Киһи тоҕо «бомжка» кубулуйарый?
Саха сирин үрдүнэн төһө киһи ускул-тэскил сылдьара биллибэт. Аҥаардас Дьокуускайга халлаан сылыйда даҕаны, маннык дьон ахсаана эмискэ элбиир. Урукку өттүгэр кинилэр Автовокзал оройуонугар тоҕуоруһар эбит буоллахтарына, билигин ыырдара кэҥээн турар. Ханна арыгы маҕаһыына баар, ол тула суксуруһаллар.
Кинилэр үгүстэрэ олохсуйбут ыарыылаах буолаллар. Түбүркүлүөс, гепатит уонна венерическэй ыарыыларга сысталлар. Бу дьон пааркаҕа, искибиэрдэргэ, оҕо-аймах, дьон-сэргэ тоҕуоруһар сиригэр көҥүл сылдьаллар, уопсастыбаннай тырааныспарынан айанныыллар. Уйулҕалара устунан уларыйар, аһыы утахха ылларан баран онтон аккаастаналлара уустук. Бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕатын курдук, ускул-тэскил сылдьааччылар кыһалҕалара эмиэ улахан. Төһө даҕаны аһыы утахха умсубуттарын, олорор дьиэлэрэ-уоттара суоҕун иһин, кинилэр дьоннор эбээт. Хаһан эмит көнөр суолга туруохтара дуо? Олох очуругар оҕустарбыт дьоҥҥо ханнык, туох көмөлөр баалларый?
Тоҕо?
Уонтан тахса сыллааҕыта уулуссаҕа биир эмит кырдьаҕас оҕонньор, сааһыран эрэр эр дьон ускул-тэскил сылдьаллара. Аҕыйах сылтан бэттэх кинилэр эдэрсийэн, дьахталлар кытта эпсэн, туспа социальнай бөлөххө кубулуйбуттара ыраатта. Биһиги ааһан иһэн “оо, бомжтар” диибит. Ол эрээри бу дьон эмиэ хаһан эрэ ийэттэн-аҕаттан төрөөн, ханнык эрэ улууска эбэтэр куоракка оҕо саастара аастаҕа. Олох очуругар оҕустарбыт дьону сиргэнэ, ардыгар аһына көрөбүт уонна тэйэ туттабыт. Бу дьонтон үгүстэрэ аһыы утах дьаатыгар ылларан, сорохтор атаҕастабыл эбэтэр ааспат аһыы ыарыытын уйбакка бу суолга кэлбит буолуохтарын сөп.
“Миигин хаартыскаҕа түһэримэ, кыбыстыыта бэрт”
Ускул-тэскил сылдьар дьону кытта кэпсэтэр билигин сэрэхтээх. Отуордара алдьаммыт, сиэр-майгы диэни умнубут дьон хайдах буолан туруохтара биллибэт. Кинилэр элбэх буолан саба түһүөхтэрин сөп. Ол эрээри эдэрчи дьон олох дьуоҕатыгар түһэн сылдьалларын көрөн киһи хараастар… Автовокзал оройуонугар, маҕаһыын таһыгар
куйаастан күлүккэ сөрүүкүү олорор аҕам саастаах киһиэхэ тиийэбин. Кэпсэтэртэн аккаастанна. Кинини кытта эдэрчи, бэрт сытыы көрүҥнээх эрээри саҥардыы «бомж» буолан эрэр эдэр киһини кытта кэпсэтэргэ сананным. Киһим улгумнук сөбүлэстэ.
— Бааска диэммин, дьонум Бочуок дииллэр этэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээхпин. Төрөппүттэрим суохтар, эрдэ өлбүттэрэ. Бэйэм ханнык да үөрэххэ үөрэммэтэҕим. Эдьиийдээхпин, Майаҕа олорор. Миэхэ эрэ наадыйбаттар, төрөппүттэрбиттэн хаалбыт дьиэни улахан уолугар суруттарбыт этэ, онон дьиэ былдьаһан аймахтарбын кытта иирсэн баран Бэстээххэ куруусчутунан үлэлии сылдьан, уччуйан аны куоракка кэлэн хаалбыппын. Киһи олоҕо араас буолар эбит, этэргэ дылы, хаан биир, хармаан атын диииллэригэр итэҕэйдим. Докумуоннарбын эҥин сүтэрэн кэбиспитим. Миигин хаартыскаҕа түһэримэ, кыбыстыыта да бэрт…
Бу эдэр киһини кытта көнөр суол туһунан кэпсэтээри гыммыппар, «Эс, мин бомж буола иликпин, күһүөрү Бэстээххэ тахсан үлэлиир инибин», — диэтэ.
Үлэ лааҕыра — социальнай институт кэриэтэ
Бэс ыйын 24 күнүгэр Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр ускул-тэскил дьиэтэ-уота, үлэтэ-хамнаһа суох сылдьар дьон аһыы утахха умсалларын, уопсастыбаннай сирдэри киртитэллэрин, ону таһынан дьону сутуйалларын туһунан иһитиннэрбитэ. Үлэ суоҕуттан уонна нэһилиэнньэҕэ аһыы утах атыыта дэлэйиттэн маннык көстүү тахсарын бэлиэтээбитэ. Маннык дьоҥҥо анаан үлэ лааҕырдарын тэрийии туһунан санаатын Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Султан Хамзаев өйөөбүтэ. Ол курдук медвытрезвителлэри, үлэ лааҕырдарын тэрийии ускул-тэскил сылдьар дьон аһыы утахтан эмтэнэллэригэр, олоххо этэҥҥэ төннөллөрүгэр көмөлөөх буолуоҕун туһунан бэлиэтээбитэ: «Сөптөөх идиэйэ буолар, бу социальнай бөлөх араҥатын кытта хайаан да үлэлэһиэххэ наада. Оччотугар буруйу оҥоруу да аччыа этэ. Медвытрезвителлэр наадалар, Саха сирэ кыһынын олус тымныы, испит-аһаабыт дьон кыһын үлүйэн өлөр түгэннэрэ баар. Дьокуускайга эрэ буолбакка, Арассыыйа бары эрэгийиэннэрин куораттарыгар тэрийиэххэ наада. Ардыгар үлэ лааҕырын концлааҕыры кытта бутуйаллар. Үлэ лааҕыра — бүтүн социальнай институт кэриэтэ буолар. Аһыы утахха ылларбыт киһи эмтэниэхтээх, онно тустаах көмө оҥоһуллуохтаах. Бу киһи эмтэнэн баран үлэлиэхтээх, хамнас аахсыахтаах уонна дьиэ кэргэнигэр көмөлөһүөхтээх», — диэн Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата быһаарбыта.
Олоххо тирэхтээх буолуохха!
Социальнай хааччыйыы өрөспүүбүлүкэтээҕи кэлим киинин “Тирэх” социальнай адаптация салаатын сэбиэдиссэйэ Татьяна Афанасьевна Бурнашева:
— 2023 сыл саҕаланыаҕыттан биһиги кииммитигэр уопсайа 455 ускул-тэскил сылдьар дьон учуокка турбуттара. Дьарыктаах буолуу киинигэр икки киһи учуокка турбута, аҕам саастаахтар, инбэлииттэр интэринээттэригэр 27 киһи киирбитэ, аҕам саастаах икки киһиэхэ биэнсийэ анаммыта, оттон инбэлиитинэн биэнсийэ 14 киһиэхэ оҥоһуллубута. Биһиэхэ, кииммитигэр, маннык сылдьар дьону үксүн полиция үлэһиттэрэ аҕалаллар. Ону сэргэ балыыһалартан, УФСИН-нартан хадатаайыстыбанан киирэллэр. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэбит иһинэн ыытыллар аахсыйаларга үлэлэһэн эмиэ ылабыт. Ардыгар дьон кииммит үлэтин туһунан истиһэн көмө көрдөһө бэйэтэ эмиэ кэлбит түгэнэ баара. Ону сэргэ, маннык дьон уулуссаҕа бэйдиэ сырыттахтарына, дьон аһынан биһиги тэрилтэбит аадырыһын этэн, биһиэхэ эмтэнэ, чөлгө түһэ кэлбит киһи элбэх. Биһиги уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьону куойка миэстэҕэ босхо хонноробут, күҥҥэ үстэ аһатабыт, быраастар кэлиэхтэригэр диэри мэдиссиинэ бастакы көмөтүн оҥоробут, инбэлииккэ тахсыы хамыыһыйатын ааһарга, сүппүт докумуоннарын сөргүтүүгэ, аймахтарын кытта сибээһи олохтуурга, биэнсийэлэрин оҥотторууга, аҕам саастаахтар интэринээттэригэр киллэриигэ, оттон эдэрдэри дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка туралларыгар, үлэ булалларыгар көмөлөһөбүт. Биһиги тэрилтэбититтэн социальнай көмөнү ылбыт киһи элбэх. Ол эрээри хомойуох иһин чахчы көнөр суолга турбут киһи ахсаана олус аҕыйах. Билигин ускул-тэскил сылдьааччыларга саастаах дьон ахсаана элбэх. Ол эрээри эдэрдэр да бааллар. Бэлиэтээн эттэххэ, дьахтар аймах ахсаана аҕыйах. Биһиги мэдисиинэ тэрилтэтэ буолбатахпыт, онон эмтэниигэ наадыйар дьону биһиэхэ сыһыарыылаах поликлиникаларбытыгар ыытабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: