын быһаарарга соруйда.
«Алдан — бырамыысыланнас сайдыбыт куората. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан»Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах ааты ылбыта. Билигин куорат сайдарыгар бары усулуобуйаны тэрийиэххэ наада. Алдаҥҥа олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын, социальнай эйгэ боппуруостарын хайаан да быһаарар наада. Маныаха кэнники сылларга бэлиэтэнэр ситиһиилэри биһиги эмиэ көрөбүт. Түргэн быһаарыыны эрэйэр тэрээһиннэр бааллар. СӨ Бырабыыталыстыбатыгар Алдан куорат 100 сыллаах тэрээһиннэрин кытары сибээстээх боппуруостарынан, кэлэр сыл бүддьүөтүгэр үп-харчы боппуруоһун эрдэттэн учуоттуулларыгар сорук туруорулунна«, — диэн бэлиэтиир Айсен Николаев.
Үбүлүөйдээх бэлиэ даатаҕа тэрээһиннэри тэрийэргэ уонна ыытарга анаан бигэргэммит тэрийэр кэмитиэти бастакы вице-премьер Кирилл Бычков салайар.
Санатан эттэххэ, 2021 сыллаахха Алдаҥҥа «Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Аҕа дойду сэриитин сылларыгар алданнар хорсун-хоодуот быһыыларын бэлиэтээн, сүгүрүйэн туран, Арассыыйа 12 куоратын кытары, Алдаҥҥа бочуоттаах ааты иҥэрэр туһунан ыйаахха илии баттаабыта.
Хаартыскаларга Андрей Сорокин (СИА) түһэриилэрэ
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үөһээ Бүлүү Хоротун олохтооҕо Кыайыы күнүнэн тэлгэһэтин киэргэттэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгин олохтооҕо Нина Тимофеева дьиэтин таһын уонна тэлгэһэтин Улуу Кыайыы күнүнэн…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Болугурдар бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтилэр

Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр Улуу Кыайыы күнүнэн сэлэлээн хаамтылар. Кыайыы күнүн туһунан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибин!»

ЫТЫКТАБЫЛЛААХ  САХА СИРИН ОЛОХТООХТОРО! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибин!…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ыам ыйын 9 күнэ: хаар, ардах уонна +17 кыраадыс

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ хоту, хотугулуу-арҕаа өттүгэр хаар, соҕуруу, соҕуруулуу-илин, киин оройуоннарга инчэҕэй…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ямаллар кыыл табалара (видео)

Бу видеоҕа үөр табалар улахан айан суолун туораан, субуһан эрэллэрэ көстөр. Эчи элбэхтэрин, көрөргө бэртээхэй…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан «Бэс Чагда» санаторийга байыастары көрүстэ

Улуу Кыайыы күнүн көрсө, ыам ыйын 8 күнүгэр,  Ил Дархан Айсен Николаев «Бэс Чагда» санаторий…

14 часов ago