Ирбэт тоҥу үөрэтии болҕомто киинигэр
Саха сиригэр кулун тутар 22-24 күннэригэр Килиимэт уларыйыытыгар уонна ирбэт тоҥу харыстааһыҥҥа анаммыт научнай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Араас дойдулартан 500 кэриҥэ бу кыһалҕаны дириҥник чинчийэр, араас эйгэҕэ дьайыытын үөрэтэн билэр учуонайдар, исписэлиистэр кэлэн уонна быһа холбонон киэҥ ырытыыны тэрийдилэр. Аан дойду сылыйыыта билигин саарбахтаммат чахчы буолбутун кэнниттэн, өр сыллаах ирбэт тоҥ туруга киһи аймах инники кэскилигэр улахан дьайыылаах буолбута саарбаҕа суох.
Арктическай сэбиэт – 1996 сыл балаҕан ыйын 19 күнүгэр тэриллибитэ. Арктика сиригэр-уотугар интэриэстээх 8 дойдуну түмэр – Арассыыйа, Канада, АХШ, Дания, Финляндия, Исландия, Норвегия уонна Швеция. Бу түмсүүгэ дойдулар Арктикаҕа сыһыаннаах киэҥ далааһыннаах кыһалҕалары ырыталлар, быһаараллар. Холобур, 2011 сыллаах кэмпириэнсийэ түмүгүнэн дойдулар “Муораҕа дьону көрдөөһүн уонна быыһааһын эйгэтигэр бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү” туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаабыттара. Түмсүү кыттыылаахтара биир дойдуну икки сыл бэрэссэдээтэлинэн аныыллар. Арктическай сэбиэт бу иннинээҕи бэрэссэдээтэлэ Исландия 2021 сыл ыам ыйын 20 күнүгэр боломуочуйатын Арассыыйаҕа туттарбыта. Арассыыйа бэрэссэдээтэллиир болдьоҕо бу сыл ыам ыйыгар түмүктэнэр. Онон бу күннэргэ Дьокуускайга буолан ааспыт кэмпириэнсийэ биир улахан кэрчиги түмүктүүр сүдү суолталаах түмсүү буолар.
Ирбэт тоҥ ириитин кыһалҕалара
Килиимэт уларыйыытыгар уонна ирбэт тоҥу харыстааһыҥҥа анаммыт научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэҕэ билим бэрэстэбиитэллэрин тэҥэ, бырамыысыланнас уонна урбаан эйгэтин дьоно көхтөөх кыттыыны ыллылар. Киһи аймах иннигэр турбут уустук боппуруостарга бу кэмпириэнсийэҕэ билим эрэ өттүттэн буолбакка, бүгүҥҥү олоххо туһаайыылаах тыҥаан турар кыһалҕалары быһаарыыга элбэх дакылаат оҥоһулунна. Ол курдук дьиэ, суол, тимир суол тутуутугар саҥа ньымалар ырытылыннылар, ордук күүскэ кэтээн көрүү уонна билгэлээһин ньымаларын сайыннарыы боппуруостара көрүлүннүлэр. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарын үгүстэрэ биир уопсай санааҕа кэлбиттэр – айылҕа уларыйыытыгар утарылаһыахтааҕар, баар чахчылары ылынан, уларыйыыларга сөптөөх миэрэлэри ылан бэлэмнэнии ордук көдьүүстээх.
Ирбэт тоҥ уларыйыытын кэтиэхтэрэ
Арассыыйаҕа ирбэт тоҥ ирэр тэтимин кэтииргэ анаммыт сүүнэ иэннээх сири хабар уопсай ситим тэриллэрэ күүтүллэр. Кэмпириэнсийэ пленарнай мунньаҕар быһа холбонуу ньыматынан Арассыыйа айылҕа ресурсаларын уонна экологиятын миниистирэ Александр Козлов кыттыыны ылла. Кини этэринэн, ирбэт тоҥу кэтээн көрүү уонна чинчийии Арассыыйаҕа сүдү оруоллаах сорук.
Биһиги дойдубут 65% ирбэт тоҥ үрдүгэр турар, онон Арктикаҕа ирбэт тоҥ ууллуутун чинчийии ити сиргэ олорор 2 мөлүйүөн кэриҥэ киһи куттала суох олорууларын хааччыйыахтаах. Арктика сиригэр-уотугар тутуллар инфраструктура саахала суох үлэлиирин хааччыйар туһугар сир ньуурун хамсатар сылыйыыны өйдүөх тустаахпыт, аныгы технологиялары баһылаан туттуохтаахпыт.
Миниистир этэринэн, билигин Арассыыйа үрдүнэн Росгидромет кэтиир ситимин иһинэн саҥа фоновай мониторинг систиэмэтэ таҥылла турар. 2025 сылга диэри бу ситимҥэ 140 кэтээн көрөр пууннар киириэхтэрэ. Киэҥ далааһыннаах сиргэ – Кольскай тумултан Чукоткаттан Алтай уонна Тыва соҕурууҥҥу кыраныыссаларыгар тиийэ кэтиир пууннар өр сыллаах ирбэт тоҥ туругун быыстала суох кэтиэхтэрэ.
“Саха сирэ ирбэт тоҥу чинчийии инники кирбиитигэр сылдьар”
Килиимэт уларыйыытыгар уонна ирбэт тоҥу харыстааһыҥҥа анаммыт научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэ пленарнай мунньаҕын кыттааччыларын Арассыыйа тас дьыалаларын миниистирэ Сергей Лавров онлайн холбонон эҕэрдэлээтэ. Кини этэринэн, кэмпириэнсийэ Саха сиригэр ыытыллара ордук суолталаах:
– Саха сирэ килиимэт уларыйыытын, өр сыллаах ирбэт тоҥу чинчийиигэ билим уонна олох эйгэтигэр сөптөөх кыах, билии мунньуллубут эрэгийиэнэ, онон кэмпириэнсийэ сөптөөх сиргэ тэриллибит. Арассыыйа Тас дьыалаларын министиэристибэтэ дойдубут билим эйгэтигэр үлэлиир учуонайдар тас дойдуларга үлэлиир кэллиэгэлэрин кытта алтыһыыларын куруутун өйүүр. Билиҥҥи сорох өһүөмньүлээх дойдулар буруйдарынан бэрт уустук балаһыанньа үөскээбит кэмигэр бу ордук тыҥааһыннаах боппуруос. Ол эрэн, килиимэт уларыйыыта аныгы кэм биир саамай тыҥаан турар кыһалҕата. Ол иһин киһи аймах бастыҥ өйдөрүн бииргэ холбуур олус суолталаах, – диэн эттэ Сергей Лавров.
Сөбүлэһии баттанна
Саха сирин Бырабыыталыстыбата, Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаата, Гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүү федеральнай сулууспата,
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Саха сирин Наукаларын академията килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин чинчийии боппуруостарыгар үлэлэһии туһунан сөбүлэҥ түһэристилэр.
Докумуоҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев, ХИФУ ректора Анатолий Николаев, Арассыыйа Наукаларын академиятын бэрэссэдээтэлэ, академик Валентин Пармон, Росгидромет салайааччыта Игорь Шумаков уонна Саха сирин Наукаларын академиятын бэрэсидьиэнэ Леонид Владимиров илии баттаатылар.
Ил Дархан бу сөбүлэһии килиимэт уларыйыытыгар уонна ирбэт тоҥу харыстааһыҥҥа анаммыт научнай-бырактыычаскай бастакы кэмпириэнсийэни түмүктүүр, сүдү суолталаах докумуон буоларын бэлиэтээтэ. Саха сирэ бу кыһалҕаны үөрэтиигэ инники кирбиигэ сылдьарын Ил Дархан тоһоҕолоон эттэ.
“Саха сирэ өр сыллаах ирбэт тоҥу бары өттүттэн чинчийии киинэ буолар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бастакынан ирбэт тоҥу харыстааһыҥҥа анаммыт туспа сокуон ылыллыбыта. Бу эйгэҕэ үөскүүр кыһалҕалары, тургутуулары Саха сирин институттара, чинчийэр кииннэрэ, үөрэх кыһалара өр сыллар устата чинчийэллэр”, – диэн эттэ.
Ил Дархан бу сыл Саха сирин үрдүнэн Росгидромет кэтиир ситимигэр холбонор пууннар туруохтаах сирдэрэ чопчуланыахтара диэн эрэннэрдэ. Кэлэр биэс сылга сөбүлэһии анныгар илии баттаспыт биэс кыттааччылар билим, сиргэ үлэ, инновациялары олоххо киллэрии өттүгэр көхтөөхтүк бииргэ үлэлэһиэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: