Күн-дьыл туруга: Анаабырга, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ буурҕа түһүөҕэ
Бүгүн, олунньу 28 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ хоту өттүгэр кыралаан хаардыа. Анаабыр уонна Булуҥ улуустарыгар сөкүүндэҕэ 29-34 м/с, Усуйаанаҕа, Эдьигээҥҥэ 15-20 м/с түргэннээх буурҕа түһэрэ күүтүллэр.
Түүн уонна сарсыарда Булуҥ улууһугар сөкүүндэҕэ 35-38 м/с түргэн тыаллаах, буурҕа түһүөҕэ, салгын температурата -13-18°С, күнүһүн -8-13°С, илин улуустарынан түүн -23-28°С, күнүһүн — -15-20°с.
Бу туһунан ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Салгын температурата түүн — 35-40°С, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу -28-33°с, хоту -22-27°С, илин — 42-47°С, күнүс — -22-27°, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу — -13-18°С, хоту — -18-23°С, илин — -30-35°С.
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, соҕуруулуу-арҕааттан 1-4 м/с тыаллаах. Салгын температурата түүн -33-35°С, күнүс — -22-24°С тымныы.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: