Салгыы
Кэмпэндээйигэ оскуола-уһуйаан тутуллара былааннанар

Кэмпэндээйигэ оскуола-уһуйаан тутуллара былааннанар

15.02.2024, 09:42
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи сэлиэнньэтигэр саҥа оскуола-уһуйаан тутуллара былааннанар, онно 90 миэстэлээх оскуола уонна 25 миэстэлээх уһуйаан аһыллыаҕа.

Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев Кэмпэндээйи сэлиэнньэтигэр оробуочай сырыытын кэмигэр итинник быһаарда диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Тыа сирин мас оскуолата 1960-с сылларга тутуллубут, эргэрбит. Урут саҥа дьиэ бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуона оҥоһуллан госэкспертизаны ааһан, үчүгэй түмүгү ылбыт. Оҕолорбутун үөрэтиигэ уонна иитиигэ сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээх дии саныыбын, онон 2025 сылга нэһилиэккэ саҥа оскуола дьиэтин тутуута саҕаланыаҕа», – диэн бэлиэтээн эттэ Ил Дархан.

Күн бүгүн Кэмпэндээйи сэлиэнньэтин оскуолата 76 үөрэнээччилээх, эбии оскуола иннинээҕи бөлөх үлэлиир.
«Оскуола 2000 сылтан инновационнай бырайыактары олоххо киллэрэр, Саха сирин баһылыгын гранын үс төгүллээх хаһаайынынан буолар. Оскуолаҕа «Я – исследователь», «Большие вызовы» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустар призердара үөрэнэллэр. 2021 сыллаахха икки үөрэнээччи «За особые успехи в учении» кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кэмпэндээйи оскуолатын үөрэнээччилэрэ национальнай көрүҥнэргэ эрэгийиэннээҕи уонна Бүтүн Арасыыйатааҕы күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Ол курдук, 2022 с. биһиги оскуолабыт спортсмена мас-рестлиҥҥэ Арассыыйа чөмпүйэнээтин призера буолбута, оттон 2023 с. 10 юниор мас-рестлиҥҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэр призердарынан буолбуттара», — диэн оскуола дириэктэрэ Владимир Семёнов кэпсиир.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр 2018-2022 сс. федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи үп суотугар, ол иһигэр дойду бэрэсидьиэнэ «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан барыта 10,2 тыһ. миэстэлээх 48 оскуола тутулунна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: