Кэлэр сылтан «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын кээмэйэ икки төгүл үрдүөҕэ
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн эбии социальнай төлөбүрдэри биэрии туһунан быһаарыныылары ылынна. Ол курдук, үһүс уонна онтон салгыы оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобай буолуоҕа.
Итиэннэ элбэх оҕолоох ыаллар «Демография» национальнай бырайыак иитинэн өссө да атын төлөбүрдэри ылыахтарын сөп буолуоҕа диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ элбэх оҕолоох ыал уопсастыбаҕа сыаннас уонна сирдьит буолуохтаах диэн соругу туруорбута. Биһиги дойдубутугар дьиэ кэргэҥҥэ, ийэ буолууга, оҕо сааска судаарыстыба кыһаллар. Бу ылыныллыбыт өйөөһүн миэрэлэрэ Саха сиригэр оҕо төрөөһүнүн үрдүк көрдөрүүтүн тутуоҕа. Владимир Владимирович Путин Саха сиригэр демографическай үрдээһини өрөспүүбүлүкэ сүрүн ситиһиитинэн ааҕар», — диэн Айсен Николаев этэр.
«Дьиэ кэргэн» хапытаала 2024 сылтан үрдүөҕэр диэри 151 690 солкуобай буолар. Бүтэһик биэс сылга бу өйөөһүн миэрэтинэн 15 832 ыал туһаммыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: