Кальяны тардыы сэлликкэ тириэрдиэн сөп

Share

Билиҥҥи кэмҥэ кальяны  табахсыттар уонна табах тардыбат да дьон интэриэһиргиир буоллулар. Кальян өр кэм устата ханнык баҕарар хампаанньа сынньалаҥын  биир атрибутунан билиниллэн кэллэ.

Хаартыска: Нарколгия диспансерын пресс-сулууспата

Кальян буортулааҕын, буортута суоҕун туһунан биһиэхэ Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын  нарколог-бырааһа Надежда Хоютанова кэпсээтэ.

 —  Дьиҥэр, кальян, суруйалларын курдук, буортута суох буолбатах. Кальяны сигаретаны солбуйар, куттала суох, истириэһи устар, сынньатар дии саныыллар. Ол гынан баран, бу барыта айах кэпсээнэ.

Кальяҥҥа, никотин курдук, үөрэнэн хаалыахха сөп.

Иккиһинэн, кальяҥҥа баар табах булкаастара хонтуруолламматтар уонна сертификацияны ааспаттар. Онон, чахчы туох булкаастааҕын  быһаарар кыах суох.

Үсүһүнэн, наука бигэргэтэринэн, сыттаах табах буруотугар араагы үөскэтэр холбоһуктар бааллар. Ону таһынан, кальяны тардыы сэллигинэн уонна А гепатитынан ыалдьар кутталы улаатыннарар.

Кальяны сөбүлээн туһанааччылар ортолоругар герпес курдук араас вирустаах ыарыылаахтар элбэхтэр. Уопсай куолба – бактыарыйалар элбииллэригэр  уонна киһитттэн киһиэхэ бэриллэллэригэр сатабыллаах иһит. Бу бактыарыйалары хлорунан дезинфекциялаан эбэтэр испиирдээх убаҕаһынан эрэ өлөрүөххэ сөп.

Кальяны биһиги ыччаппыт сынньалаҥар элбэхтик туттар, тоҕо диэтэххэ, кинилэр кальян “буортута суоҕун” туһунан кэпсиир атыыһыттарга итэҕэйэллэр. Ону таһынан, кальяны  тардан бэйэлэрин киһиттэн “ураты” дьон курдук сананаллар…

Кальяны тардар уонна кальянынан “мэниктиир” дьоҥҥо этиэм этэ – бэйэҕит организмҥытыгар биллибэт химиичэскэй бэссэстибэлэри киллэриэх иннинэ: “Миэхэ туох туһаны аҕалыай?” диэн  үчүгэйдик толкуйдааҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

18 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

5 часов ago