Кулун тутар билгэтэ
Хаһан томороон тымныылар ааһа охсон, күн уһуур диэн кэтэһэрбит, номнуо кулун тутарга үктэннибит. Ол эрээри, өссө даҕаны кыһын. Сааскы кэм 78 хонуктаах диэн ааҕаллар уонна кулун тутар 17 күнүттэн саҕаланарын бэлиэтииллэр.
Өбүгэлэрбит ханнык баҕарар дьыл кэмин кэрдиистэргэ араараллара.
Сааскы кэм түөрт кэрдиискэ арахсар
Бастакы кэрдиис: Ылаанньыйыы – 29 күн. Кулун тутар 17 күнүттэн муус устар 13 күнүгэр диэри ааҕыллар.
Иккис кэрдиис: Хаар ууллуута – 21 күн. Муус устар 14 күнүттэн ыам ыйын 3 күнүгэр диэри буолар.
Үһүс кэрдиис: Саас уһуктуута – 16 күн. Ыам ыйын 4 күнүттэн ыам ыйын 21 күнүгэр диэри.
Төрдүс кэрдиис: Саас ситиитэ – 12 күн. Ыам ыйын 12 күнүттэн бэс ыйын 3 күнүгэр диэри турар.
Сааскы билгэлэр:
— Кулун тутарга сылаас тыал үрдэҕинэ, ардахтаах сайын буолар.
— Саас тымныы буоллаҕына, тобурахтаах ардах үксүөҕэ. Соҕурууттан ириэрдэҕинэ – сайына тымныы.
— Кулун тутарга тыалырдаҕына, хаардаатаҕына үчүгэй сайын буолар.
— Кулун тутар ыйа былыттаах халлааҥҥа таҕыстаҕына, ардахтаах сайын буолар.
— Сут сыл буоларыгар моҕотой киһиттэн куттаммат.
— Саас хаар бытааннык ууллар буоллаҕына, сайына ардахтаах, ичигэс, хаһыҥа суох.
— Саас хаар түүн үөһүгэр диэри ууллар буоллаҕына, сайына сылаас уонна уһун буолар.
— Саас хаар үрдүгэр тураах быта (былахы курдук хара ыстаҥалас) түһэр буоллаҕына, аһыҥалаах сайын буолар.
— Саас хаар эрдэ хараардаҕына, ол кэннэ хара хапсыыр түстэҕинэ үүнээйи тахсыыта бытаарар.
— Саас халлаан уһуннук хатаатаҕына, тииҥ үөскээбэт дьыла буолар.
— Сааскы сарсыарда дьиэ таһыгар хаар чооруостара муһуннахтарына, сааһа хатааһыннаах буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: