Кэлтэйдии салайыы тохтоон эрэр
Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларыгар араас хабааннаах былаһааккаларга анал кэпсэтиилэр ыытыллыылара элбээтэ. «Якутия – образ будущего» диэн кэпсэтии тэлэбиидэнньэҕэ версията 2020 сыллаахха Дьокуускай куоракка Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын киинин баазатыгар аһыллан үлэлээбитэ. Билигин саҥа түһүмэх саҕаланар буолла. Ол курдук, Саха сиригэр инновационнай сайдыы туһунан боппуруостан саҕалаан Арассыыйа билиҥҥи буола турар олоххо, быһыыга-майгыга цивилизация быһыытынан сайдыытын, аан дойду үрдүнэн улахан, күүстээх, сайдыылаах дойдулар сыһыаннаһыыларын туһунан кэпсэтиилэр тахсыахтара.
Ол курдук, бастакы анал кэпсэтиигэ Саха сиригэр биллэр-көстөр уопсастыбанньык уонна «Всероссийское общество охраны памятников истории и культуры” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай түмсүү Саха сиринээҕи Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, өр сылларга култуура, урбаан эйгэтигэр үлэлээбит Руслан Васильев билиҥҥи буола турар балаһыанньаҕа, чуолаан Арассыыйа уонна Украина сыһыаннарыгар уонна анал эпэрээссийэҕэ санаатын, толкуйун эттэ. Биэриини устуоруйа наукатын хандьыдаата, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр, ураты көрүүлээх, толкуйдаах устуорук Афанасий Николаев иилээн-саҕалаан ыытта.
Конфуций этиитэ билигин да дьоһун суолталаах
– Биллиилээх бөлүһүөк, Кытай цивилизациятын олохтообут дьонтон биирдэстэрэ – Конфуций Кытай сайдыытыгар аналлаах пуормуланы этэн быһаарбытыттан биирдэстэрэ билигин да туһаныллар кыахтаах, – диэн устуорук Афанасий Алексеевич кэпсэтиини саҕалаата. – Ханнык баҕарар күүстээх цивилизация кыайыыга дьулуһуутун көрдөрөр уобарастаах буолар. Атыннык инникини, сайдыыны түстүүр уобарас диэххэ эмиэ сөп. Билиҥҥи буола турар быһыыга-майгыга, балаһыанньаҕа Арассыыйа биир күүстээх цивилизация быһыытынан биллэр-көстөр. Аҥаардас биһиги дойдубут экэнэмиичэскэй уонна геобэлиитикэтинэн эрэ сайдыыта тумус тутуллубакка, инники өттүгэр сайдыахтаах уобараһа эмиэ эрдэттэн түстэнэн быһаарыллан иһиэхтээх. Манна Уһук Илиҥҥи уокурук уонна Саха сирэ хайдах-туох сайдара эмиэ хабыллар, ону бары бэркэ диэн көрө-истэ сылдьабыт. Маны барытын – Тиихэй акыйаан эргин баар омуктары кытта бииргэ үлэлииргэ аналлаах элбэх мегабырайыактар бааллара туоһулууллар.
Арассыыйа баарын биллэрдэ
– Руслан Васильевич, Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларыгар туох санаалааххыный уонна бу киирсии аан дойду бэлиитикэтигэр, аан дойду уларыйыытыгар тугунан дьайыай?
– Аан дойду олохтоохторо өр кэмҥэ биир дойду ыйытыынан, салайыытынан (однополярнай) олорон кэллибит. Билигин Украинаҕа буолар турар балаһыанньа Арассыыйа “туран эрэрин” көрдөрөр, аан дойду үрдүнэн баарын үчүгэйдик биллэрдэ. Биһиги дойдубут – Арассыыйа – аан дойду үрдүнэн хас даҕаны дойду лиидэр буолуохтааҕын олохтоон, киллэрэн эрэр. Бу – биһиэхэ олус наадалаах уларыйыы буолар. Анал эпэрээссийэ саҕаламмытыгар аан дойду дьоно бары ыксыы, долгуйа түспүттэрэ.
Бу бары өттүнэн сөптөөх дьаһал ылыллыбытын өйдүөх тустаахпыт. Зеленскэй өттүттэн өһүөннээх санаалар, дьайыылар саҕаланыахтаахтара эрдэттэн биллэр этэ. Биллэн турар, бары өттүнэн уустук, кытаанах хамсаныы буолла, ону бары өйдүөх тустаахпыт уонна билигин уолаттары, эр дьону быстах хомуурга ыҥырыы саҕаланан бара турар. Мин билэр элбэх дьоммуттан ыҥыртаатылар. Бастаан утаа буола турар киирсииттэн ыраахпыт, онон биһигини ким да тыытыа суоҕа диэн сорохтор этэллэр этэ эрээри, оннук буолбатаҕын итэҕэттэ. Сахабыт сириттэн элбэх киһи быстах хомуурга ыҥырылынна. Онон сибээстээн, билигин судаарыстыбаннай бэлиитикэ уларыйара уолдьаста. Тоҕо диэтэххэ, 1941 сыллааҕыны ылан көрөр буоллахха, тута Судаарыстыбаннай оборуонаҕа кэмитиэтэ тэриллибитэ, арҕаа баар собуоттары тута кэриэтэ илин диэки көһөрбүттэрэ уонна тустаах бородууксуйаны оҥорон бэлэмнээн барбыттара. Бу маннык хабааннаах суһал дьаһаллар Арассыыйаҕа билигин тахса иликтэр. Аны байаҥкамааттарбыт билиҥҥи үлэлэрин систиэмэтэ хайдах-туох балаһыанньалааҕын ырылыччы, чуолкайдык көрдөрдө, онон сөптөөх үлэ, чуолаан байаҥкамаат систиэмэтин саҥардыы ыытыллара уолдьаспытын толору дакаастаата.
Соҕотох лиидэр салайара аны тохтуо
– РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин соторутааҕыта аан дойдуга саҥа ирдэбиллэр, сыаннастар киирэн эрэллэрин туһунан этиитин туох дии саныыгын?
– Мин, дьиҥэр, бэлиитик буолбатахпын, Саха сирин уонна Арассыыйа олохтооҕун быһыытынан ити боппуруоска маннык этиэхпин сөп. Оскуолаҕа кылаас аайы хайаан да биир лиидэр баар буолар. Ол лиидэр тула кинини өйөөччүлэр тулалыыллар. Кини чиэһинэй, барытын сөпкө быһаарар буоллаҕына, кылаас үрдүнэн сөптөөх эйгэ үөскүүр. Бу лиидэр сорох хаачыстыбата мөлтөһүөр буоллаҕына, ол кылаас күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар тута биллэр. Оттон иккис лиидэр күөрэйэн таҕыстаҕына, кылаас үрдүнэн барыта этэҥҥэ буола түһэр, барыта орун-оннугар түһэн, тэҥнэнэн биэрэр. Бу бэрт судургу холобуру аан дойду таһымыгар ылан көрдөххө, ол эбэтэр биир полюстаах бэлиитикэ аан дойду үрдүнэн өр салайыа суохтааҕын туоһулуур, көрдөрөр. НАТО-ны утары Варшаватааҕы Сойуус баара. Ити кэмҥэ балаһыанньа этэҥҥэ этэ. Онон элбэх полюстаах салайыы баар буолуохтааҕа билиҥҥи ирдэбил быһыытынан турда.
Менталитеты уларытыы күүскэ барбыт
– Иһитиннэрии (информационнай) өттүнэн күүскэ үлэлииллэр, сымыйа фейктэри тарҕатыы күүскэ барар.
– Билигин араас хабааннаах иһитиннэриилэри күүскэ ыыталлар. Ол иһитиннэриилэрэ норуокка дьайар күүһэ олус улааппыта сөхтөрөр. Аҥаардас Саха сирин да ылан көрдөххө, дьон санаата уларыйбыта көстөр. Украина уонна Арассыыйа сыһыаннарыгар араас санаалаах дьон элбэҕэ баар суол. Биир эрэ өттүттэн кэлтэйдии саралыыр сыаллаах-соруктаах информационнай пропаганда барар буоллаҕына, ол алдьатыыта олус улахан, ол эбэтэр норуот менталитетын бэрт түргэнник уларытар. Итини билиҥҥи Украина балаһыанньата ырылыччы итэҕэттэ. Урут бырааттыы-убайдыы санаһан олорбут норуоттар утарыта турсан, кырыктаах өстөөх буоллулар. Аҥаардас Саха сиригэр элбэх украинец кэлэн олохсуйбута, кинилэр үгүстэрэ сир баайын хостооһуҥҥа таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Украинаттан төрүттээх билэр киһим үйэтин тухары манна Саха сиригэр үлэлээбитэ. Биэнсийэҕэ тахсан баран, дойдутугар Украинаҕа көспүтэ. Бу балаһыанньа саҕаланарын саҕаны кыыһа украинецка кэргэн тахсыбыта. Ол эрээри, кыыһа кэргэнин кытта Саха сиригэр төннөн кэллэ. Хайдах да олорор кыахтара суох буолбут, кинилэри аһаҕастык абааһы көрөр буолбуттар. Дьиэлэрин ааннарын кыраасканан саба ыһан эҥин, адьас этэҥҥэ сырытыннаралларыттан-олордоллоруттан ааспыттар этэ.
Арассыыйа уонна Кытай
– Эмиэрикэ уонна Арассыыйа киирсиилэригэр үһүс күүс баара биллэр. Ол – Кытай. Эспиэрдэр 2023 сылтан Эмиэрикэ Кытайтан экэнэмиичэскэй өттүнэн хаалыахтааҕын туһунан быһаарбыттара. Онон сибээстээн, Украина уонна Арассыыйа киирсиилэрин туһанан Арассыыйа уонна Кытай бииргэ буолууларын араарыы үлэтэ сир-буор аннынан ыытыллара биллэр. Ити “улахан оонньууга” Украинаны туһана эрэ олороллор.
– Сөпкө эттиҥ. Славян хааннаах икки омугу утарыта туруоран сэрии бара турар. Кинилэр украиналарга олох наадыйбаттар, НАТО-лар сэрии сэбинэн көмөлөһө олороллоро мээнэҕэ буолбатах. Онон Арассыыйа утары туруммута бары өттүнэн сөп. Билигин Арассыыйа Илин диэки хайыста. Аҥаардас ол диэки улахан гаас утаҕа тиийэрэ да элбэҕи этэр. Эмиэрикэлэр итини барытын бэркэ диэн көрөн олороллор. Арассыыйа уонна Кытай экэнэмиичэскэй, бэлитиичэскэй өттүнэн бииргэ буолан, кыаҕыралларыгар адьас баҕарбаттар. Бу сибээһи, ситими мөлтөтөр туһугар күүскэ үлэлии олороллор.
Онон бу балаһыанньаҕа Арассыыйа хас биирдии олохтооҕо биир санаанан салайтаран, сомоҕолостохпутуна эрэ барытын туруулаһар кыахтаахпыт, ону хайаан да өйдүөхпүтүн, ылыныахпытын наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: