Куйаар ситимигэр тарҕаммыт сонуҥҥа олоҕуран суоппар улахан суумаҕа ыстарааптанна
Госавтоинспекция сулууспата куйаар ситимин кэтээн көрүү тэрээһиннэрин кэмигэр социальнай ситимнэринэн суол быраабылатын кэһии тахсыбыт сонуна тарҕаммытын буллулар.
Социальнай ситим сонунугар киин куоракка «Шанкси SX32» таһаҕас тиэйэр массыына суоппара суол быраабылатын уонна таһаҕаһы тиэйии ирдэбиллэрин кэһиини таһаарбыта быһаарыллына. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата суруйар.
Тырааныспар суоппарын ДПС батальонун үлэһиттэрэ көрдүүр дьаһалларынан буллулар уонна эппиэккэ тардыахтара. Бэрэбиэркэ кэмигэр суоппарга административнай матырыйааллары толордулар. Суоппар массынатыгар ирдэнэр тахограф оборудованиета суох айаннаабыта уонна таһаҕаһы тиэйии быраабылатын кэһиини таһаарбыт чахчыта чуолкайданна. Буруйдаах барыта холбоон 5500 солк. суумаҕа ыстарааптаныа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: