Салгыы
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ: ханна хаар, ханна ардах

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ: ханна хаар, ханна ардах

Ааптар:
09.04.2024, 21:01
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Дьокуускайдааҕы гидрометеорология управлениета сарсыҥҥы, өйүүҥҥү күннэри хайдах буолуо диирий?

Хотугулуу-арҕаа кыралаан хаардыа, соҕуруу диэки инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр.

Анаабырга, Булуҥҥа, Өлөөҥҥө, Мииринэй оройуонун хоту өттүгэр сөкүүндэҕэ 15-20  м. тыаллаах буолуо диэн этэллэр.

Түүн кыраадыс -10-15°С, хотугулуу-илин -24-29°С, соҕуруу -3-8°С. Күнүс соҕуруулуу-арҕаа +5+10°С, хоту, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу:илин -2-7°С.

Муус устар 11-12 күннэригэр тугу сабаҕалыылларый?

Муус устар 11 күнүгэр хотугу оройуоннарга кыралаан хаардыыр. Эдьигээҥҥэ сорох сиринэн хойуу хаар түһүө. Соҕуруулуу-арҕаа, Бүлүү эҥэр инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр, күнүс сорох сирдэринэн ардаан ылыан сөп. Арктическай, Өлөөн, Мииринэй, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Бүлүү оройуоннарыгар кыралаан тыалырыа, сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 15-20 м. күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр. Хоту тыаллаах күн буолуо. Түүн -10-15°С, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу-илин намыһах сирдэринэн -20-25°С диэри тымныйыа, соҕуруулуу-арҕаа 0,-5°С. Күнүс киин, соҕуруу диэки +5+10°С, илин 0,+5°С, арҕаа 0,-5°С, хотугулуу-арҕаа -13-18°С.
Муус устар 12 күнүгэр хоту, соҕуруу оройуоннарга кыралаан хаардыыра күүтүллэр. Хоту сөкүүндэҕэ 15-20 м диэри тыалырыа. Түүн -10-15°С, киин, соҕуруу -2-7°С, арҕаа -15-20°С, хотугулуу-арҕаа -27-32°С, илин сорох сирдэринэн -18-23°С буолуо. Күнүс 0,-5°С, илин күнүһүн +1+6°С, хоту уонна хотугулуу-арҕаа -13-18°С.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
30 апреля
  • -7°C
  • Ощущается: -12°Влажность: 79% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: