Салгыы
Элбэх оҕолоох ыалларга өйөбүл туһунан

Элбэх оҕолоох ыалларга өйөбүл туһунан

29.04.2024, 19:00
Хаартыска СИА
Бөлөххө киир:

Саха сирин Ил Дархана элбэх оҕолоох ыаллары социальнай өттүнэн өйүүр эбии миэрэлэр тустарынан ыйаахха илии баттаата.

Ыйаахха олоҕуран элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥөлөргө олохтоммут төлөбүр кээмэйиттэн 30 бырыһыантан намыһаҕа суох кээмэйдээх чэпчэтиинэн туһанар бырааптаахтар. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоро босхо аһыахтара, ону тэҥэ куорат уонна куорат таһынааҕы тырааныспарка дьиэ кэргэттэрин дохуотуттан тутулуга суох босхо айанныахтара.
Бу эбии миэрэлэр 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн бэриллиэхтэрэ.
Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатыгар бу дьыл от ыйын 1 күнүгэр диэри сөптөөх нормативнай аакталары ылыыны хааччыйан, ыйааҕы олоххо киллэрии үбүлээһини быһаарыахтаах.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа элбэх оҕолоох ыала дойдуга саҥа баайынан уонна уопсастыбаны сирдээччинэн буолуохтаах диэн соругу туруорбута. Үс, түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох ыал хайы-үйэ үрдүк статустаах уонна судаарыстыба өйөбүлүнэн туһаныахтаах.
Саха сиригэр былыргыттан элбэх оҕолонуу үгэһэ баар. Бүгүн Саха сиригэр Уһук Илиҥҥэ олорор элбэх оҕолоох ыаллартан 1/5 чааһа олорор, бу 34 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал, баларга 118 тыһ.тахса оҕо баар.
Дьиэ кэргэн сылыгар тупсаҕай олохтоох ыал аатын-суолун үрдэтиигэ болҕомтобутун ууруохтаахпыт, көмөҕө наадыйар эдэр уонна элбэх оҕолоох ыалларга көмөлөһүөхтээхпит.
Ийэ буолууну уонна оҕо сааһы өйөөһүнү үбүлээһиҥҥэ үбүлээһин кээмэйэ 2018 сылтан 8-тан ордук элбээтэ (2018 сылга — 3,5 млрд солк.) уонна бүгүн 29,5 млрд солкуобайга тэҥнэһэр. Ылыллар миэрэлэр Саха сиригэр төрөөһүн таһымын ыһыктыбакка, үһүс уонна итинтэн салгыы оҕо ахсаана элбиирин хааччыйыаҕа.
Бүгүн Ийэ хапытаалын бырагыраамата, оҕо төрөөтөҕүнэ үбүнэн өйөөһүн, элбэх оҕолоохтор олорор усулуобуйаларын тупсарыы, сир учаастагын босхо биэрии уо.д.а. олоххо киирэллэр.

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 мая
  • 1°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: