Кэлэр быыбарга цифровой платформаны туһаныыга Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэтии ыытыллыа

Share

Алтынньы 9 күнүттэн сэтинньи 29 күнүгэр диэри судаарыстыбаннай былаас федеральнай уорганнарын быыбардарын ыытар «Быыбардар» судаарыстыбаннай автоматическай систиэмэни, ыраахтан олорон электроннай куоластааһын бырагырааматын уонна Цифровой платформаны туһаныыга Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэтии ыытыллыаҕа.

Дойду үрдүнэн ыытыллар үөрэххэ Арассыыйа быыбардыыр хамыыһыйалара бары кыттыахтара диэн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр. Тэрээһин үс түһүмэҕинэн барыаҕа: алтынньы 9-31 күннэрэ – бэлэмнэнии түһүмэҕэ; сэтинньи 1-24 күннэрэ – сүрүн түһүмэх; сэтинньи 27-29 күннэрэ – түмүктүүр түһүмэх.

«Биһиги үлэҕэ боччумнаахтык сыһыаннаһар, кытаанах дьиссипилиинэни ирдиир кэмҥэ киирэн эрэбит. Бу цифровой платформаны эбэтэр боростуойдук «Быыбардар» диэн ааттыыр бырагыраамабытын, дьон-сэргэ, нэһилиэнньэ өйдөөн ылыныан баҕарабын. Бар дьоммун саҥа саҕалаан, олоххо киллэрэн эрэр бу бырайыакпытыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаһыаххтара диэн эрэнэбин», — диэн этэр СӨ Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата Николай Булаев.

Оттон Арассыыйа Киин быыбардыыр хамыыһыйатын иһинэн баар Информатизация федеральнай киинин салайааччыта Александр Сокольчук санаатын маннык этэр: «Биһиги «Быыбардар» ГАС, Цифровой платформаны, ДЭГ программнай-тэхэньиичэскэй тиһиги, Судаарыстыбаннай өҥө биир кэлим портаалын, идентификация уонна аутентификация биир кэлим тиһигин уонна даҕаны атын араас информационнай тиһиги туһанан маннык киэҥ далааһыннаах үөрэтиини аан бастаан ыытан эрэбит. Биһиги быһаарыахтаах сорукпут олус уустук уонна улахан суолталаах».

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

7 часов ago