Косплеер Айаал Федоров сэлиини хаамтарда (видео)
Косплеер Айаал Федоров «Азия оҕолоро» оонньуулар дьоруойдарын бэлэмниир.
Дьокуускайга түүн, арай, гараастар быыстарынан аа-дьуо бөдөҥ-садаҥ сэлии (мамонт) хаампыт. Дьэ, бу аарыманы хараҥа түүн гараастар быыстарыгар ким эмэ көрсүбүтэ буоллар, улаханнык соһуйуон сөп. Just Pro устуудьуйалаах косплеер Айаал Федоров хамаандатын кытта оҥорбут сэлиитин түүн бэрэбиэркэлээн хаамтарбыт. Бу туһунан Айаалы кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.
— Мин Бүлүү улууһуттан төрүттээхпин. 2010 сыллаахха оскуоланы бүтэрбитим уонна үөрэххэ киирэн баран ытык иэспин төлөөн аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитим. Оҕо эрдэхпиттэн пластилинынан, кумааҕыны сыһыаран ону-маны бары оҥорор этим. Ити сатабылбын урут улахаҥҥа уурбат этим, санаабар киһи барыта сатыыра буолуо диирим. Онтон 2015 сыллаахха бу дьарыкпынан ылсан үлэлэһэн саҕалаабытым. GEEK FEST диэн субкултуура тэрээһинэ буолааччы. Манна көстүүм кэтэн баран кыттыбытым. Маннык көстүүм кэтэн баран кыттыы косплей диэн ааттанар. Онно кыттан хайдах эрэ санаам кынаттаммыта. Бу хайысханан үлэлэһиэххэ сөп эбит диэн санаа киирбитэ. Онтон улахан үлэлэр 2018 сылтан дьэ, саҕалыммыттара. Сакаастары ылар буолбутум. Ол курдук сакаас ыларбар реклама наада этэ. Бастаан видео устан рекламаланар буолбуппут. Дьон социальнай ситимҥэ страницабытыгар суруттаран көрөр буолбуттара. Ол кэнниттэн улахан үлэбит «Емеян» киинэ тыйаатырыгар баар Дракон Смауг буолар. Сыл ахсын хамаандабыт үлэтин тупсарарга дьулуһабыт. 2022 сыллаахха «Звездные войны» дьоруойдарынан быыстапка оҥорон Москваҕа кыттыбыппыт.
— Билигин тугу оҥоро, айа-тута сылдьаҕыт?
— Билигин кэлэр сайын буолуохтаах «Азия оҕолоро» оонньуулар дьоруойдарыгар үлэлэһэ сылдьабыт. Бу биһиги уруккуттан баҕа санаабыт этэ, ол ырабыт туолан үөрэ-көтө, айа-тута дьоруойдары оҥоробут. Үлэлиир устуудьуйам элбэхтэ уларыйбыта, араас сиргэ куортамнаспыппыт. Билигин 400 кв.м.иэннээх устуудьуйалаахпыт. Хамаандабытыгар уон иккиэбит. Хас биирдии киһи бэйэтэ үлэлиир хайысхалаах. Идэлэрин толору баһылаабыт дьон буолаллар. Оҥорор, үлэлиир тэрилбит барыта баар. Бырамыысыланнай иистэнэр массыыналарбыт, принтердэр, көмпүүтэрдэр о.д.а. Сэлиини биһиги Саха циркэтигэр анаан оҥорбуппут. Бу соторутааҕыта гостуруоллаан кэлбитэ. Гараастан таһаараммыт хаамтаран көрбүппүт. Иһигэр икки киһи хааман салайар. Күнүс дьон элбэҕэр хаамтарбаппыт. Ыраахтан көрдөххө туох эрэ улахан хаама сылдьара соһуччу буолуон сөп. Ол иһин түүн дьон суоҕар хаамтаран бэрэбиэркэлээн көрөбүт. Ити аарымабыт оҕотун кытта Орто Азияҕа сылдьан кэлбитэ. «Азия оҕолоро» оонньууларга биһиги моҕотойу уонна сэлиини оҥоро сылдьабыт. Билигин көстүүмнэри, маскарааттары оҥорон бүтэрдибит. Ону таһынан оонньууларга сыһыаннаах АРТ эбийиэктэри, ол эбэтэр моҕотой уонна сэлии фигураларын атыы-эргиэн кииннэригэр уурарга анаан оҥортуубут. 2015-2016 сылга төрөөбүт оҕолор «Азия оҕолоро» оонньуулары билбэттэр, ол иһин билиһиннэрэр соруктаах бу АРТ эбийиэктэри оҕолор, дьон хаартыскаҕа түһэригэр анаан бэлэмниибит.
— Айаал, айар үлэҕит ситиһиилээх буоллун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: