Кириискэ Ардьакыап: «Кыайыы иһин турунуоҕуҥ!»
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 41-с кыттааччыта Дьокуускайтан Кириискэ Ардьакыап:
Кыайыы иһин турунуоҕуҥ !
Элбэх үйэлэр тухары
Эллэһэн-эйэлэһэн үөскээбит,
Эриирдээх сыллары туораабыт
Эллэй Боотур сыдьааннара
Эрдээх сахалар — биһиги!
Уоттаах-тыйыс кэмнэргэ
Умуллан-уостан сүппэтэх,
Ураты кытаанах санаалаах
Укулааттаах үгэстээх
Урааҥхай сахалар — биһиги!
Кыһарҕаннаах күннэргэ,
Киһи дуу, кии дуу буоларга
Кыыһар үрдүк өрөгөйдөөх
Кыайыы иһин дьулуурдаах
Кытыан сахалар — биһиги!
Арҕаалардыын атааннаһар
Араллааннаах кэмнэргэ
Адьаһын туора турбаппыт!
Адьарайдары самнарарга
Албан сахалар бэлэммит!
Самнан биэрбэт соргулаах,
Сайаҕас-көнө майгылаах
Саха урааҥхай ыччата,
Сата-буурай санааланан
Сааны-саадаҕы тутуоҕуҥ!
Саргы-дьаалы салалыннын,
Сырдык Кыайыы сандаардын!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: