Салгыы
Кирбэй ийэлэрэ харысхал оҥороллор

Кирбэй ийэлэрэ харысхал оҥороллор

Ааптар:
16.10.2023, 14:00
Хаартыска: "Сардаҥа" хаһыат
Бөлөххө киир:

Өлөөн улууһун Кирбэй ийэлэрэ бу күннэргэ байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга харысхал оҥороллор. Бу туһунан «Сардаҥа» хаһыат иһитиннэрэр.

Ийэлэр, Өлөөн Эбэ дьикти оҥоһугун: хас эмэ сыллар, үйэлэр тухары үүттээн оҥорбут хаптаҕай тааһын хомуйан, сууйан-сотон, киэргэтэн уолаттарга дойду тыынын тиэрдэр күүһү иҥэрэн кытыанынан, сиэлинэн буруонан арчылаан ыытаары бэлэмнииллэр.

Хаартыска: "Сардаҥа" хаһыат

Ийэлэр, эбэлэр дьиэлэригэр эмиэ оҥорон «Ийэ мичээрэ» түмсүүгэ туттараллар. Айылҕа оҥоһуутун ыларга хайаан да көҥүллэтэн, атастаһан ылар өбүгэ саҕаттан тутуһуллар үгэс. Ол эбэтэр, алаадьы, сапкай, тимир харчы ууруллар. Бу суруллубатах үгэһи толорон туран ыллахха харыстыыр, эмтиир күүһэ үчүгэй буолар диэн аҕа саастаах дьоммут үөрэтэр буолаллара.

Далбар хотуттар илиилэринэн оҥоһуллубут харысхаллары — уолаттарга дойдуларын сылаас салгынын, күүстээх тыынын тиэртин — диэн санаанан салайтаран оҥороллор.

Хаартыска: "Сардаҥа" хаһыат

Наталья Нетребенко

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 мая
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: