Кирэдьиити ылыах иннинэ «толкуйдуур кэм» бэриллиэҕэ
Госдуумаҕа кирэдьиити биэрэргэ «толкуйдатар кэми» киллэрэр сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар. Бу сокуон барыла түөкүттэртэн көмүскүүр сыаллаах. Бу туһунан Госдуума саайтыгар суруллар.
Сокуон барыла бааҥҥа кирэдьиит ыла кэлбит киһи толкуйдуу түһэригэр бириэмэ биэрэри ирдиир. Ким эрэ ыйыытынан, ыгыытынан кирэдьиит ыла кэлбит киһи өйө баайыллыбыт курдук буолар, онтон тыын ылан, толкуйдана түстэҕинэ, аккаастаныан сөп. Эбэтэр, чугас дьоно билэн, көмөлөһүөхтэрин сөп.
«Токуйдатар кэм» уһуна кирэдьиит сууматыттан тутулуктаах:
- 4 чаас — 50-200 тыһыынча солкуобайдаах суумаҕа;
- 48 чаас — 200 тыһыынча солкуобайтан саҕалаан.
Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин этэринэн, 2024 сылга түөкүттэргэ албыннаппыт дьоҥҥо бэриллибит кирэдьиит харчытын 50%-на тута түөкүттэргэ ыытыллар эбит. Кэнники сылга маннык уоруу 2,6 төгүл улааппыт.
Маны тэҥэ, сокуон барыла бааннары кирэдьиит биэриэх, улахан харчыны ыытыах иннинэ эбии бэрэбиэркэни ыытарга эбээһинэстиир.
Госдуума бу сокуон барылын тохсунньу бүтүөр диэри иккис ааҕыытыгар ылыныаҕа.
Санатар буоллахха, 2024 сылга аҥаардас Саха сиригэр түөкүттэр 1 миллиард 120 мөлүйүөн солкуобай суумалаах харчыны уорбуттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: