Салгыы
Ил Түмэҥҥэ Саха сирин 2022 сыллааҕы судаарыстыбыннай бүддьүөтүн туолуутун сокуонун барыла көрүлүннэ

Ил Түмэҥҥэ Саха сирин 2022 сыллааҕы судаарыстыбыннай бүддьүөтүн туолуутун сокуонун барыла көрүлүннэ

Ааптар:
25.05.2023, 16:14
Хаартыска: Дьулустаан Сергеев, СИА.
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ыам ыйын 25 күнүгэр, Ил Түмэн бастайааннай кэмитиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар Саха сирин 2022 сыллааҕы судаарыстыбыннай бүддьүөтүн толоруутун туһунан сокуон барыла көрүлүннэ. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа 319 млрд солк. тэҥнэстэ.

СӨ үбүн миниистирэ Валерий Жондоров иһитиннэрбитинэн, 2022 сыл бүддьүөтэ түөртэ чуолкайдаммыт. Ааспыт сыл устата бүддьүөт дохуотун былааннаммыт кэриҥэ 54,2 млрд. солк. диэри улааппыт. Онтон судаарыстыбыннай бүддьүөт дэписиитэ 1,4 млрд солк. улаатан, 34,5 млрд солк. тэҥнэспит. Сыл туолуутун түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуоттаах чааһыгар 319,6 млрд солк. киирбит. Налоговай дохуот — 149 млрд. солк. (5% аһара барда). Нолуокка киирбэт дохуот — 11,2 млрд солк. (18% аһара барда). Төлөбүрэ суох киирии — 158,4 млрд. солк. ( 4% аһара барда).

«Бүддьүөт кэмитиэтэ 2022 сыллааҕы бүддьүөт олус дьоһуннаахтык ылылынна уонна толорулунна диэн бэлиэтиир. Судаарыстыба былааһын бары уорганнара, Ил Түмэн уонна Судаарыстыбыннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова бииргэ түмсэн үлэлээтилэр. Бүддьүөт дьоһуннаахтык хамсаата. Биһиги рекорднай көрдөрүүнү ситистибит. Ол курдук, бүддьүөт дохуоттаах өлүүтэ — 319 млрд. солк. тэҥнэстэ, онтон ороскуоттаах — 349 млрд. солк. Бу көрдөрүү биһиги нолуогу сүрүн төлөөччүлэрбит — сири туһанар тэрилтэлэрбит үлэлэринэн ситиһилиннэ», — диэн Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, сыана бэлиитикэтигэр, бас билии боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев бэлиэтээтэ.

Кини 2023 сылга эмиэ судаарыстыбаннай былаас уорганнара тэтими түһэриэхтэрэ суоҕа уонна чиэстээхтик ааһыахтара диэн эрэлин эттэ.

Салгыы 2022 сыл бүддьүөтүн туолуутун туһунан сокуон барылын тустаах кэмитиэттэр, онтон Ил Түмэн мунньаҕар көрүөхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 мая
  • 5°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 36% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: